05.09.2020 | 12:26

Киинэ театрыгар ыт эрэ сылдьара көҥүллэнэр...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Дьокуускай куораттааҕы киинэ театрыгар дьикти сеанс буолан ааста. Бу сырыыга көрөөччүлэринэн ыттар буоллулар... Сорохтор соһуйбуттара, атыттар аахайбатахтара, истэн итэҕэйбэтэх да элбэх.

Дьокуускайга киинэ театрдара кулун тутар 19 күнүгэр сабыллыбыттара. Бу ыйдар тухары улахан экраҥҥа биир даҕаны киинэ көстүбэтэ, саалалар кураанахсыйан тураллар. Олохпут икки аҥыы хайынна: коронавирус иннинэ уонна кэнниттэн.

Биһигини өйөөҥ!

Арассыыйа 30 регионугар киинэ театрдара үлэлэрин сөргүппүттэрэ. Оттон атын куораттарга, биһиэхэ көҥүллэнэ илик. Дьиҥэр, үлэлии тахсаары, туруорсубуттара ыраатта. Бара сатаан, билиҥҥи кэм модун күүһүнэн – социальнай ситимнэринэн киирсэн эрэллэр. Ол курдук, киинэ театрдара таһырдьа кураанах кириэһилэлэри таһааран туруордулар. #Ямыхотимвкино, #Ямыхотимработать, #Спаситенашикинотеатры, #Кинопикет диэн хэштегтэринэн ыҥырыы таһаардылар. Бу аахсыйаҕа Дьокуускай киинэтин театрдара эмиэ кыттыстылар.

#спаситенашикинотеатры диэн ааттаһар аҥаардаах хэштеги баттаатахха, Ставрополь куоракка тиийэбит. “Салют” киинэ театрын үлэһиттэрэ көрөөччүлэригэр аналлаах пост таһаарбыттар:

“Хааччахтааһыны уһатар оруна суох дии саныыбыт. Предпринимателлэр бары кэриэтэ үлэлэрин сөргүттүлэр. Элбэх региоҥҥа, Москваҕа киинэ театрдара атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлээтилэр. Федеральнай көрдөрөр-иһитиннэрэр ханааллар, киинэ сулустара уонна биллэр-көстөр блогердар көрөөччүлэр болҕомтолорун тардаары, #идемвкино диэн реклама хампаанньатын ыыталлар.

Биһиги үлэ миэстэтин тутан хаалыахпытын баҕарабыт. Үлэһиттэрбит COVID-19 содулун биллилэр, ол эрээри регион култууратын өйүүр санаалара күүстээх”.

Дьокуускай куоракка сэттэ киинэ театра баар. Дьон-сэргэ сөбүлээн сынньанар сирдэрэ билигин иччитэх тураллар.

Куорат баһылыга Сардана Авксентьева быһа эфир кэмигэр: “Киинэ театрдарын туһунан этэр буоллахха, мин бу боппуруоһу быһаарбаппын. Ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр уонна пандемия кэмигэр олоробут. Санитарнай быраастар, идэтийбит дьон тугу этэллэрин истэбит”, – диэбитэ.

Ороскуокка олоробут

Гаврил Адамов, «Киин» киинэ театрын тутаах үлэһитэ, репертуары былааннааһын уонна реклама отделын начаалынньыга:

– Бөдөҥ дистрибьютордар блокбастердар сүрэхтэниилэрин суһаллык көһөрбүттэрэ. Биһиги, холобур, ортотунан ыллахха, күҥҥэ 14 сеансы көрдөрөр этибит. Сабыллыахпытыттан ороскуокка олоробут. Куорат дьаһалтата, Култуура министиэристибэтэ өйүүр. Онон үлэһиттэр хамнастарын кэмигэр ылаллар. Ол да буоллар, ОДьКХ өҥөлөрүгэр иэспит мунньулунна. Уопсайынан, аан дойду киинэтин индустриятын хоромньутун аахтахха, миллиардынан дуоллар тахсара буолуо. Бастакы этээспит үлэлии турар. Киинэ көрдөрбөппүт. Икки чаас буола-буола сууйуу-сотуу үлэтэ ыытыллар. Ураты эрэсиимҥэ бэлэмнэммиппит ыраатта. Рециркулятор эҥин барыта баар. Киинэ арааһа мунньулунна. Аан дойду барыта күүтэр хартыыналарын көрдөрөргө  бэлэммит.

Үчүгэй киинэлэртэн матыахпытын сөп

Интервью ылаары, атын тэрилтэлэргэ үс күнү быһа дьоҕойон эрийэ сатаатым. Төлөпүөннэрин ылбаттар. Ньам курдук. Онон социальнай ситимнэри хаһыстым.

Үлэһиттэр көрөөччүлэрин кытта ситимнэрин быспаттар эбит. Киинэ индустриятын сонуннарын, трейлердэри, тизердэри тиһигин быспакка таһаараллар.

Инстаграмҥа 11 200 сурутааччылаах «Киин» киинэ театрын курус суругун таһаарабыт:

“Тапталлаах көрөөччүлэрбит, эһигини суохтаатыбыт. Араас эйгэ үлэтэ сөргүтүллүбүтүн үрдүнэн, биһиги сабыллан турбуппут сыл аҥаара курдук буолла. Туох баар санитарнай ирдэбили тутуһан, киинэ театра аһылларга бэлэм.

Доҕоттор, эһиги көмөҕүтүгэр уонна өйөбүлгүтүгэр хаһааҥҥытааҕар да наадыйабыт!”.

“Лена” киинэ театра 14 100 сурутааччылаах:

“Эһигини COVID-19 ыарыыттан харыстыыр тугу барытын атыыластыбыт. Олус үчүгэй киинэлэрдээх репертуарбыт бэлэм. Биһиги үлэлиэхпитин наһаа баҕарабыт. Куораппыт “Довод”, “Мулан”, “Новые мутанты” киинэлэртэн матыан сөп. Биһигини өйөөҥ!” – диэн көрдөһүүтүн 4293 киһи сүрэх баттаан өйүүрүн биллэрбит. 

Көҥүллэммэтин иһин...

Үс саалалаах «Cinema Center» инстаграмҥа 21 400 сурутааччылаах.

“Киинэ театрдарын аһыллыыта балаҕан ыйын 18 күнүгэр диэри көстө. Биһиги көрөөччүлэрбитин олус суохтаатыбыт уонна эһиэхэ куттал суоһаабатын курдук ирдэбили барытын толордубут.

  1. Көрөөччүлэр бэйэ бэйэлэриттэн 1 миэтэрэ тэйиччи олороллорун ситистибит. Биир дьиэ кэргэн эбэтэр бииргэ олорор дьон кэккэлэһэ олоруохтарын сөп.
  2. Киинэ театрыгар киириигэ, саалаларга сенсорнай диспенсердэр туруорулуннулар.
  3. Киинэ театрыгар салгыны ыраастыыр рециркулятордар баар буоллулар.
  4. Хас биирдии сеанс кэннэ кварцевание ыытыллар.
  5. Ханна баҕарар социальнай тэйиччи туттуу бэлиэлэрэ баар.

Барытын хаартыскаҕа түһэрбиттэр.

“Бэҕэһээ Киинэ күнэ буолан ааста. Дьон киинэ театрдарыгар сылдьаллара көҥүллэммэт. Ол иһин... көрөөччүлэринэн түөрт атахтаах доҕотторбут – ыттар буоллулар!

Социальнай тэйиччи туттуу быраабылатын тутуһан, көрөөччүлэри саахымат бэрээдэгинэн олортубут. Биллэн турар, мааска туһунан умнубатыбыт. Түөрт атахтаах көрөөччүлэр киһи уонна ыт доҕордоһуутун туһунан киинэни көрдүлэр.

Барыта этэҥҥэ ааста. Бэрээдэги ким да кэспэтэ, тэйиччи туттуу быраабылатын бары тутустулар. Көрөөччүлэр чөкөтүк уонна ыраастык олордулар. Сеанс кэнниттэн дезинфекция ыыттыбыт.

Маннык киинэ көрдөрүү Арассыыйаҕа бастакынан буолан ааста”.

Муҥур уһукка түһүү дуу, болҕомто эрэйии дуу?

Ольга Григорьева:

– Киинэ театрдарын арыйарга уолдьаста. Маҕаһыыҥҥа сылдьабыт, кафеҕа, рестораҥҥа олоробут, фитнес саалаҕа дьарыктанабыт, поликлиникаҕа көрдөрүнэбит, оттон киинэҕэ сылдьарбыт тоҕо көҥүллэммэтий?

Павел Яковлев:

– Үлэһиттэр, арааһа, олоро сатаан, “өйдөрө” хамсаабыт быһыылаах. Биһигини күлүү гыналлар дуу? Ама да болҕомто уурдара сатаабыт иһин... Ээх, буолан истэхпит.

Ольга Ксенофонтова:

– Хааччахтааһыны бэркэ утарбыттар. Дьон сылдьара көҥүллэммэт буоллаҕына, саатар түөрт атахтаах доҕотторбут сынньанныннар ээ.

Анна Петрова:

– Баардар, кулууптар үлэлииллэр. Ол оннугар киинэ театрдарын көҥүллүө этилэр.

Людмила:

– Пандемия содула биллэн эрэр. Норуот аа-дьуо иирээри гыммыт...

Ыттары аһыммыттар аҕыйаҕа суохтар.

– Кыыллары сордоон.

– Аата, сүрүн!

– Мааскалаах тыынар куһаҕан буолуо.

Эҕэлээччи оннооҕор элбэх. 

– Абыраммыт ыттар.

– Ыт буолуохпун баҕардым.

– Куоскалары тоҕо ыҥырбатылар?

– Тоҕо биллэрии таһаарбатахтарай? Мин ыттарым хомойдулар. Кинилэр эмиэ сеанска сылдьыахтарын баҕарбыттар.

– Бэйдиэ сылдьар ыттары тоҕо ыҥырбатылар?

– Биһиги тоҕо билбэккэ хааллыбыт? Арааһа, “сибээстээх” дьон ыттара сырыттахтара.

– Аны ынахтар уонна сылгылар сылдьаллара хаалла.

Сүөргүлээччи да хаалсыбата.

– Тотон-өлөн эҥин араас буолаллар ээ.

– Аан дойду уларыйыа диэн сөпкө эппиттэр эбит...

– Бары кэтэспиттэрэ. Эһиги туох уратылааххытый? Кэтэһэргитигэр эрэ тиийэҕит. Ити ыт-кус уонна да атын кыыллар кэннилэриттэн дьону киллэрээри гынаҕыт дуо? Өссө санитарнай нуорма диэннээхтэр.

Санааларын түһэрбэттэр

Киинэ үлэһиттэрэ, бу эйгэни өйөөччүлэр үүт-хайаҕас көрдөөн, ону-маны тобула сатыыллар. Ол курдук, атырдьах ыйын 14-15 күннэригэр киин куораттан 30 км чугас сытар «Улуу Тоҕой» этнокультурнай комплекска автокинопаркинг аһыллыбыта. Бырайыак тэрийээччилэрэ иһитиннэрбиттэринэн,  парковка 10-15 массыына турарыгар учуоттаммыт, биир тимир көлө турар миэстэтин сыаната 700 солкуобай. Ол курдук, балаҕан ыйын бүтүүтүгэр диэри, хас субуота уонна бээтинсэ аайы үлэлиэҕэ. Киинэ киэһэ 21:00 чаастан саҕаланыаҕа. Тыас-уус автомодулятор нөҥүө холбонуоҕа, онон массыынаҕа Fm-приемник баар буолуохтаах. Экран кээмэйэ 5×10 миэтэрэ.

Аҕыйах хонуктааҕыта “Арассыыйа – Мин историям” паарка куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын аһаҕас халлаан анныгар киинэҕэ ыҥырбыта. Музей таһыгар Киинэ күнүгэр аналлаах бэртээхэй тэрээһиҥҥэ режиссер Степан Бурнашев ыалдьыттаабыта, “Республика Z”, “Холоп” киинэлэри көрдөрбүттэрэ. Ону таһынан кэлбит дьон викторинаҕа кыттыбыттара.   

Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт вирус содула хайдах буолуой? Биллэн турар, экономика быстар мөлтөөтө, дьоҕус уонна орто предпринимательство улаханнык эмсэҕэлээтэ. Туох барыта туллаҥнаата, түөрэҥнээтэ. “Доҕолоҥноон” баран, хаһан атахпытыгар туруохпутуй? Хаһан барыта орун-оннугар түһүөй? Сап саҕаттан салҕанан сааһыланыа дуо?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...