09.08.2022 | 15:40

Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээн

Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээн
Ааптар: Анисим Неустроев
Бөлөххө киир

Эн ону билэҕин дуу? Арааһа, суох буолуо. Оччоҕо мин кылгастык эйиэхэ этиим.
Киэһэ-сарсыарда чэй иһэ олорон сээкэйи кэпсэтэр тыа дьоно буоллаҕа эбээт, дьиҥнээх сир быттара. Туох баар күҥҥэ иһиллиэх эгэлгэни өйдөөн хаалбыттара, кэпсээннээх чэйгэ хаһааммыттара диэн сымыйа! Бу “Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээн” иһэ истээх. Онно-манна дьон олоҕо, халыҥ суорҕан бүрүөһүннээх үрэх баһынааҕы өрдөөҥҥү дьиэ аанын нөҥүө, ким да билбэтинэн, чугас эргин, өтөр иһиллибэтинэн буоларын курдаттыы көрбүт курдук кырдьыктаах уонна итэҕэтиилээх түгэннэрэ манна бааллар!
Ону сэргэ кинигэбитин арыйан ылан ааҕарга да ураты гына оҥоһуллубута туоһу. Ханна да бар, сиэпкэр угун, кыараҕас саппыйаҕар хаалан, куорат эҥээрдэр мааны кыра суумка түгэҕэр да түһэрдиннэр... наада буоллар эрэ ороон ылан күүтүүлээх уочаракка, поруом устар кэмигэр, сөмөлүөккэ көтөргө, отууга, үүтээҥҥэ, алҕас абырахтанаары балыыһаҕа да киирдэххэ сыттык анныгар укта сылдьан ааҕарга олус табыгастаах.
Ону таһынан дьоҕус бэйэтин арыйаат, туора тутаҕын уонна көннөрү кинигэ сирэйин саҕа буола түһэр илиискэ балачча бөдөҥ буукубаларынан тиэкиһэ кэчигирээбитин, бука, астыныаҥ эбитэ буолуо. Өссө биир “ноото” баар, быстах-быстах, тохтуу-тохтуу да ааҕар буоллахха, киһи муммат: ханна тохтообуккун сырыы ахсын умнан кээспэтиҥ курдук, баара эрэ 14-тии эрэ строканан быыһанан бииртэн биир сирэй солбуллан иһэр!
Чэ, ити кинигэ ис оҥоһуута, таҥыллыыта буоллун. Оттон ис хоһоонугар киирдэххэ, ааптар Ангелина Данилова хомоҕой тыла-өһө, кэпсиир ситимэ сааһыламмыта, ааҕааччытын бииртэн биир угуйар дьикти сүмэтэ киһи сүрэҕин өрүкүтэр, санаатын ыанньытар.
Кинигэ дьахтарга эрэ анамматах. Маны ордук эр дьон ааҕыахтарын сөп эбит. Оччоҕо кинилэр хаһан эрэ таптаабыт уонна таптаппыт, итии хааннара оргуйбут, сылаас иэйиилэрэ уһуктубут эдэркээн да кэмнэрин ол-бу очурун-чочурун булгуччу ахтан-санаан ааһыахтара ини... Эр киһи майгытын билэрэ сүрүккэтин! Көр, оннук имэҥнээх уонна киһи хараҕар киинэ курдук бэйэтинэн көстөн кэлэр кистэлэҥ абылаҥнаах!
Доҕоттор, болҕойооруҥ эрэ, “Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээни” хас биирдиигит маарыннаабаттык дьүһүйэн ааҕыаххыт, сүрэххитигэр толугуруу мөхсөр кистэммит санааҕыт, нуктаабыт иэйиигит атыннык кустуктана оонньуо!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...