КИИРИИ ТЫЛЛАРЫ САХАЛЫЫ ЭРЭ ҮӨРЭТЭБИН
Аркадий Михайлович САМСОНОВ, 4 сиэн эһээтэ:
– Бүлүү Халбаакытыттан төрүттээхпин. Бэйэм медицина орто исписэлииһэ – биэлсэр идэлээх этим. Онтон кэнники сааһыран баран, Саха университета ХИФУ буолбутун кэннэ, саха салаатын үөрэнэн бүтэрбитим.
Уоллаах кыыс оҕолоохпун, сиэннэрдээхпин. Оҕолорум улууска оскуолаларын бүтэрэн, үөрэхтэнэн баран, куоракка олохсуйбуттара. Кыыһым соҕуруу үөрэммитэ.
Билиҥҥи оҕолор, эн хайдах да гыммытыҥ иһин, нууччатымсыйаллар. Син биир эйгэлэрэ оннук дьайар. Мин сиэннэрим дьылҕалара эмиэ оннук салаллыахтаах этэ. Дьокуускайга сахалыы уһуйаан, кылаас тиийбэтин кыһалҕата сытыытык турарын бары өйдүүгүт.
Сиэннэрбинэн дьиэ кэргэммэр билигин кэлэн саха тыла сүтэн хаалара хобдоҕо бэрт буолсу диэн санааҕа кэлбитим. Биһиги көлүөнэ ааҕар көлүөнэ, онон саха классикатыгар сыстаҕас, ийэ тылга сыһыаннаах киһи буоллаҕым. Эбии саха тылын учууталын идэтин ыллаҕым. Ол иһин оҕо тылланар кэмигэр ханнык тылы иҥэриммитэ, онтуката төрөөбүт тыла буолар диэн удумаҕалатар этим.
Улахан сиэним тылланарыгар анаан-минээн оҕо көрсө кэлбиппит, сахалыы иитэргэ ылсыбытым. Оҕолор күн иллэҥэ суох үлэлэригэр өрө мөхсөллөр. Мин буоллаҕына уһуйааҥҥа таһабын, көрөбүн-истэбин. Нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьарын, туруорсан сахалыыга көһөртөрөн хайаан... Аны сахалыыга көһөрөн да диэн, син биир бары нууччалыы кэпсэтэллэр эбит. Сахалыы билбэт оҕолору төрөппүттэр сахалыы биллиннэр диэн аҕалан кэбиһэллэрэ, уопсай бөлөх эйгэтин уларытан кэбиһэр. Иитээччилэр кыһалҕаттан даҕаны нууччалыы кэпсэтэллэр. Ол иһин сиэммин бэйэм дьиэбэр дьарыктаан, ийэ тылыгар сыһыарбытым.
Манна анал ньыма диэн суох. Оҕону кытта барыта оонньуу курдук барыахтаах эбит. Сайыннарар араас оонньуулары барытын сахалыы ыытарым. Нууччалыы тылы кыбыппакка кэпсэтэбит диэн дьиэлээхтэрбэр быраабыла олохтообутум. Төрөппүттэрэ да тардынар буолбуттара. Кинилэр, үлэлэринэн нууччалыы кэпсэтэ үөрэммит дьон, дьиэлэригэр кэлэн оннооҕор бэйэлэрин икки ардыгар нуучча тылыгар көһөн хаалаллара баар этэ. Ону бэрээдэктэммиттэрэ. Барыта оҕо туһугар.
Нууччаттан киирии тыллары, холобур, “истиэнэ”, “биэсэлкэ”, “биэрэк” диэн тыллары, бу оҕо нууччалыытын истибэтин даҕаны диэн, хара маҥнайгыттан сахалыы ааттыырга толкуйдаабытым. Истиэнэ – эркин, биэсэлкэ – көхө, биэрэк – кытыл. “Боппуруоска эппиэттээ” диэбэккэ, “Ыйытыыга хоруйдаа” диир этим. Оҕолорбор, сиэним төрөппүттэригэр, эмиэ ону өйдөппүтүм. Эдэр дьоҥҥо күүскэ күһэйиинэн буолбакка, сүбэлээн эрэ этэҕин. Оҕо тылланарыгар оннук сахалыы тыллары наһаа үчүгэйдик ылынар эбит.
Ол эрэн, манна биир кыһалҕаны көрсүбүтүм. Мин бэйэм сороҕор аһара бараммын, барытын аһара сахалыы ыыппыт эбиппин. Сиэним, холобур, бөртөлүөт биинтэтин, “пропеллер” диэбэт, уу сахалыы “салбах” диир этэ. Уһуйааҥҥа тиийдэҕинэ иитээччилэр күлэллэр: “Бу оҕо оҕонньор курдук саҥарар”, – дииллэр. Оҕобут “Мин лааппыга сылдьыбытым”, “Ийэбин кытта наҕылыччы чэйдии олордум” эҥин диэн сонуннаах тиийэр буоллаҕа... Шортигын сахатытан “сыалыйа”, подтяжкатын “быаннарык” дииргэ үөрэппитим. Дьиҥэ, ити сахалыы тыллар буоллаҕа дии, тылдьыкка да бааллар. Оҕом тиийэн “быаннарык”, “сыалыйа” дии сырыттаҕына уһуйааннар күлэллэр этэ. Иитээччилэри кытта кэпсэтэ сылдьыбытым, күлүү гынымаҥ, бу оҕо сахалыы саҥардын диэн.
Кыра сиэннэрбитин Анатолий Бурнашев уһуйааныгар биэрбиппит. Үчүгэйдик билсэ иликпин. Анатолий тэлэбиисэринэн кэпсиирин иһиттэххэ, саха тыынын тута сылдьар тэрилтэлэрдээх. Оҕолорбут да сахалыы саҥараллар. Оҕо сахалыы эйгэҕэ улаатара наһаа үчүгэй.
Оҕо ханнык да тыллаах тэрилтэҕэ сылдьыбытын иһин, барыта дьиэ иһигэр баар эйгэттэн тутулуктаах. Ийэ тылын илдьэ сылдьар дьиэ кэргэҥҥэ оҕо кута сахалыы салаллан сайдар.
“Бичик” оҕолорго аналлаах таһаарыыларын ылан ааҕабын. Гаджеттарга убаныы – билиҥҥи кэм көстүүтэ, ону утарылаһар кыахпыт суох. Ол эрээри онно да сахалыы ойуулуктары булан көрдөрүөххэ сөп.
Оҕом сахалыы эрэ бардын диэн, уһун күнү быһа оҕоҕун өрө көтөҕөн баран сылдьыбаккын ээ. Мин сиэннэрбэр кэлэ-бара сылдьар эһэбин. Ол көрсөр кэммэр ойуулук көрөр кэмнэригэр тэлэбиисэр саҥатын кыччатан баран, бэйэм сахалыы тылбаастаан саҥара олоробун. Сөбүлүүр геройдарын сахалыы тылбаастаатахха оҕо интэриэһиргиир. Онно улахан кэпсэтиилэрэ да суох буолар, туох да уустуга суох.
Дьоҥҥо маннык гынан, итинник гынан оҕоҕутун сахалыы саҥардыҥ диир ыарахан. Оҕо саамай таптыыр, саамай күндү эйгэтигэр, дьиэтин иһигэр, сахалыы кэпсэтэр буоллахха барыта табыллар эбит.
“Эн сиэннэриҥ маннык эһэлээх буолан абыраннахтара” диэччилэр. Дьиҥэ, оннук буолбатах. Төрөппүт бэйэтэ сахалыы саҥарар буоллаҕына оҕото да ийэ тылын ылынар. Онуоха хайаан да төрөөбүт тылбытын дириҥник билиэхтээхпин диэн буолбатах, саатар күннээҕини сахалыы баһаарса сылдьыахха. Дьоно “Уже кэллэ”, “Почти бүттүбүт” эҥин диэтэхтэринэ, сиэним дьонун бэйэтэ көннөрөр киһи буола улаатта.
Кыра сиэннэрим 2-лээх игирэлэр. Убайдара улахан арыттаах. Ол иһин мин кэлэ-бара этэ, такайа сатыыбын. Улахан оҕо сахалыы саҥарар буоллаҕына, кыралара эмиэ оннук суолунан барыахтара диэн эрэллээхпин.
Биһиги көлүөнэ дьонугар “нууччалыы билэр, саҥарар эрэ киһи ситиһиилээх буолар” диэн сыыһа өйдөбүл күүскэ иҥэн хаалбыт. Коммунизмы тута сылдьар кэммитигэр оннук үөрэтэн кэбиспиттэрэ. Бороохтуйарбыт саҕана куоракка киирэн оптуобуска сахалыы саҥардахпытына мөҕүллэр этибит. Ол дьон билигин эбээ-эһээ буолан, ол итэҕэс санаммыттарынан сиэттэрэн, сиэннэрин кытта нууччалаабыта буолан эрэйи көрө сылдьалллар. Манна өйдөтүү үлэтэ барыан наада.
Оттон эһиги, билигин саха тылын туруулаһааччылар, “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү дьоно буоллун, эдэр төрөппүттэр буоллун, бары Сахалыы концепция ииппит оҕолороҕут. Ол иһин оҕолоргутун сахалыы иитэри туруулаһаҕыт. Судаарыстыба, былаас өттүттэн кыра омуктар тылларын сайыннарбат, өйөөбөт политика бара турар кэмигэр, салгыы хайдах буолуоҕун киһи тымтыктанан билбэт... Хас биирдии ыал, дьиэ кэргэн өйдөөтөҕүнэ, ийэ тылы тыыннаах хаалларар толкуйу тобуллаҕына омук быһыытынан симэлийиэхпит суоҕа.
ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ СИТИМ ТЭРИЛИННЭ
Вилюяна НИКИТИНА – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:
-Ахсынньы 5 күнүгэр ЗУУМ эйгэтигэр 300-тэн тахса киһи кыттыылаах "ОҔОНУ ИЙЭ ТЫЛЫНАН САҤАРДЫАХХА" диэн уопсастыбаннас өрөспүүбүлүкэтээҕи сугулаана сарсыарда 10 чаастан киэһэ 19 ч. диэри буолан ааста.
Ыытыллыбыт соругунан сахалыы саҥаны сайыннарыыга уонна тарҕатыыга үлэлэһэр дьону түмүү, биир ситими тэрийии диэн турбута. 3 сиэксийэ үлэлээбитэ: ''Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону сахалыы иитии-сайыннарыы эйгэтин күүһүрдүү'', "Төрөппүт-оҕо-уһуйаан", "Төрөппүт-оҕо-оскуола".
Онон бу сугулаан түмүгүнэн "Төрөппүттэр", "Иитээччилэр", "Учууталлар" диэн бөлөхтөрдөөх "Ийэ тыл кэскилэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи ситим тэрилиннэ. Бу ситим сахалыы иитии-үөрэтии, сахалыы саҥаны сайыннарар хайысхалаах араас хабааннаах тэрээһиннэри, үөрэхтэри ыытыаҕа. Кэлэр сылтан ый аайы Зуумунан кэпсэтиилэр тэриллиэхтэрэ. Бу кэпсэтиилэргэ сахалыы саҥарар туох тоҕоостооҕун, туох туһалааҕын, үөрэтэргэ-иитэргэ ханнык ньымалар баалларын ырытыһыахпыт. Онон барыбытыгар да туһалаах буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Бассаабынан сигэлэр ыытыллыахтара, билэ-көрө сылдьаарыҥ.