10.04.2024 | 18:00

Кирилл Бычков: «2024 сылга ыаммыт үүккэ 3,5 млрд тахса үп көрүллүөҕэ»

Кирилл Бычков: «2024 сылга ыаммыт үүккэ 3,5 млрд тахса үп көрүллүөҕэ»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр биир киилэ ынах үүтүн оҥорон таһаарыыга субсидия кээмэйэ 60-тан 65 солк. диэри үрдээтэ. Маны сэргэ кэтэх хаһаайыстыбаларга биир ынахха субсидия 37-тэн 39 тыһ. солк. диэри үрдээтэ, Арктика оройуоннарыгар 45 тыһ. солк. диэри.

2024 сылга уопсайа 54,9 тыһ. туонна ынах үүтүн бэлэмниир былаан турар. Ол туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Эбээн-Бытантай национальнай уокуругар баар СӨ «Саха ынаҕа» генофонднай хааһына тэрилтэтин «Саккырыыр» уонна «Кустуур» отделениеларын сүөсүһүттэрин кытта көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.

«Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2024 сыллаахха «Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны бэрээдэктээһин» судаарыстыбаннай бырагырааманы үбүлээһин иэнэ 500 мөл. солк. үрдээн, 14,9 млрд солк. тиийдэ»,– диэтэ Кирилл Бычков.

Бу суума аҥаарыттан ордуга, 7,7 млрд солк., кэтэх хаһаайыстыбаларга, ынах сүөһүнү уонна сылгыны, табаны иитээччилэргэ туһаҕа тахсыахтаах. Премьер үүтү оҥорон таһаарыыны өйүүргэ ураты болҕомтотун уурда. Ол курдук, үүккэ субвенция көрүллэр, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө граннар ыытыллаллар. «Бу күннэргэ бырабыыталыстыба аатыгар үүтү оҥорон таһаарааччылартан бюджет субвенциятын кэмигэр тиэрдии туһунан элбэх ыйытыы киирдэ. 2024 сылга үүтү оҥорон таһаарыыга бырабыыталыстыба 3,5 млрд тахса харчыны ыытар. 2024 сыл муус устар 8 күнүнээҕи туругунан муниципальнай оройуоннарга уонна куорат уокуруктарыгар 892,5 мөл. солк. ыытылынна, онтон 235,2 мөл. солк., эбэтэр 26,4 %, туһаҕа таҕыста»,– диэтэ Кирилл Бычков.

Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, муниципалитеттар тыырыллыбыт харчыны кэмигэр туһаҕа таһаарбат буолууларын сүрүн төрүөтүнэн 2024 сыллааҕы үбүлээһин бэрээдэгин бигэргэтэр олохтоох нуорма-быраап аакталара суоҕа буолар.

«Нуорма-быраап аакталарын оҥоруу бу күннэргэ түмүктэнэн эрэр, субсидияны ылааччылар сүүмэрдэнэллэр. Онон муус устар иккис аҥаарыгар тыырыллыбыт харчыны туһаҕа таһаарыыга сөбүлэһиилэр түмүктэниэхтэрэ»,– диэтэ СӨ Бырабыыталыстыба  Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков.

Үүтү туттарааччыларга субсидиялары биэрии туһунан сиһилии Кирилл Бычков бэйэтин телеграм-ханаалыгар билсиэххэ сөп: https://t.me/kirill_bychkov_yakutia/1410.

Санатар буоллахха, Саха сирэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэнньэ ахсаанынан Арассыыйаҕа Ставропольскай кыраай кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар. Ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ хас биирдии 1000 киһитигэр үстэн ордук фермер тиксэр. Бу көрдөрүү бааһынай уонна фермерскэй хаһаайыстыбаларга, селекционнай собуоттарга, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын переработкалааччыларга оҥоһуллар судаарыстыбаннай өйөбүл түмүгэр ситиһиллэр. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр өйөбүл хас даҕаны олохтоох уонна федеральнай бырагыраама суотугар оҥоһуллар, олортон биирдэстэринэн 2019 сылга дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһинэнэн саҕаламмыт «Дьоҕус уонна орто урбаан» бырайыак уонна «Агростартап» буолаллар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....