Ким доҕордоох – ол дьоллоох
Лилиана Антонова, Марианна Степанова (Акимова)
2019 сыл сэтинньи 9 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ устун айаннаан иһэр Үтүө дьыалабыт Кубога Уус Майа улууһуттан ыраах көмүстээх Алдан оройуонун 1985 сыллаахха бүтэрбит выпускниктарыгар туттарыллыбыта.
Көрсүһүүгэ уус майалар ааспыт уон хонук устатыгар ыыппыт араас хабааннаах үлэлэрин кэпсээтилэр. Алданнар ону иилэ хабан, Лена Погодаева салалтатынан көмө аахсыйаларын эр-биир саҕалаабыттара. Кинилэргэ Дьокуускай куоракка олохсуйбут дьүөгэлэрэ Айталина Алексеевна Протопопова кыттыһан, олохтоох оҕо саадын кырачааннарыгар сайыннарар оонньуулардаах кинигэлэри ыытан, «ким доҕордоох – ол дьоллоох» диэн өс хоһооно өссө төгүл бигэргэннэ.
Оксана Аммосова, Анна Сысоева Угоян кырдьаҕас олохтооҕор аһылык наборунан көмө оҥорбуттара. Урбаанньыт үөлээннээхпит Елена Хатыыстыыртан Угоян хас биирдии ыалыгар минньигэс килиэп астаан тиксэрэн, махтал маанытын ылбыттара. Айталина Протопопова төрөөбүт оскуолатыгар аҕатын аатынан стипендия олохтоон, сыл ахсын үөрэххэ дьаныардаах, ситиһиилээх оҕолору бэлиэтиир үтүө үгэстээх эбит. Оттон Хатыыстыыр оскуолатын бүтэрбит бары үөлээннээхтэрбит Хатыыстыыртан Нерюнгрига көһөр элбэх оҕолоох Павловтарга термопот, дьыбаан уонна оҕо таҥаһын туттардылар. Елена Погодаева, Марианна Павлова, Александр Григорьев Наталья Дмитриевна уонна Георгий Павлович Григорьевтарга дьиэлэрин таһын күрдьэн, оһохторун маһын хайытан, кырдьаҕас ыал үөрүүлэрэ муҥура суох.
84 саастаах нуучча тылын үөрэппит учууталларыгар, кылаас салайааччытыгар Аграфена Матвеевна Лапшинаҕа автономическай тонометр бэлэхтээбиттэрэ. Николай Зюзьков ыарахан ыарыыга ылларан эмтэнэ барарыгар Ирина Спиридонова харчынан көмө оҥорбута. Ону таһынан Аллараа Кураанахтан улуус киинигэр пенсионердары босхо киллэрэн, ФЛГ түһэттэрбиттэрэ. Бу курдук үтүө дьыалалар тиһиллэн, Кубокпыт салгыы Нерюнгрига айаннаата.
Нерюнгри промышленнай улуус буолан, 1985 сылга оскуоланы бүтэрбит үөлээннээхтэрбит аҕыйахтар. Миэстэтигэр төһө да аҕыйах буоллаллар, Үтүө дьыалабыт Кубогын чэрчитинэн аадырыстаах көмөнү ыыттылар. Ол курдук, Бүлүүтээҕи үөлээннээхпит Петр Унаров көҕүлээһининэн Нерюнгрига олохсуйан олорор Дьокуускайдааҕы 2№-дээх оскуола выпускницата Татьяна Бушковалыын Иенграҕа тиийэн аадырыстаах көмө оҥорторо.
Манна эбии Горнайтан Елизавета Заровняева, Хаҥаластан Жанна Атласова, Бүлүүттэн Радислав Барахтыров, Күннэй Семенова, Лилиана, Алексей Антоновтар, Эдьигээнтэн Сардана Христофорова о.д.а. буолан Иенгра олохтоохторо Лукиннарга иккис төгүлүн аадырыстаах көмөнү аһылык наборун тиэрдибиттэрэ. Сергей Николаевич, дьиэ кэргэн баһылыга, үөрүүлээх сонунун кэпсээтэ. Администрация толору хааччыллыылаах дьиэҕэ квартира анаан, онно көспүттэр. "Үтүө дьыалаҕыт үтүөнү тардан ылар эбит ",-диэн астынарыттан киһи эрэ үөрэр. Соторутааҕыта «Орто дойду” зоопаркатыгар Петр Унаров хара саһыл аҕалан биэрдэ.
Кубокпыт Өлүөхүмэҕэ барар күнэ ураты этэ. Бу үбүлүөйдээх 2020 сылбыт Харыйата Ойуунускай аатынан болуоссакка умайар күнүгэр Нерюнгри бэрэстэбиитэлэ Петр Унаров Өлүөхүмэлэргэ алгыс тылын этэн туран, кубогы туттарбыта.
Хороҕо Александр Габышев уонна Юрий Ачикасов 80 саастаах үлэ бэтэрээнигэр Вилора Григорьевна Филипповаҕа биир массыына муус таhааран биэрбиттэрэ.
Өлүөхүмэ кийииттэрэ Людмила Семенова, Ирина Чердонова, Надежда Махчагарова коррекционнай оскуола-интэринээт иитиллээччилэригэр остуол оонньууларын бэлэх туттардылар. Бу курдук үтүө санаалаах үөлээннээхтэрбит бииртэн биир үтүө дьыала оҥоро тураллара биһиги түмсүүбүтүн киэркэтэр да, сомоҕолуур да.
Биһиги үөлээннээхтэрбит ситиһиилэриттэн, дьоҥҥо үтүөнү баҕаралларыттан күннэтэ үөрэнэн, сэргээн, билиибит хаҥаан, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор баҕа санаабыт күүһүрэр.
Үлэ дьонугар үөрүүнү бэлэхтээн
Өбүгэлэрбит "үтүөнү оҥорбутуҥ үтүөнэн төннүө" диэн дириҥ ис хоһоонноох этиилээхтэрэ. Үтүө санаалар үтүө дьыалалары кынаттыыллар. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт ыраах Алдан улууһугар олорор Елена Погодаева.
– Елена Егоровна, үтүө дьыала кубогын айана эһиги улууска киэҥ сиринэн эргийэн кэллэ. Эн тус санааҥ?
– Бу маннык дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ далааһыннаах хамсааһын буола турарыттан наһаа сөхтүм. Билиҥҥи кэмҥэ үтүө дьыала диэн өйдөбүлү биһиги үөлээннээхтэрбит өйдөөн, төһөлөөх үгүс дьыаланы улуус аайы оҥоро туралларын истэн олус сөҕөбүн.
- Эһиги улуускут географическай өттүнэн атыттартан уратылааҕа мэһэйи үөскэтиэн сөп дуу?
– Төһө даҕаны ыраах, суола-ииһэ мөлтөх сиргэ олордорбут, бассаап нөҥүө билсиһэ, сонуну истиһэ олоробут. Улууска олорор, оскуоланы 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр уопсай бассаап бөлөхтөөхпүт. Ол нөҥүө бастаан иһитиннэриилэри билбиппит. Кубок улуустарга сырыытын, үтүө дьыалалары оҥороллорун истэммит, оттон хаалсыбат буоларга кыһаллабыт. Биһиги курдук ыраах олорор дьон оскуоланы бүтэрбиппит 35 сыллаах үбүлүөйүгэр барбаппыт чуолкай. Ол оннугар хамсааһыҥҥа бу Кубок нөҥүө кыттыһан, үөлээннээхтэрбит үлэлэрин, олохторун, дьарыктарын билэн, элбэххэ үөрэнэбит, үгүстэн үөрэбит дии саныыбын. Уонна оттон тирэхтээх курдук сананар эбиккин, күүс ылар, инникигэ кынат үүннэринэр курдуккун.
– Елена Егоровна, ырааҕы ырыҥалаан көрөр эбиккин. Кубокпыт, чахчы, биир өрүтэ итинник эбит ээ. Чэ, аны тус дьарыгыҥ туһунан кэпсэтиэххэ.
– Мин Алдан Кутанатыттан төрүттээхпин. Билигин Хатыыстыырга ыал буолан олоробун. Дьиэнэн дьоҕус килиэп бэкээринэлээхпит. Үтүө дьыала чэрчитинэн ыраах учаастакка олорор ыалларга бэйэм техникабынан килиэп илдьэн биэрдим. Онно дьон махтанар сирэйин көрөн олус долгуйтум. Урут да килиэп астыы сылдьыюыт киһи, онно күннээҕинэн аһарар эбиккин. Онон бу Үтүө дьыала Кубогынан бэйэбэр арыйыы оҥордум. Ыраах олорор, үлэҕэ сылдьар дьон дэриэбинэҕэ күн аайы киирэр кыахтара, бириэмэлэрэ суох. Онно миэстэтигэр килиэп илдьэн биэрбиппитигэр аһары махтаммыттарыттан астынным аҕай. Үлэ дьонугар үөрүүнү бэлэхтээбит биир үтүө дьыалабыт копилкатыгар киллэрдибит.
- Алдан-85 түмсүүтүн ким сүрүннүүрүй?
– Оскуоланы бүтэрбиппит төһө даҕаны ырааппытын иһин, хам-хаадьаа да буоллар билсэбит. Оскуолатааҕы кылааспыт старостата Дьокуускайга олорор. Идэтинэн учуутал. Төһө да ыраах олордор, Айтабыт эппитэ биһиэхэ сокуон. 85-тэр ортолоругар маннык үтүө хамсааһын баар диэбитигэр, ким туох кыаҕынан кылааппытын киллэристэхпит ди. Манна эбэн эттэхпинэ, Айталина төрөөбүт оскуолатыгар наар көмөлөһөр үтүө дьарыктаах. Бииргэ төрөөбүттэринээн оскуола бастыҥ үөрэнээччитигэр стипендия туттараллар, олохтоох детсакка эмиэ оҕо ааҕар кинигэлэринэн көмөлөһөллөр. Биһиги старостабытыттан туора турбакка, эмиэ кыах баарынан көмөлөсүһэбит.
- Елена Егоровна, «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ?
– Үтүө дьыала Кубога бэйэтин тула элбэх улууска олорор үөлээннээхтэрбитин мунньарыттан үөрэбит. Махтанабыт маны иилээн- саҕалаан, торумнаан, салайан биэрэр дьоммутугар. Үтүө дьыала үксүү турдун.