Килбиэннээх олоҕу олорбуттара
Улуу Кыайыы 75 сылынан сэрии кэмигэр тыыннарын да харыстаабакка тыылга үлэлээбит, Ийэ дойдуларын иһин хорсуннук сэриилэспит дьоммут тустарынан матырыйааллары, ахтыылары салгыы таһааран иһэбит.
Бүгүн Уус Алдан улууһун Сыырдаах нэһилиэгэр олорон, үлэлээн ааспыт төрөппүттэрин туһунан кыргыттара, үлэ бэтэрээннэрэ, Клавдия уонна Мария Колодезниковалар ахтыыларын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар билиһиннэрэбит.
Биһиги ийэбит Крылова Наталия Дмитриевна 1919 сыллаахха Бороҕон улууһун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Бэрт-Ууһун нэһилиэгиттэн төрүттээх Колодезникова Мария Гаврильевна, аҕата Сыырдаах халдьаайытыгар баар Балаҕаннаах алааска олохтоох Крылов Дмитрий Саввич (Хаҥсыа) этилэр. Ийэлэрэ Маайа ийэбит икки сааһын туола илигинэ оҕолоноору эмискэ өлбүт. Онон убайа Ньукулайдыын кыра саастарыттан ийэтэ суох буолуу эрэйин билбиттэрэ. Ийэбит 10-ча сааһыгар Мүрү Томторугар оскуолаҕа киирэн, ыалга олорон икки сыл үөрэммитэ. Үөрэнэ сырыттаҕына Бабицкай диэн учуутал киһи сороҕор оҕотун көрдөрөрө уонна манньатын тото-хана аһатара үһү. Иккис кылааһы бүтэрбитин кэннэ маачаха ийэтэ эмээхсин атаҕын тоһутан ийэбит хотон көрөөччү, дьиэһит буоларга күһэллэн оскуолаттан уурайбыт. Аҕата Миитэрэй инньэ ыраахтааҕы былааһын саҕаттан дьаамсыгынан үлэлиирэ. Сааскы ыһыы, от үлэтин, хомуур кэмигэр аҕата атын нэһиилэ миинэр кыра кыыһы бэйэтин солбуйтаран дьаам сүүртэрэ ыытара. Сороҕор буоста элбэх буоллаҕына тэлиэгэлээх атынан барара. Биирдэ Сыырдаах күөлүн үрдүк сыырын түһэн истэҕинэ тэлиэгэ көлөһөтүн хараҕата түһэн хаалан, тэлиэгэ таҥнастан, аттыын бэйэлиин өлө сыспыппыт диэн кэпсиирэ.
Ийэбит улахан убайа Көстөкүүн (аҕатын бастакы кэргэниттэн уола) кыра үөрэхтээх эбит. Кини улахан Хаччаайы алааска Самсон Черкашин дьиэтигэр аһыллыбыт оскуолаҕа, кэлин бассабыык буолан обком сэкирэтээринэн үлэлии олорон репрессияламмыт, Николай Николаевич Окоемовы кытта бииргэ үөрэммит. Көстөкүүн сытыы-хотуу кэпсэтиилээх буолан, НЭП саҕана нэһилиэгэр аан бастаан көлө от охсорун, мунньарын, булуугу, молотилканы, сэппэрээтэри булунан кыайа-хото оттоон, бурдук үүннэрэн, сүөһүтүн элбэтэн сотору кэминэн аҕатыныын сэниэ ыал ахсааныгар киирбиттэр. 30-с сыллартан саҕалаан дойдуга бастаан артыаллар, онтон холкуостар тэриллэн барбыттара. Сэниэлээх, кыахтаах ыаллары сүөһүлэрин-астарын, малларын, дьиэлэрин-уоттарын, бэл, аһыыр иһиттэрин уоппустаан, куоластарын быһан кулаак оҥортообуттара. Дьэ итиннэ биһиги эһэбит Миитэрэй оҕонньор сүөһүтүттэн-аһыттан ытыс соттубута. Оҕолор иитимньилэрэ диэн биир торбостоох ынаҕы хаалларбыттар. Онтон ыла эһэбит Миитэрэй-Хаҥсыа кулаак аатырбыт. Дьиҥэр, сүрдээх сымнаҕас майгылаах, киһини атаҕастаабатах, хамначчыт туппатах, бэйэтэ икки хараҥаны ыпсарар бүгүрү үлэһит киһи эбитэ үһү.
Эһэбит олорор Балаҕаннааҕа, дьаам буолан, элбэх сырыылаах, ыалдьыт-хоноһо, боломуочунай бөҕө аараан ааһар эбит. Ол курдук гражданскай сэрии дьоруойа Хабырылла Дьөгүөрэп куоракка киирэ-тахса сылдьар, чэйдиир, сороҕор хонон ааһар, оҕонньору кытта тапсан кэпсэтэр эбит. Эһэбитин кулаак оҥорбуттарын сыыһанан ааҕан, куоратынан-тыанан үөрэхтээх дьонтон ыйыталаһан баран куоласкын ылыаххын сөп эбит диэн үҥсэргэ сүбэлээбит, ону уола Көстөкүүн эккирэтиһэригэр Н.Н. Окоемов сүбэ-ама буолан улаханнык көмөлөспүт. Онон эһэбит 1934 сыллаахха куолаһын төттөрү ылбыт.
Онон ийэбит холкуоска киирэн үлэлээн барбыт. Ханна ыыталларынан кыай-кыайыма барытыгар үлэлээн хачыгырайан иһэрбит диэн кэпсиирэ. Ийэбит 1937 сыллаахха биир дойдулааҕа Стручков Яков Михайловичка кэргэн тахсыбыт. Яков сэттэ кылаас үөрэхтээх, МТС-ка тракторист кууруһун бүтэрэн үлэлээбит. Сэрии иннигэр ийэбит үстэ оҕоломмут да, бары аҕыйах ыйдарыгар ыалдьан өлбүттэр.
1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, бастаан кыра үөрэхтээх, доруобай, күүстээх-уохтаах эдэр дьону сэриигэ хомуйбуттар. Ийэбит кэргэнэ Яков бастакы хомуурга түбэһэн сэриигэ барбыт.
Ийэбит ити кыһын фермаҕа оҕуһунан от тиэйбит. Сарсыарда эрдэ туран, таарыйа балбаах тиэйэн сонуокка сүөкээн ааһар, күҥҥэ хайаан да иккитэ кырыныы – нуорма. Биирдэ Лакыаралаах диэн алаастан от тиэйэн сыыры тахсан бастаан испит кырдьаҕас оҕуһа сууллан түспүт да, өлөн хаалбыт. Онно иккис оҕуспун оттоох сыарҕалары үөһэ таһаараары тумнар суол солонноҕум үһү. Тымныы оройо этэ, түүн үөһэ тоҥон, аччыктаан чоохунаан кэлбитим, дьукаахтарым кэтэһэ сатаан баран көрдүү бараары оҥостон эрэр эбиттэр. Хор, онно сыарҕалаах оппун хаалларар өй киирбэккэ, сиргэ тоҥо сыспытым диэн кэпсиирэ. Сороҕор хас да дьахтар буолан элбэх көлөнөн тыаттан мас кэрдэн, тиэйэн Оҕуруокка (билигин Бороҕон) тэрилтэҕэ киллэрэрбит. Ол аата холкуоска түспүт түһээни толорорбут диэн кэпсиирэ.
1942 сыл улахан кураан сайын буолбута. Ардаабакка, сир-дойду куура хатан, аһыҥа үөрэ өрө туран, алаастар кубарыйа кууран күөх быкпатаҕа. Үлэни кыайар эр дьону бэс ыйыгар, сорохторун атырдьах ыйыгар сэриигэ хомуйбуттара. Онон холкуос үлэтэ барыта оҕо, дьахтар, оҕонньор, эмээхсин санныгар сүктэриллибитэ. Дойдуларыгар от үүммэккэ Кэбээйи Сииттэтигэр сир түүлэһэн оттуу оҕо, дьахтар, оҕонньор аймах көспүтэ. Биһиги ийэбит онно баран бастаан илиинэн от охсуутугар, онтон күһүҥҥү өттүгэр кэбиһиигэ сылдьыбыта. Оттоон бүтэн баран аны кыстыы кэлэр сүөһүгэ эргэ хотону өрөмүөннээбиттэрэ. Алтынньы ортото хаары аннынан уонча оскуола оҕотун батыһыннаран, биир оҕуска утуйар таҥастарын тиэйэн, туос аччык айаннаан дойдуларын нэһиилэ булбуттара. Дойдутугар кэлбитэ, убайа Ньукулай атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыт этэ. Аҕата Миитэрэй оҕонньор дьаамсыгынан үлэлээбитэ 50 сыла туолбутунан сибээстээн бириэмийэ анаммытын ыла диэн ааттаан куоракка киирэн баран сураҕа суох мэлийбит. Убайа Ньукулай 1943 сыллаахха олунньуга суруйбут суруга бүтэһигин кэлбит. Онно: «Бу фроҥҥа кэллибит. Өстөөх артиллериянан ытыалыыр, сотору-сотору буомбалыыр» - диэн суруйбут уонна эмиэ сураҕа суох сүппүт. Ийэбит, кэргэнин кыра балта Стручкова Маайыс ийэтэ өлөн тулаайах хаалбытын иитэ ылбыт.
Ийэбитин 1943 сыллаахха тохсунньу ыйга холкуос бырабылыанньата биригэдьиир биир ыйдаах кууруһугар Оҕуруокка үөрэттэрбит. Онно күнүһүн холкуоска үлэлээн баран киэһэтин сатыы баран үөрэнэн түүн үөһэ төннөрө. Итинтэн ыла ийэбит Хатыҥ-Сыһыы холкуоска түөрт сыл устата биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кэргэнэ Дьаакып сэрии устатын тухары сэриилэһэн баран 1945 сыл ыам ыйыгар Германия сиригэр өлбүтүн туһунан биллэриини Кыайыы кэнниттэн туппут.
1945 сыл сааскыта эрдэ кэлбитэ. Ыам ыйын 9 күнүгэр Хатыҥ-Сыһыы сайылыгын бааһынатыгар бурдук ыһа сырыттахпытына кыайыы буолбутун иһитиннэрэн үөрүү-көтүү, ытабыл, устунан бырааһынньык курдук буолбута. Киэһэтин кулуупка мустан миитин уонна сүөһү өлөрөн уопсай аһааһын буолбута диэн ийэбит кэпсиирэ.
Кини 1947 сыллаахха суорумньунан Бэрт-Ууһун нэһилиэгин киһитигэр, биһиги аҕабытыгар Колодезников Петр Иннокентьевичка кэргэн тахсыбыта. Онно олордоҕуна Хоро нэһилиэгэ сэрии кэмигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитин иһин Сталин төбөлөөх мэтээли аҕалан туттарбыттар.
Ийэбит, Бэрт-Ууһугар кэргэн сүктэн кэлэн баран, бастаан хонуу араас үлэтигэр, онтон фермаҕа үүт сүүрдээччинэн, субай сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Кэлин 60-с сыллартан “Холбос” ситимигэр, Уус Алдан оройуонун, Сыырдаахтааҕы наспотугар, бэкээринэҕэ оҕуһунан уу баһара, маҕаһыыҥҥа оробуочайынан, хачыгаарынан үлэлээбитэ. Кууллаах бурдугу, саахары, уотурбаны, дьааһыктаах кэнсиэрбэни кытта туһуннаҕа, эбиитин таас чоҕу кытта соһустаҕа. Үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьан 1978 сыллаахха ыалдьан уурайбыта, потребкооперация бэтэрээнэ буолбута.
Ийэбит Натаа аҕыйах саҥалаах, дьиппиэн дьахтар этэ. Элбэхтик мөҕө-этэ сылдьыбат, биирдэ эрэ этэрэ, ол хайаан да толоруллара. Аҕабытынааҕар ордук ийэбититтэн толлорбут. Хайа эмэ дьахтары кытта кыыһырсыбытын, этиспитин билбэппит. Сайынын уоппускатыгар эбэтэр үлэтин быыһыгар моой оттуура. Ол саҕана моой отчуттар бырыһыаҥҥа оттууллара. Ол иһин холкуос, сопхуос отчуттара оттоон эбэтэр сирэн оттооботох сирдэрин, алаас уутун кытыытын, үрэх кытыытын, от мас быыһын оттуурбут. Ийэбит илиинэн от охсоро, сороҕор эбии биир эмэ оҕо охсубута буолан көмөлөһөрө, биһиги атах-бытах өттүлэрэ мунньарбыт, бугуллуурбут. Күһүнүн уу үрдэ тоҥмутун кэннэ хадыы хадыылыыра, оттуура. Ол охсубут отун тута хомуйан сыарҕалаах оҕуска тиэйэн аҕалара.
Ийэбит кыра эрдэҕиттэн ыарахан, күүстээх үлэни үлэлээн, эр киһилии күүстээҕэ. Кэлин ол иһин эр киһи үлэтин үлэлээбит эбит. Аны кэлэн санаатахха, дьиэ элбэх сүөһүтүн, эбиитин сопхуос боростуой ньирэйдэрин бэйэтин хотонугар көрөрө, элбэх оҕо түбүгэ, 60 саастаах дьахтар киһиэхэ күүстээх, ыарахан кэмнэр аастахтара. Ийэбит 70 сааһын ааһан да баран, бөһүөлэк ыалын хайа оҕото хаһан төрөөбүтүн, хаһан туох буолбутун өйдүүрүн сөҕөр этибит.
Аҕабыт Бүөтүккэ 1906 сыллаахха Кыыс-Хаҥа алааска элбэх оҕолоох Колодезников Иннокентий Терентьевич дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ кыаммат буолан аймахтарыгар Федот Колодезниковка ииттэрэ биэрбиттэр. Ииппит ийэтэ ыарыһах буолан аҕабыт олох кыра сааһыттан араас үлэҕэ эриллэн үлэһит бэрдэ буола улааппыт. Ликбезкэ үөрэнэн нэһиилэ ааҕарга, илии баттыырга үөрэммит. Холкуоска киирэн кыайыылаах үлэһит буолан “Стахановец” аатын ылбыт. Ол быыһыгар «Кыһыл түмсүү» холкуоска ферма сэбиэдиссэйинэн, хонуу биригэдьииринэн, солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллан, Воронежскай фроҥҥа түбэһэн, Курскай Дуга, Белгород куорат иһин кыргыһыыларга сылдьан иккитэ чэпчэкитик, биирдэ ыараханнык бааһырбыта. Дойдутугар 1946 сыл балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлбитэ – ийэтэ, кэргэнэ, уонча саастаах уол оҕото аччыктаан, ыалдьан өлбүттэр этэ. Кэлээт, тута холкуоска ханна ыыталларынан үлэлээн барбыта. Кырдьаҕастар сүбэлэрин ылынан, суорумньунан икки огдообо 1947 сыллаахха холбоһон, иккиһин олохторун оҥостон ыал буолбуттара. Кинилэр тоҕус оҕону төрөтөн, иитэн-улаатыннаран, үлэһит дьон оҥортообуттара. Ону таһынан бастакы кэргэнин тастыҥ балтын Стручкова Мария Михайловнаны уонна аҕабыт убайын сиэнин Колодезников Иннокентий Ивановиһы иитэннэр, үлэһит оҥортоон, олохторун оҥостоллоругар көмөлөһөн олорбуттара.
Төрөппүттэрбит иккиэн наһаа үлэһит, биир сүбэнэн сылдьар иллээх ыал этилэр. Сэриигэ айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ дьонтон хаалсыбакка кыахтара баарынан үлэлээбиттэрэ. Аҕабыт тутууга сыһыаннаах буолан Сыырдаах куулатыгар саҥа бөһүөлэги тутууга маастарынан, биригэдьииринэн, болуотунньугунан күүһүн харыстаабакка олохтон барыар диэри үлэлээбитэ. Бөһүөлэккэ кини тутуспатах тутуута диэн суох этэ. Аҕабыт сүрдээх сымнаҕас, элэккэй майгылаах, үөрүнньэҥ, дьээбэлээх, оҕону кытта оҕо, дьахтары кытта дьахтар, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас киһи этэ. 1980 сыл балаҕан ыйыгар ыарахан ыарыыттан өлбүтэ, онтон ийэбит 1993 сыллаахха ахсынньыга ыалдьан өлбүтэ.
Дьоммут үлэһит дьон буолаллара, олохторун ааспыт суоллара да туоһу буоллаҕа.
Ити курдук биһиги ийэлээх аҕабыт үлэҕэ үөрүйэхтэрин, дьоҥҥо сыһыаннарын, оҕоҕо тапталларын холобур оҥостон 11 оҕолоро, элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ холобур туттан, биир улахан аймах буолан, кинилэр оҥорботохторун ситэрээри олордохпут.