29.05.2020 | 16:47

Киин уокурук ханнык суоллара өрөмүөннэниэхтэрэй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл Дьокуускай куорат Киин уокуругар оҥоһуллар суоллар тула ырытыһыы ыам ыйын 28 күнүгэр видео-сибээс ньыматынан буолан ааста.

Быйыл Киин уокурукка Курашов уулуссатын Лермонтов уулуссатыттан саҕалаан Ленин проспегар диэри, Орджоникидзе уулуссатын П.Алексеев уулуссатыттан саҕалаан Петровскай уулуссатыгар диэри, Поряков-Курашов, Поярков-П.Алексеев быһа охсуһуулара уонна П.Алексеев-Стадухин-Пирогов силбэһиилэрэ өрөмүөннэниэҕэ.

Сүрүн сакаасчыт быһыытынан “Главстрой” МКТ буолар, Курашов уулуссатын 1,069 км асфальт быһыллан уопсайа 10327 кв.м. иэннээх саҥа асфальт кутуллуоҕа.Ууну аһардар лотуоктар 57 №-дээх квартал өттүнэн ааһыахтара. Маны таһынан бырайыакка 5 саҥа остонуопка тутуута киирдэ. Бэдэрээччик “Алаас” – СТК ХЭТ.

Орджоникидзе уулуссатыгар 1,756 м. устата өрөмүөннэнэр, П.Алексеев уулуссатыттан Петровскай уулуссатыгар диэри кэрчигэ оҥоһуллар. Бу суолга эбии биир балаһа оҥоһуллуохтаах.  Бырайыакка билигин баар ууну аһардар лотуоктары элбэтиэхтэрэ. Дьон сатыы сылдьар сиригэр ууну аһардар лотуоктары бетон билиитэлэринэн, күөх үүнээйи олордуллар сирдэригэр тимир эрэһээҥкэнэн сабыахтара. Орджоникидзе уулуссатыгар 6 остонуопкаҕа саҥа павильоннар туруохтара. Бэдэрээччик - “Алаас” СТК ХЭТ буолар.

Поярков - Курашов, Поярков – П.Алексеев аат. уул. быһа охсуһууларыгар 0,432 км  өрөмүөнү «Сельдорстрой» ХЭТ ыытыаҕа. Манна уот, уу, канализация ситимин көһөрүү, суол өрөмүөнэ, ууну аһардыы систиэмэтин оҥоруу былааннанар. Маны тэҥэ тротуардары оҥоруу, уулуссаны сырдатыы, көҕөрдүү үлэлэрэ кытта киирэн сылдьаллар.

П.Алексеев – Стадухина – Пирогов уул. силбэһэр эргиирдэрин «Сельдорстрой» ХЭТ өрөмүөннүүр. Уопсайа 0,386 км. суол оҥоһуллуохтаах. Бу суол силбэһиитэ уокурукка улахан суолталаах суол буолар, туох баар коммуникацията барыта көһөрүөллүөхтээх. 2 м. кэтиттээх  тротуардар, 7 уулуссаны сырдатар банаардар туруохтаахтар. Үс дьапталҕалаах асфальт суол тэлгэниэхтээх.

Кэпсэтии кэмигэр куорат олохтоохторо Курашов уулуссатын тупсарыы, Поярков-Курашов уонна Поярков-П.Алексеев уулуссаларын быһа охсуһууларыгар, П.Алексеев-Стадухин-Пирогов силбһиилэригэр сөҥүү уутун аһардар лотуоктар тустарынан ыйыталастылар.

“Главстрой” МКТ бэрэстэбиитэллэрэ кэпсээбиттэринэн, национальнай бырайыак чэрчитинэн Курашов уулуссатыгар дьон сатыы сылдьар тротуардара күрүөлэниэхтэрэ. Ол эрэн манна көҕөрдүү үлэтэ киирбэтэх.

Поярков-Курашов, Поярков-П.Алексеев уул. быһа охсуһууларыгар уопсайа 7212 кв.м. суол,  2156, 66 кв. м. тротуар оҥоһуллар. Олохтоохтор киллэрбит этиилэрэ хайаан да учуокка ылыллыахтара.

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата ыам ыйын 21 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр диэри “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагы киин куоракка олоххо киллэриигэ уопсастыбаннай ырытыылары тэрийэн ыытар. Куорат олохтоохторо өрөмүөн үлэтин туһунан кэпсэтиилэргэ видеоконференция ньыматынан (Zoom ID 7219345765), якутск.рф сайтка тахсар графигы көрөн кыттыһыахтарын сөп.

Национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 23,5 км уһуннаах 28 суол ситимэ оҥоһуллар. Бырайыак 5 сыл үлэлиирин тухары, 2019-2024 сылларга, 204,5 км суол саҥардыллыахтаах. Федаральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэн уопсайа 1,5 млрд. солк. көрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....