06.05.2024 | 13:01

Кинигэни кэрэхсээн

Кинигэни кэрэхсээн
Ааптар: Д.Ф. Яковлева, СӨ үтүөлээх учуутала, Дьоруой Ийэ, «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ хаһаайына.
Бөлөххө киир

Ааспыт Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үтүөлээх учуутала, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, ытык кырдьаҕас Анна Николаевна Васильева бачча сааһыгар тиийэн олорон «Үлэ, идэ үөрүйэҕинэн» диэн сүдү сыаналаах кинигэни оҥорбута үгүс эдэр дьоҥҥо холобур буолар.
Анна Николаевна үйэтигэр үлэлээбит үлэтин араас көрүҥнэринэн түмэн, дьонугар-сэргэтигэр үчүгэй бэлэҕи оҥорбут диэн сыаналаатым. Ааҕа олорон тылын баайа, кэпсиирэ кэрэтин субу сирэй көрсөн кэпсэтэ олорор курдук санаталаатым, саха тылын сүмэтин иҥэринэн, киһини умсугутардык кэпсиирин, тэҥнээн, хоһуйан суруйарын кэрэхсээтим, былыргы олох көстүүлэрин олус чаҕылхайдык суруйбутун сэргээтим.
Анна Николаевна киһи быһыытынан биир уратыта – дьону убаастыыра, сыаналыыра, кинилэргэ элбэх үчүгэйи, кэрэни өйдөөн көрөн, түмүктээн иһэрэ – киһи аайы бэриллибэт талаан. Онон, төһө да саха тылын уонна литературатын учуутала буолтун иһин, хас биирдии киһиэхэ суох айылҕа талааннааҕа эбит диэн түмүккэ кэллим.
Бу кинигэни үгүс саха тылын учууталлара, сахалыы тыллаах дьон бары ааҕыахтарын, билсиэхтэрин баҕардым. Ол эрэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт ахсаана аҕыйаҕынан, библиотекаларга тиийбэтинэн, атыыга тахсыбатынан, үгүс киһи тиксэр кыаҕа суох. Онон оройуоннарга итинник кинигэлэри таһаарарга көмө көрүллэрэ буоллар, үгүс киһи ааҕар кыахтаныа эбит. Билигин сахалыы тылынан ааҕыллар кинигэлэр элбэхтик тахсаллар эрээри, урукку олоҕу эттэринэн-ханнарынан билбит дьон сэһэнэ тиһиллэн остуоруйаҕа хаалара иитэр суолталаах, үчүгэй түмүктэрдээх буолуох этэ.
Кинигэттэн үөрэнээччитин ахтыытын киллэрэргэ сананным: “Анна Николаевна Васильева... Мин саамай күндү учууталым, идэбин таларбар олук уурбут сүгүрүйэр киһим. Саха тылын учууталын быһыытынан элбэх киһини кытта алтыстым, үгүс сиринэн тэлэһийэн сырыттым да, учууталым Анна Николаевна курдук ийэ тылын ууһун-уранын, сүмэтин хомоҕойдук таба туттан саҥарар-иҥэрэр, санаатын сайа этэр, күлүмнэтэ оонньотор, ыпсарыылаахтык кэпсиир уран тыллаах киһини өссө көрсө иликпин.
Анна Николаевна хас биирдии уруогар уус-уран айымньы олох бары кистэлэҥин, көннөрү олоххо билбэти биллэрэр, көрбөтү көрдөрөр, онон өйү-санааны сайыннарар сүдү күүс диирэ. Уруокка айымнылары бэйэбитинэн ырыттарара. Алампа «Таптал» драматын оруолларынан үллэрэн биэрбитэ. Ол кэнниттэн төһө кыайарбытынан дэлби куолулаппыта. Кэтириис ыар дьылҕатын ааҕаммыт аһынан, бэйэбит санаабытын этинэммит, куолулаан бөҕө буолбуппут. Оҕолуу аһаҕac, үөрүнньэҥ дууһалаах, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйар
учууталбын олус күндүтүк саныыбын. Төрөөбүт төрүт тылын ууһун-
уранын, сүмэтин хомоҕойдук таба туттан саҥарар-иҥэрэр, күлүмнэтэ оонньотор, ыпсарыылаахтык кэпсиир уран тыллаах учууталга үөрэммиппинэн киэн туттабын. Сахабыт тылын харыстыахха, өрө тутуохха, «кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах саха мындыр саҥатын» ыччаппытыгар тиэрдиэххэ, тылга тапталы иҥэрэр туһугар күүспүтүн түмүөххэ”,– диэн Васильева (Яковлева) Сардаана Иннокентьевна,1991 с. выпускник, СӨ үөрэҕириитин туйгуна ахтар. 
Үөрэнээччитин этиитигэр сөбүлэһэн, ыҥырыы курдук ылынан, «Үлэ, идэ үөрүйэҕинэн» кинигэни ахсаанын элбэтэн, үбүлэнэригэр көмөлөһүөҕүҥ диэн баҕа санаабын этэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...