Киин куораттан – чугастааҕы улуустарга
Дьокуускайтан чугастааҕы улуустарга таксинан эрэ сылдьыллыбат, куорат Автовокзалыттан саҥа, ыраас, кондиционердаах уонна быдан чэпчэки сыаналаах оптуобустарынан күннэтэ айанныахха сөп.
Ол курдук, Дьокуускай куораттааҕы «ЯПАК» муниципальнай тэрилтэ түөрт улууһу уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүнэн хааччыйыыга ситиһиилээхтик үлэлиир – Нам, Чурапчы, Хаҥалас уонна Горнай. Нам улууһугар 203 №-дээх оптуобус Дьокуускай – Нам – Хатырык хайысханан сылдьар, Чурапчыга 206 №-дээх оптуобус Аллараа Бэстээҕинэн Чурапчы бөһүөлэгэр диэри айанныыр. Хаҥаласка 201 №-дээх оптуобус Дьокуускайтан Мохсоҕоллооххо диэри сылдьар. Куорат 202 №-дээх оптуобуһа, бэл, балайда тэйиччи Горнай улууһун киинигэр Бэрдьигэстээх тиийэр.
Муниципальнай оптуобуһунан сырыы биир табыгастаах уонна пассажирга барыстаах өрүтүнэн оптуобустар дьон туоларын кэтэспэккэ, олохтоммут расписаниенан сылдьаллара буолар.