21.07.2022 | 18:00

Киир, аас, минньигэс аста амсай!

Дьоллоох Дьокуускай олохтоохторо Нюргуяна уонна Семен Мальчеховтар түөрт кэрэчээн кыыстаах элбэх оҕолоох ыал. Ыал ийэтэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһаҕа рентгент лаборанынан үлэлиир. Билигин кыра оҕотунан уоппускаҕа олорор.
Киир, аас, минньигэс аста амсай!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

«Интэриниэт уонна социальнай ситимнэр сайданнар, асчыт кыргыттары үтүктэн, аһым арааһа дэлэйдэ, элбэххэ үөрэнним. Ас астыырым таһынан иллэҥ кэммэр кумааҕынан араас корзиналары өрөбүн, кыралаан торт оҥоробун. Бу дьарыгым барыта күннээҕи түбүктэн сынньаныы, аралдьыйыы курдук», - диэн кэпсиир Нюргуяна. 

Тиэстэ көһүйэҕэ буспут соккуой

Эйиэхэ наада:

Тиэстэбитигэр:

Сылаас үүт – 200 мл;

Ынах арыыта – 20 г;

1 улахан ньуоска саахар;

1 кыра ньуоска туус;

1 сымыыт уоһаҕа;

1 хаа доруоһа (12 г) ;

Бурдук – 400 г.

Састааппытын барытын кутан, биир кэлимсэ буолуор диэри булкуйабыт. Бурдукпутун аргыый кутан, илиигэ сыстыбат сымнаҕас тиэстэ буолуор диэри мэһийэбит (2-3 мүн). 30-60 мүн. сылаас сиргэ туруора түһэбит.

Начыыҥката:

250 г ынах этэ;

Кыһыл,  араҕас өҥнөөх биирдии устуука минньигэс биэрэс;

1 моркуоп;

4 орто хортуоппуй;

1 эриэппэ луук;

Укроп;

3 улахан ньуоска соевай соус;

3 улахан ньуоска майонез;

Сөбүлүүр приправаҕыт;

Ынах арыыта.

Эти, оҕуруот аһын барытын кубик гына кырбыыбыт. Тиэстэбитин 6 тэҥ чааска араарабыт. Начыыҥкатын 5 тэҥ чааска араарабыт. Тиэстэ биир чааһын киэргэлгэ хаалларабыт. Үллэрбит тиэстэбитин биир-биир ылан тэнитэбит уонна ортотугар начыынын ууран баран, үрдүгэр 1 кыра ньуоска ынах арыытын кутабыт. Тулатын хомуйа тутабыт. Ол кэннэ противеньҥа пергамент кумааҕыны тэлгээн, сиигинэн таҥнары уурабыт. Үрдүгэр тиэстэни эрийэн хаппах оҥоробут. Сымыыппыт уоһаҕыгар 1 улахан ньуоска үүт эбэн, көһүйэбитин сотобут.

180° С диэри сылыйбыт духуопкаҕа 30-40 мүнүүтэ буһарабыт.

Гречка кэтилиэт

Эйиэхэ наада:

450 г гречка;

1 улахан моркуоп;

1 орто кээмэйдээх эриэппэ луук;

2-3 өлүү чеснок;

3 сымыыт;

Туус, хара биэрэс,

Панировкаҕа – бурдук.

 

Бастатан туран гречкабытын ууга буһарабыт. Ол бириэмэҕэ эриэппэ луугу арыыга саһарчы ыһаарылыыбыт. Чеснокпутун уонна моркуоппутун түөркэлээн баран, луукка кутабыт. Туус, биэрэс, ким ханнык приправаны, күөх туманы сөбүлүүрүнэн эбэбит уонна, 5 мүнүүтэ ыһаарылыы охсоот, араарабыт.

Буспут гречкабытыгар сымыыт кутабыт уонна блендеринэн илдьиритэбит.

Моркуоптаах луукпутун блендердэммит гречкэбитигэр кутабыт уонна, кэтилиэт быһыылаан, бурдукка панировкалыыбыт. Итии арыыга хахтаныар диэри ыһаарылаан ылабыт.

Манник

Эйиэхэ наада:

1 ыстакаан мааннай куруппа;

1 ыстакаан суорат;

Кыра ньуоска төбөтүгэр сода.

Маны барытын 20-30 мүнүүтэ туруора түһэбит.

1 ыстакаан саахар;

2 сымыыт;

1 ыстакаан бурдук.

Барытын кутан биир кэлимсэ буолуор диэри булкуйабыт. Буһарар формабытын арыынан сотон, тиэстэбитин кутабыт. 180° С диэри итийбит оһоххо 30-40 мүн.  буһарабыт.

Дьаабылакаттан бөрүөк

Эйиэхэ наада:

350 г бурдук;

150 г ынах арыыта;

 2 сымыыт;

100 г саахар;

1 улахан ньуоска разрыхлитель; 

¼ ньуоска ванилин:

Туус.

Начыыҥката:

600 г дьаабылака;

70 г саахар;

20 г кукуруза крахмала.

Бастаан кураанах састааппытын холбуубут, венчигинэн булкуйабыт. Арыыбытын кыра гына кырбаан эбэбит, илиибитинэн мэһийэбит. Ол кэннэ сымыыппытын туспа иһиккэ венчигинэн булкуйабыт уонна үлтүрүйэ сылдьар тиэстэбитигэр кутабыт. Барыта биир кэлимсэ буолуор диэри мэһийэбит.

Тиэстэбитин түөрт чааска араарабыт. Биир кыра чааһын тоҥоро уурабыт, атынын холодильникка 30-40 мүн. туруора түһэбит.

Начыыммытыгар дьаабылаканы түөркэлиибит. Саахар (дьаабылака аһыы буоллаҕына, саахар эбэр ордук, аһары минньигэс буоллаҕына – саахарын аччатабын), крахмал кутабыт. Наһаа уулаах буоллаҕына, уутун сүөкүү түһэбит (тиэстэ аллараа өттө ситэ буһумуон сөп).

Холодильникка уурбут тиэстэбитин ылан, формаҕа бортиктаах гына тэлгиибит. Иһигэр начыыммытын кутабыт уонна тымныыга укпут тиэстэбитин таһааран, тоҥнуу начыын үрдүгэр түөркэлиибит. 180ºС итии духуопкаҕа 35 мүн. буһарабыт.

Кабачок барыанньата

Эйиэхэ наада:

2 кг ыраастаныллыбыт кабачок;

2 устуука апельсин;

1 устуука лимон;

2 кг саахар.

Кабачогу кыра кээмэйдээх кубиктарга кырбыыбыт, сиэмэтин ыраастыыбыт. Апельсин хаҕын бытархай гына кырбыыбыт, уоннааҕытын туһаммаппыт, аһыы амтан биэриэҕэ. Лимону хаҕылаан, кыра гына кырбыыбыт.

Барытын биир миискэҕэ кутабыт, саахарбытын эмиэ. 6 чаас курдук туруорабыт, кабачокпут уута тахсан, саахарбыт ууллуохтаах. Ол кэннэ 1,5 чаас кэриҥэ мөлтөх уокка туруоран оргутабыт.

Булочка

Эйиэхэ наада:

500 мл сылаас үүт;

10 г доруоһа;

100 г саахар;

1 кыра ньуоска туус;

1 кыра ньуоска ваниль саахара;

2 сымыыт;

80 мл мас арыыта;

900 г бурдук;

50 г ынах арыыта;

1 кыра ньуоска төбөтүгэр суода;

6 %-наах 1 кыра ньуоска уксуус.

 

Бурдукка диэри барытын биирдэ кутан булкуйабыт. Тиэстэбит үрдүгэр ынах арыытын уонна уксууһу кутан, илиибитинэн мэһийэбит. Маны 40-50 мүн. сылаас сиргэ уурабыт. Тиэстэбитин түһэрэбит. Өссө 20 мүн. таһаара түһэбит.

 

Тахсыбыт тиэстэбитин 18 тэҥ өлүүгэ араарабыт. 10 мүн. туруора түһэбит (тиэстэбит оһоххо киириэн иннинэ тахса түһүөхтээх). Сымыытынан үрдүн сотобут. 180ºС итии духуопкаҕа 25 мүн. буһарабыт.

Түргэнник оҥоһуллар чизкейк

Эйиэхэ наада:

400 г үлтүрүтүллүбүт бэчиэнньэ;

100 г ынах арыыта.

Начыыныгар:

350 г творожнай сыыр;

33%-наах 100 м сливки;

2 сымыыт;

Хойуу барыанньа эбэтэр ньыһыллыбыт ханнык баҕарар отон.

Үлтүрүтүллүбүт бэчиэнньэҕэ арыы кутабыт (хам туттахха, сыстыһар буолуохтаах). Формаҕа кутан, кытыытынан, түгэҕинэн ыстакаанынан күүскэ сыһыары баттыалыыбыт. Холодильникка уган 30 мүн. туруора түһэбит. Ол кэннэ начыыҥкатын оҥорон кутабыт. 160ºС итии духуопкаҕа 40-50 мүн. буһарабыт (оһохтон эмиэ тутулуктаах, 40 мүн. кэннэ бэрэбиэркэлиибит).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...