29.07.2021 | 10:38

Кириэмили кытта хамсатан...

Үс саха Монреаллааҕы өрөгөйүн үөрүүтүн 45 сылынан уруй-айхал!!!
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

1976 с. Одессаҕа ССРС көҥүл тустууга чемпионата саҕаланарын  эрдэттэн кэтэһии да кэтэһии буолбуппут. Онно кыайбыт Монреаллааҕы олимпиадаҕа барыан сөп.

 

Үс уоламмытыгар эрэнэбит. Роман Дмитриевкэ 48 кг. Павел Пинигиҥҥэ 68 кг. улахан державаҕа утарылаһыах киһилэрэ былырыыҥҥа диэри суох курдуга. Быйыл Европа чемпионатыгар 48 кг. Анатолий Белоглазов, 68 кг. Александр Матвеев чаҕылхайдык бастаатылар. Баран көрбүт сахалар олох кутталлаах тустууктар таҕыстылар дииллэр. Александр Иванов 1974 с. дойду түһүлгэтин чемпиона  буола сылдьыбыта, 1972, 1973, 1975 сс. миэстэлэспитэ. Тбилиситээҕи түһүлгэҕэ түөртэ бастаабыта.  

Дьэ, бу сырыыга хайаһаллар? Эргииртэн-эргиир аайы кыайыы көтөллөнөн иһэллэрин араадьыйанан истэ-истэ өссө долгуйбуппут. Киэһэ “Маяк” ханаалы кэтэһии буолла. Чемпионнарга үһүөннэрин ааттаатылар ээ. Ураа!

1976 с. от ыйа.  Монреальга кыттар олимпиецтары ыытар  сайаапка барыта кэриэтэ оҥоһуллубут. Арай, баччааҥҥа диэри, күрэхтэһии саҕаланара бу кэллэ даҕаны,  испииһэккэ ССРС-тан көҥүл тустууга 52 кг. киһи аата суох (?). ССРС-ка бастаабыт Александр Иванов барыахтаах буоллаҕа. Сатаха, уолбут сүрүн утарсааччылара бары кавказецтар, урут киниэхэ хоттордохторуна да, солбуһа сылдьан улахан түһүлгэҕэ, ордук ССРС көҥүл тустууга сүрүн тренерин Шахмурадов биир дойдулааҕа Алахвердиев,  Александр оннугар бараллара ээ. Бу да сырыыга оннук буолаары гынна дуу?

Азербайджаҥҥа төрөөбүт, Дагестантан тустуук буолбут Ю.А.Шахмурадовы, тустуу федерациятын атын-атын чилиэннэрин куоластатыыга атыылаһаары гынан эрдэхтэрэ,  «дипломатка» (оччотооҕу моднай суумка) тутуурдаах кавказецтар «Дарагой, дарагой», - дии-дии уора-көстө  эккирэтэ сылдьар сурахтара сир аннынан иһиллэр. Арааһа харчыны толору хаалаабыттарын бэрик биэрэ сатаан  эрдэхтэрэ. Баку “күлүк” баайа Айдын Ибрагимов  Т.Пашаевын харса суох анньара биллэр.  

Казахстан тренердэрэ ыксаан, биир дойдулаахтарыгар, ССРС олимпийскай спортивнай делегациятын салайааччыта, классическай тустууга олимпийскай чемпион А.И.Колесовы утуппат буолбуттар.

Кириэмилгэ билэр тойонноох тугу барытын уларыттарар.  Компартия КК генеральнай секретара Л.Брежнев Азербайджан, Казахстан бастакы секретардарын олус астынар. (Соцүлэ геройунан Гейдар Алиевы  иккитэ, Динмухамед Кунаевы үстэ оҥорбута). Ол дьоннорун көмөҕө холбоон, Бакуттан, Алма-Ататтан Кириэмилгэ эрийдилэр да, олимпиецтарын ааттаталлара дуораана иһиллэр.   Түмүгэр, хата,  А.Иванову—Т.Пашаевтыын сирэй көрүһүннэриилэрин көһөрөн-көһөрөн баран, дьэ киһи эрэ буоллар, оҥорбуттар. А.Иванов кыайбыт, барар буолбут! Ураа! Хайдах курдугуй? Сэбиэскэй Сойуус курдук 250 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх, 100 тахса араас омуктаах, киэҥ сирдээх улуу держава көҥүл тустууга олимпиадаҕа кыттар сүүмэрдэммит хамаандатыгар 10 бөҕөһүттэн үһэ саха!!!

Дьэ аны билгэлээһин бөҕө буоллубут эбээт.

48 кг. Роман сүрүн утарсааччыта аан дойду уонна Европа иккилии төгүллээх чемпиона болгарин Хасан Исаев эдэр. 1973 сылаахха Тегераҥҥа Романныын аан дойду чемпионатыгар хардары-таары бырахсыыларга иэмэх мастыы эриспиттэр. Хайалара да балл биэрбэт. 14 сөкүүндэ хаалбытыгар Роман уопутунан баһыйан биир баллы ылан кыайбыта. Уола эбилиннэҕэ. Роман ол кэннэ ыйааһын түһэрииттэн сынньанан, күүс мунньунна. Кыайар ини. Өссө биир кутталлаах японец Кудо—аан дойду кубогын кыайыылааҕа.

52 кг. аан дойду икки чемпионатыгар японец Юдзи Такада тэҥнээҕин булбатаҕа. Хапсыһыыга мүнүүтэттэн-мүнүүтэ аайы кыаҕын ыллар-ылан иһэр ураты бөҕөс. Александр маҥнайгы мүнүүтэлэргэ туттуммахтаан хаалыан наада. Атыттары кыайталыан сөп этэ.

68 кг. П.Пинигиҥҥэ аан дойду—73 с. чемпиона американец Л.Кизер бэйэтин континеныгар киирсэн туруон сөп. Урут Пинигин кинини ССРС-ка буолбут улахан аан дойдутааҕы түһүлгэлэргэ үстэ утары көрсүбүттэригэр бастаан Киевкэ матчка тэҥнэспитэ. Иккиһигэр АХШ-ка хотторбута. Кэлин Минскэйгэ  кыайбыта. Онон Канада да Америка ылыа, онно ити кэнтиниэн дьонун кытта киирсэр ыарахан.  Сэрэбиэйтэн тутулуктаах буолуо. Байбал утарсааччыларын үнтү барчалаан сылатан  тустара ордук аһыллар. Оннукка азиаттар тулуурдаах буолан сылайан биэрбэккэ эрэйдииллэр. Кинилэргэ эрдэ түбэстэҕинэ ыарахан.  

Хабыр хапсыһыылар саҕаланар күннэрэ үүннэ. Телевизорга аҕыйах хапсыһыыларын көрдөрдүлэр. Уолаттарбыт үһүөн уһун баттахтаахтар. Киирсэн баран кэлэр санаалаахтар. Көбүөргэ таҕысталлар эрэ, иннилэрин диэки кимэртэн атыны билбэттэр. Туманнатан сүрдээхтэр. Ньургун Боотурдардыы утарсааччыларын ыла-ыла быраҕаттыыллар. Араадьыйаҕа хас эргиир түмүгүн ахсын ыйааһын бэрээдэгинэн «победили Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин...» диэн истилэр. (57, 62 кг. Владимир Юмин, Сергей Тимофеев эрдэ хотторбуттарынан биһиги уолаттарбыт үһүөн бастакынан ааттаналлар) Ол аайы биһиги үөр да үөр! Кэпсэтии барыта ол эрэ туһунан. Аны тустуу үһүс-төрдүс күннэриттэн араадьыйа кыайбыттарга Пинигин аатын ааттаабат буолан хаалла(?). Дьэ, дьиксиннибит. «Кизергэ кыайтардаҕа дуу?» - таайа сатыыбыт.

Оттон араадьыйа түмүгү биллэрэрин ампаарга кэтээн олорбуппут: «Олимпийское золото завоевали: Владимир Юмин... (??? сүрэхпит парк гынна, кыра ыйааһыннары урут этээччилэр, Роман? Иванов?) Павел, -диирин кытта Пинигин диэн икки ардыгар омуннаах дьон, убайым Бүөккэ уонна тастыҥ бырааппыт Васек (бу күннэргэ эмискэ биһиги кэккэбититтэн туораабыт учуонай Ушницкай) ойон турбуттара:

- Уу, Байбал! Эппэтэҕим дуо?! Байбал!— Оо, кэм даҕаны кини обургу! Ура-а!)...

- Бээ, аргыыйыҥ-аргыыйыҥ.—салгыы араадьыйаҕа кулгаахпын даҕайабын: «серебряными призерами стали Роман Дмитриев, Александр Иванов...» Туох да диэхпитин булбакка таһырдьа сүүрдүбүт. Бээ, Роман хайдах хоттордоҕой? Чэ, ол да буоллар оһуобай буолбаат: Олимпиадаттан үс мэтээл!!! Биир кыһыл көмүс!!! Икки үрүҥ көмүс! Ок-сиэ, Байбал! Байба-ал! Уолаттар—Ньургун Боотурдар! Уулуссаҕа дьон араадьыйаттан билбиттэр быһылаах, онтукаларын атыттарга иһитиннэрэн үөрдээри хамсаныылара түргэтээбит. Ыраахтан хаһыытаһа түһэллэр: «Уолаттар...». Төттөрү-таары хаамсыы-сиимсии, сүүрүү-көтүү буолбуттар. Оҕонньоттор эдэрдэригэр түспүккэ дылылар.

Дьэ, онтон кэтэһэн телевизор ханна ордук көстөрүн «разведкалаатыбыт». Тыа сиригэр үрдүк антенналаахтар эрэ Монреальтан биэриилэри «ылбыттара». Поэт Василий Саввиннаах ыаллартан барыларыттан арыый ордук көрдөрөр телевизордаахтар эбит.

Роман  Кудолуун туста сылдьар, кыайан иһэр. Хайа, бу тугуй? Киһибитин үһүс сэрэтии биэрэн устан кэбистилэр. Оо, судьуйалар балыйбыттар эбит. Ол иһин даҕаны Роман мээнэ хотторуо суохтаах этэ. Исаевы 9:6 хоппут эбит ээ. Дьэ, кыһыы эбит.

Аны Иванов—Такада киирдилэр. Такада уруттаан иһэр, Иванов тэҥҥэ барсар. Хардары-таары балл ылыс да ылыс буолаллар. Алдьархай киирсии эбит дии. Дьэ, иккис-үһүс түһүмэхтэргэ  Такада сабырыйан барда. Кинини 20-с үйэ улуу тустуугунан ааттыахтарын ааттыыллар эбит. Оннук киһиэхэ Александр киирсэ сатаата ээ.  Олимпиадаҕа барара эрдэттэн биллэн анаан-минээн эрчиллибитэ буоллар, өссө утарсыа эбит ээ.

Дьэ эрэ, Пинигин—Кизер. Комментатор Пинигини японецтыын киирсэ сырыттаҕына сэрэтэн кыайтарыы биэрбиттэрин эттэ уонна манна 8 баллынан эбэтэр ыраастык кыайдаҕына эрэ бастыахтааҕын быһаарда. Тугун сүрэй. Аан дойду чемпиона американецка Канада син биир дойдута кэриэтэ буоллаҕа. Аны туран капдойдулар син биир соцдойдулары утары ыалдьаллар. Дьэ, хайдах кыайдаҕай? Ол икки ардыгар Байбал Кизеры атахха тэптэ-э, киһитэ көтөн икки баллга түстэ! Көрөөччүлэр хаһытаабытынан бары олоппоспуттуттан ойон турдубут, телевизорга өссө чугаһаатыбыт. Уолбут ити албаһын өссө оҥордо. Уонна бииртэн-биир быраҕыыларынан баллын эбэн истэ. Пинигин кыайбытын туһунан араадьыйаттан истибиппитин умнубут, бу туста сылдьарын көрөр курдук сананныбыт. Хапсыһыы хайдах түмүктэниэхтээҕин өссө билбэккэ, элбэх баалы ыларыгар баҕаран, ыалдьан ыһыытаан-хаһыытаан бардыбыт. Түргэнник 8 баллы ылыан, эбэтэр ыраастык ууруон баҕаран, айдаан бөҕөбүт! Уолбут негр суперменын сотору-сотору умса тардан түһэрэр. Ахсаан 8:0! 9:0! Өссө! 10:0! 10:1 ничего! 12:1! Гонг! Ураа!!!

Аан дойду саамай улахан түһүлгэтигэр көҥүл тустууга, бухатыырдар күрэхтэригэр үс саха үһүөн мэтээлгэ тиксиилэрэ хайдаҕый?! Саха сирин аан дойду барыта биллэ! Өссө кыһыл көмүс эмиэ баар! Буолаары буолан, киһи-аймах орто ыйааһыныгар 68 киилэлээхтэргэ!

Саха сирин кыракый сэлиэнньэлэригэр элбэх уол тустуук буолуохтарын баҕардылар. Атын да көрүҥнэргэ дьаныһан туран Роман, Байбал, Александр курдук дьарыктаннахха, кинилэрдии ситиһиилэниэххэ сөп эбит буоллаҕа.

Уолаттар үһүөн оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар ыраах Саха сирин кыракый сэлиэнньэтигэр, Чурапчы оройуонун киинигэр тиийбиттэрэ. Итиннэ Монреаллааҕы өрөгөй буолуо 20-чэ эрэ сыл иннинэ анал физкультурнай үөрэҕэ суох Дмитрий Петрович Коркин, идэтинэн нуучча тылын үөрэтэрин быыһыгар тэрийбит секцията, спорт оскуолаҕа кубулуйбута. Уолаттар үһүөн, онно киниэхэ эрчиллибиттэрэ! Уонна аҕыйах сыл иһигэр ити. Мюнхеннааҕы, Монреаллааҕы олимпиадаларга холбоон 2 кыһыл, икки үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕаллылар! 

Телевизор, араадьыйа, хаһыаттар, сурунааллар уолаттар ити кыайыыларынан Саха сирин туһунан хаста-хаста кэпсээтилэр этэ. Өссө киммит эмэ кыайдар эрэ хат көбүтэн, урут оннук уолаттара кыайбыттара, аны бу диэн син-биир кэпсии тураллар. Дьэ, санаан кэллэххэ, ол кыайыы биһигини билиҥҥэ диэри үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэргэ кынаттыыр! Уонна хос-хос дуораһыйан, Саха сирин, норуотун дьоһуннук ааттата турар. Өрөгөй күнүн бэлиэтиир дьаһал тахсыбыта олус сөптөөх. Ити дьаһал сураҕы кынат оҥостон  Токио-2020-2021 сс. олимпиадаҕа Айаалбыт аар саар ааттаахтарын түһүлгэтигэр Албан ааты Айхаллаттар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....