Кирэдьииттэн сынньаныахха сөп буолла
Билигин, дойду үрдүнэн бүрүүкээбит ыарахан балаһыанньанан сибээстээн, кирэдьиит сынньалаҥын (кредитные каникулы) хайдах ылыахха сөбүн туһунан Госдуума сайтыгар таһаардылар.
Баантан харчы иэс ылан баран сатаан төлөһөр кыаххыт суох буоллаҕына, кирэдьиит сынньалаҥын ылыаххытын сөп.
«Кирэдьиит сынньалаҥа» диэн тугуй?
Кылгас болдьоххо ылыллар миэрэ. Кирэдьиит ыйдааҕы сууматын кыччатыахха эбэтэр хас эрэ ый төлөөмүөххэ сөп. Пеня уонна ыстараап ааҕыллыа суохтаах, кирэдьиитинэй историяҕыт буорту буолбат.
Хаһан олоххо киирдэ?
2022 сыл кулун тутар 8 күнүттэн 106 нүөмэрдээх Федеральнай сокуон үлэлээтэ. Икки сыллааҕыта пандемия саҕаланарыгар үлэлээбит сокуон хат сөргүтүлүннэ.
Болдьоҕо хайдаҕый?
Кирэдьиит ылан баран сатаан төлөспөт балаһыанньаламмыт киһи 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри “сынньалаҥҥа” сайаапка түһэриэн сөп.
Ханнык кирэдьииттэргэ сынньалаҥ бэриллэрий?
Ипотекаҕа;
Потребительскай кирэдьииккэ;
Массыына ылбыт кирэдьииккэ;
Кирэдьиит каарта иэһигэр.
Чэпчэтиилээх болдьоҕу ким быһаарарый?
Иэс ылбыт киһи бэйэтэ 1 ыйтан 6 ыйга диэри сынньалаҥ ылыан сөп.
Биир кирэдьииккэ биир сынньалаҥ бэриллэр.
2020 сылга сынньалаҥ ыла сылдьыбыт буоллаххытына, быйыл хаттаан сайаапка биэриэххитин сөп.
Сынньалаҥ иэһи соппот!
Сынньалаҥ кэнниттэн иэс ылбыт киһи кирэдьиитин графигынан төлөөн барар, онтон сынньалаҥ кэмигэр төлөөбөтөх сууматын салҕыы төлүүр.
Чэпчэтиинэн туһаммыт кэмҥитигэр бырыһыан син биир ааҕыллар – дуогабарга олоҕуран.
Ипотека сынньалаҥар маарынныыр дуо?
Урут биллэриллибит ипотека сынньалаҥар маарыннаабат, онно атын быраабылалардаах этэ. Ипотека кирэдьиитин сынньалаҥынан туһана сылдьар кэмҥитигэр кирэдьиит сынньалаҥа бэриллибэт.
Бу ирдэбиллэр барыта толоруллуохтаахтар:
Иэстээх киһи дохуота сайаапка биэриэн биир ый иннинэ былырыыҥҥыттан 30 бырыһыан намтаабыт буолуохтаах.
Кирэдьиит дуогабара 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри оҥоһуллубут буолуохтаах.
Иэс ылааччы ипотека сынньалаҥын туһана сылдьыбыт буолуохтаах.
Кирэдьиит уопсай суумата (хаалбыт суума буолбатах) быраабылаҕа ыйыллыбыт сууматтан кыра буоллаҕына.
Төһө суумалаах кирэдьииттэн сынньаныахха сөбүй?
Автокирэдьиит – 700 тыһ. солк. элбэх буолуо суохтаах.
Потребительскай кирэдьиит – 300 тыһ. солк.
Кирэдьиит каартата – 100 тыһ. солк.
Ипотека лимиитэ регион аайы араастык быһыллар. Холобур, Москваҕа уонна Санкт-Петербурга 6 мөл. солк., Уһук Илин региоҥҥа – 4 мөл. солк., атын регионнарга – 3 мөл. солк.
Сайаапканы хайдах биэрэбит?
Бааҥҥытыгар тиийиэххитин сөп. Сбер, ВТБ курдук бөдөҥ бааннар официальнай сайтарыгар килийиэн тус кабинетыгар оҥотторуохха сөп.
Баан ханнык докумуоннары ирдиирий:
2-НДФЛ дохуот туһунан ыспыраапканы.
Үлэтэ суох учуотугар турбуккут туһунан ыспыраапканы.
Ыалдьыбыккыт туһунан бүлүтүөнү.
Баан ирдээбит докумуоннарын, сайаапка биэрэн баран, 90 күн иһигэр туттарыахтааххыт. Ураты биричиинэнэн өссө 30 күн уһаттарыаххытын сөп.
Ол кэннэ баан 5 күн иһигэр быһаарыы таһаарар.
Ыйдааҕы орто дохуот хайдах ааҕылларый?
Манна хамнас эрэ киирбэт, туох баар көмө төлөбүр, босуобуйа барыта ааҕыллар.
Баан эһиги тускутунан сиһилии информацияны Биэнсийэ пуондатыттан, нолуок сулууспатыттан, бириистэптэртэн ирдэһиэн сөп.
***
Кирэдьиит сынньалаҥар сылдьан кирэдьииккит сүрүн иэһин төлүөххүтүн уонна толору сабыаххытын эмиэ сөп.
Кирэдьиит сынньалаҥын биэрэри аккаастаатахтарына, Роспотрбенадзорга, “Банк России”, финансовай боломуочунайга, прокуратураҕа үҥсүөххэ сөп.