21.11.2023 | 14:30

Кирилл Бычков албыннаппыт дольщиктар кыһалҕалара быһаарылларын мэктиэлээтэ

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков 44 албыннаппыт дольщикка кыбартыыраларын күлүүһүн туттарда, кинилэр «Ильинка» дьоҕус оройуонугар баар 32 кыбартыыралаах дьиэҕэ киирдилэр диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Кирилл Бычков албыннаппыт дольщиктар кыһалҕалара быһаарылларын мэктиэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа дьиэ олохтоохторо маннык үөрүүлээх түгэни уон сылы быһа кэтэстилэр.

«Бүгүҥҥү түгэн – Арассыыйа бэрэсидьиэнин уонна Саха сирин Ил Дарханын албыннаппыт дольщиктар кыһалҕаларын быһаарарга сорудахтарын ситиһиилээхтик толоруу дьоһун түмүгэ. 2023 сыл бүтүөр диэри биир даҕаны бырааба күөмчүлэммит, албыннаппыт дольщик   хаалыа суоҕа. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Дольщиктар бырааптарын көмүскүүр пуонда көмөтүнэн бары кыһалҕалаах эбийиэктэр үлэҕэ киириэхтэрэ», – диэн эрэннэрдэ Кирилл Бычков.

Кини бэлиэтээн эппитинэн, бу кыһалҕаны быһаарыы Ил Дархан Айсен Николаев улахан болҕомтотугар сылдьар.

«Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын иннигэр «албыннаппыт дольщик» диэн өйдөбүлү суох гынар соругу туруорда. Бу Тутуу министиэристибэтин уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Дольщиктар бырааптарын көмүскүүр пуонда үлэлэрин бэбиэскэтигэр сылдьар дьоһун суолталаах боппуруостартан биирдэстэрэ. Инники өттүгэр Саха сиригэр маннык көстүү суох буоларыгар эрэнэбин. Эбийиэктэр үлэҕэ киирэр болдьохторо көһөрүллүбэтин курдук, өрөспүүбүлүкэ былааһа региоҥҥа ыытыллар долевой тутууну кыраҕытык кэтиир», – диэн бэлиэтээтэ Кирилл Бычков.

Санатар буоллахха, Саха сирэ биир бастакынан албыннаппыт дольщиктары көмүскүүр федеральнай бырагыраамаҕа киирбитэ.

2019 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбата Дольщиктар бырааптарын көмүскүүр пуонданы тэрийбитэ, үбүлээһини көрбүтэ. Бырагыраамаҕа барыта 10 кыһалҕалаах эбийиэк киирбитэ, федеральнай Пуондаттан үбүлээһин 2,5 млрд солкуобайга тэҥнэспитэ (92%), олохтоох бүддьүөттэн үбүлээһин – 175 мөл солкуобай  (8%).

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ долевой тутуу үс кыһалҕалаах эбийиэгин  249 кыттааччытын күөмчүлэммит бырааптара көмүскэннэ. «Ильинка» дьоҕус оройуонугар үлэҕэ киирбит 32 кыбартыыралаах дьиэни таһынан, ахсынньы ыйга өссө Автодорожнай уокурукка баар 16 этээстээх олорор дьиэ ситэри тутуллуоҕа. Киин куорат 72-с кыбаарталын Поярков уулуссатыгар тутуллар оҕо балаһааккалаах гараас дольщиктарын бырааптарын көмүскээһин судаарыстыбаннай  бүддьүөт суотугар оҥоһуллуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....