14.05.2021 | 12:21

Кинилэр илиилэригэр биһиги олохпут

Кинилэр илиилэригэр биһиги олохпут
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 12 күнэ – аан дойду үрдүнэн Медицинскэй сиэстэрэ күнэ. Кыратык историяны сэгэтэр буоллахха, бу күн Аан дойду медсиэстэрэлэрин Сүбэтин иитинэн ааһар. Аан бастаан бу күнү бырааһынньыктыыр этии 1953 сыллаахха көтөҕүллүбүт, ол эрэн 1965 сылтан эрэ бэлиэтэнэр буолбут. 1974 с. ICN Аан дойду үрдүнэн сиэстэрэлэр күннэрин амарах сүрэхтээхтэр сулууспаларын төрүттээбит Флоренс Найтингейл төрөөбүт күнүгэр сыһыаран ыам ыйын 12 күнүгэр бэлиэтиир быһаарыыны ылыммыт.

 

ЫЛЛАА МИЭХЭ, СИЭСТЭРЭМ

В. Чиряев тыллара

Ф. Корнилов матыыба

Ыллаа миэхэ, сиэстэрэм,

Ыйдаҥаҕа долгутан,

Саллар этиҥ, сааскы кэм

Сардаҥатын санатан.

Киэһэ көтөр саҥата

Төйө намтыы уоскуйда,

Тимир ууһун кыһата

Чуҥкунуура уурайда.

Ыллаа: хайдах кыыс санаан,

Ыраах уолун күүппүтэй,

Хараҥа түүн быыһыттан

Хап-харанан көрбүтэй,

Ыллаа миэхэ, сиэстэрэм,

Ыйдаҥаҕа долгутан,

Саллар этиҥ, сааскы кэм

Сардаҥатын санатан.

 

Киһи орто дойдуга кэлиитигэр төбөтүн оройунан аан бастаан үрүҥ халааттаах аанньал сылаас ытыһыгар төкүнүс гына түһэр. Онтон кинилэри кытта алтыһаҕын, көрсөҕүн, кинилэр сылаас сыһыаннарын, үтүө сүбэлэрин, эмтииллэрин олоҕуҥ устатын тухары син биир көрсөҕүн. Медицинскэй үлэһиттэр диэн төһөлөөх киһи үрүҥ тыынын өллөйдөөбүттэрэ, олохторун быыһаабыттара буолуой. Санаан көрүҥ, уоттаах сэрии ортотуттан бааһырбыттары соһон таһаарааччылар, бастакы аан дойду сэриитигэр кыһыл кириэстээх суумканы сүгэ сылдьааччылар, буулдьа буһурук буруотуттан эн тыыҥҥын көмүскээри тыылга аҕалан эмтээччилэр – бу барыта сиэстэрэлэр, быраастар, санитаркалар этилэр. Биһиги кинилэргэ үйэбит тухары махтанабыт, кинилэри ытыктыыбыт уонна сүгүрүйэбит.

Бүгүн икки дьүөгэлиилэр, 80-с сыллартан күн бүгүҥҥэ диэри биһиги тыыммытын өрүһүйэ, эмтии-томтуу сылдьар кыргыттар, сиэстэрэлэр ахтыыларын, кэпсээннэрин эһиэхэ тиэрдиэхпин баҕарабын. Кинилэр оччолорго иккиэн саҥардыы аһыллыбыт 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа урологическай салаатыгар үлэлээбиттэрэ.

Екатерина Григорьевна Андреева, “Медицинскэй комплекснай проблемалар Дьокуускайдааҕы научнай киин” Клиника кылаабынай медицинскэй сиэстэрэтэ, 34 сыл ыстаастаах.

–Мин Кэбээйигэ орто оскуоланы бүтэрэн баран, икки сыл дойдубар телефонисткалаабытым, онтон Томксайдааҕы медицинскэй училищеҕа үөрэнэ барбытым. Үөрэхпин бүтэрэн, 1987 сыллаахха уобаластааҕы балыыһаҕа урология салаатыгар ананан кэлбитим.

Ийэм ыарыһах буолан, оҕо эрдэхпиттэн быраас буолуохпун баҕарар этим. Оскуола кэнниттэн телефонисткалаан идэбин булбут курдук санаммытым да, хайдах эрэ оҕо сааһым баҕа санаата таайан, Томскайга баран хаалбытым. Кимиэхэ эмэ көмөлөһүөхпүн баҕарарым, ийэм ыарыйдаҕына түүн-күнүс да буоллун, биэлсэр ыҥырар этилэр, кини кэлэн наһаа кыһаллан эмтиирин көрө үөрэнэммин миэхэ бу сырдык уобарас, аанньал курдук өйбөр олорон хаалбыт эбит этэ. Онон сиэстэрэ, быраас диэн араарбакка, кылаабынайа дьоҥҥо көмөлөһөр медик буолар баҕа санаам баһыйбыта. 

Бииргэ төрөөбүт алтыабыт, дьонум сопхуос туруу үлэһиттэрэ этэ, аҕам сэрии бэтэрээнэ, үйэлэрин тухары хара үлэҕэ сылдьыбыттара. Ол саҕана производствоҕа үлэлии хаалар үрдүк идея, ыҥырыы баара. Ийэм аах туохтарын барытын ууран туран үөрэн диэбиттэрэ. Түөрт кыыстан мин кыралара этим.

Үөрэнэ сылдьан быраактыкабытын Томскай куорат улахан балыыһаларыгар барарбыт, иккис куурустан поска соҕотоҕун аныыллара, үлэһит тиийбэт курдук этэ, эппиэтинэс олус үрдүгэ. Кардиологическай киин, атын ханнык да отделение буоллун, үлэҕэр бытааннык да буоллар киирэн хаалаҕын. Онон улахан куоракка, улахан, аатырар балыыһаларга быраактыка барбытым олохпор, үлэбэр улаханнык көмөлөспүттэрэ.

Дойдубар үктэнэн, урология салаатыгар ананан үлэлии киирбитим. Кэлэктиип наһаа үчүгэйдик көрсүбүтэ, старшай сиэстэрэ эҥин ийэлээх аҕабыт курдук адаптацияны ааһарбытыгар күүс-көмө буолбуттара. Эдэрдэр диэн туоратыы суоҕа, хос үлэлээбиппитин төлөөн иһэллэрэ, онон хайдах эрэ эрэллээх баҕайытык кэлэктиипкэ да, үлэбитигэр да киирэн хаалбыппыт.

Отделение ыарахан этэ, үлэһит илии тиийбэтэ, 70-ча ыарыһахха биир сиэстэрэ үлэлиирэ, эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнии барыта сиэстэрэҕэ сүктэриллэрэ. Бүөр, хабах ыарыыта диэн атын хайысха буоллаҕа дии, призывниктар биһиги нөҥүө ааһаллар, араас саастаахтар бары бааллара, эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ. Маннык ыарахан үлэҕэ, дьуһуурустуба кэнниттэн да буоллун, кыргыттар олус өйөһөн, уопсайга олорон, наһаа үчүгэйдик өйдөһөн үлэлээбиппит. Онтон отделениебыт 1991 сылга Жатайга көспүтүгэр бары үрүө-тараа тарҕаспыппыт.

Мин чуолаан хирургия, гинекология, урология салаатыгар үлэлээбитим. Онтон 2003 сыллаахха СГУ-га “Факультет высшего образования” киирбитим, 2008 сылга бүтэрбитим уонна Новосибирскай университетыгар интернатурабын барбытым, 2009-2010 сылларга.

Дьиэ кэргэммин кэпсиир буоллахха, икки уоллаахпын, билигин улахаттар, аҕалара, кэргэним эрдэ өлбүтэ, оҕолор 10-11 саастарыгар. Дьонум, ийэм, аҕам, доҕотторум көмөлөһөн атахпытыгар туран билигин икки сиэннээхпин.

Сиэстэрэ үлэтэ олус эппиэтинэстээх, оттон кылаабынай сиэстэрэ үлэтэ өссө икки бүк эппиэтинэһи сүгэр. Бэйэҥ анныгар турар сиэстэрэлэри барыларын дьаһайан, эминэн-томунан хааччыйыы, балыыһа тугунан тыынан олорорун, тугу саныылларын кытта билэ сылдьыахтааххын.

Биһиги ассоциациялаахпыт: “Саха сирин орто үөрэхтээх медицинскэй специалистарын ассоциацията” диэн. Бу уопсастыбаннай үлэбит буолар, мин Этическэй кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буолабын. Саха сирин орто үөрэхтээх специалистарын биир хамаанда оҥоробут. Саҥа уларыйыылары билиһиннэрэбит, кылаабынай сиэстэрэлэр үлэҕэ киирдэхтэринэ адаптация ааһалларыгар көмө буолабыт, ыйан-кэрдэн биэрэбит, оройуоннарынан сылдьан конференциялары, семинардары, маастар-кылаастары ыытабыт. Мин манна 2009 сылтан бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьабын. Салайааччыбыт Аграфена Васильевна Яковлева, билигин Национальнай медицина киинигэр үлэлиир. Уопуттаах сиэстэрэ, салайааччы быһыытынан барыбытын түмэн үлэлэтэр. Биир хамаанда буолан, олус табыллан үлэлии сылдьабыт дии саныыбын. Орто үөрэхтээхтэр категория бараллар, аккредитация баран эрэллэр, билигин сертификат диэн суох буолар, онно барытыгар биһиги үлэлиибит. Мин сүрүн үлэбэр мэһэйдээбэт дии саныыбын, кылаабынайа киһи бэйэтэ былаанын сөпкө торумнуохтаах. Ковид саҕана улахан түмсүүлэри боппуттара, онон уопут атастаһыы барыта онлайн аастылар. Технология сайдан үлэҕиттэн аралдьыйбакка, тэйбэккэ миэстэтигэр олорон үөрэнэриҥ эмиэ үчүгэй өрүттэрдээх эбит.

Ыарыы кэлбитигэр медиктэр саҥа балаһыанньаҕа үлэлииллэригэр ирдэбил бөҕөтө этэ. Биир түмсүү буолан түргэнник үөрэммиттэрэ, ылыммыттара. Дойду барыта да маннык кутталлаах инфекция турбутугар ыксаабыта, норуот долгуйбута, ону түмэ тардан, дьону үөрэтэ охсон, саҥа ирдэбилгэ түргэнник эппиэттии охсоллоругар ассоциациябыт улаханнык көмөлөспүтэ. Биһигиттэн дьон олоҕо тутулуктаах буоллаҕа, эпидемия салгыы барбатын диэн. Этэргэ дылы, хайдах кыахтаахпытынан саҕалаатахпыт дии, онтон дойду бэйэтэ ылсан, син сыыйа-баайа үөрэнэн, үлэлээн барбыппыт. Ассоциациям аатыттан “Талбан” биэриигэ кытта сылдьыбытым, анаалыһы туттарыы туһунан тиэмэлэргэ.

Клиникабытыгар сытар ыарыһахтары көрөбүт, амбулаторнайдар тастан эмтэнэллэр, кыһыл биригээдэлэри тэрийэн зонанан арааран үлэлиибит. Сиэстэрэлэрим бары уопуттаахтар, биир сыалы ситиһэбит, оннук да биир санаанан үлэлии сылдьабыт.

Идэбин сирбэппин, аналым маннык, дьоҥҥо көмөлөһөрбүттэн үөрэбин эрэ. Кылаабынай сиэстэрэ буолар барыларыгар эппиэтинэс, олоҕуҥ тэтимэ эмиэ оннук буолар, дьону араараҕын, үлэтин хайдах билэрин дуу, суоҕун дуу, барытын  сыаналыыгын, үлэлэрэ-хамнастара харахха быраҕылла сылдьар. Онон этэргэ дылы, барыта бырагыраамаламмыт курдук бэйэҕэр киирэн иһэр. 

Биир идэлээхтэрбин эҕэрдэлиибин, бу мээнэ күн буолбатах, Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр, ылыллар. Быйыл биһиги син биир үлэһиттэрбитин болҕомтото суох хаалларбаппыт, онлайн да буоллар эҕэрдэлиибит. Биир дьиэ кэргэн курдук үлэлээбит РБ-2 кэлэктииппин, билигин онно урукку үлэлээбиттэртэн олох аҕыйах киһи да хааллар, дьүөгэлэрбин, кыргыттарбын барыгытын бырааһынньыкпытынан, идэлээх күммүтүнэн эҕэрдэлиибин!

 

Анна Данилова, 38 сыл ыстаастаах сиэстэрэ.

–1980 сыллаахха 8-с кылаас кэнниттэн Алдан медучилищетыгар киирбитим, үс сыл кэриҥэ үөрэнэн баран Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа урология салаатыгар ананан кэлбитим. Онтон “Якутзолотоҕа” үлэлээн баран билигин чааһынай клиникаҕа үлэлии сылдьабын.

Бастакыттан улахан ыарахаттары көрсүбэтэҕим, тоҕо диэтэххэ Алдаҥҥа үөрэнэ сылдьан дойдубар сайылыы кэлэрбэр  бастакы куурустан Уус Алдан Суоттутугар сиэстэрэлии ыҥырбыттара. Онно амбулатория уонна стационар диэн баара. Онон каникулум аайы үс сылы быһа үлэлээбитим. Уопут бөҕөтө ылбытым. Онон урологияҕа үлэлии кэлэрбэр бэлэмнээх этим.

Үлэтэ олус элбэх этэ, 70-ча киһиэхэ соҕотохтуу үлэлиир этибит, сиэстэрэ, санитарка тиийбэтэ. Санитаркалар сороҕор кэккэ биричиинэнэн үлэлэригэр тахсыбатахтарына бэйэбит солбуйарбыт. Барытыгар тэҥҥэ ылсан иһэрбит, санитарка, сиэстэрэтэ үлэтэ диэн араарбакка. Билиҥҥи курдук биирдэ туттуллар испириис, систиэмэ суох, барытын сууйаҕын-тарыыгын, ирдэбил улахана. Онтон дьэ биирдэ туттуллар, “одноразовайдар” диэн кэлбиттэриэр үөрүү бөҕөтө буолбуппут.

Наставникпыт Виктория Романовна  диэн этэ, кэлин старшай сиэстэрэ буолбута. РБ-2 саҥардыы аһыллыбыт кэмэ буолан Алдантан 40-ча буолан кэлбиппитин өйдүүбүн.

Ыарыһахтар үксэ кырдьаҕас оҕонньоттор, биһиэхэ үчүгэй сыһыаннаах этилэр, мээнэ хаппырыыстаабаттар, палааталарыгар киирэн аһатарбыт, үөрэ-көтө көрсөллөр, махтаналлар этэ.

Наһаа үчүгэй кэлэктиипкэ үлэлээбиппит. Сэбиэдиссэйбит  Новодворскай Константин Савельевич диэн этэ. Кини бэйэтин кынатын анныгар оҕолорун курдук үөрэтэн-такайан илдьэ сылдьыбыта. Онон киниэхэ улахан махталбын тиэрдэбин. Ону таһынан Суотту балыыһатыгар эдэр оҕо тиийбиппэр үлэлэтэн, үөрэтэн-такайан, эрэнэн илдьэ сылдьыбыт Данилова Екатерина Николаевнаҕа дириҥ махталбын этэбин.

Бииргэ үлэлии сылдьар кыргыттарбын, 1983 сыллаахха Алдан медицинскэй училищетын бүтэрбит выпусктары эҕэрдэлиибин. Бука бары уһун дьоллоох олохтонуҥ, үлэҕитигэр ситиһиилэри, ыарыһахтар махталларын куруук ыла туруҥ диэн алгыспын ыытабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...