13.07.2021 | 20:35

Киин куораттааҕы тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар 20 мөл. солк. тахса көрүлүннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат тыа хаһаайыстыбатыгар Управлениетын иһитиннэриитинэн, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара төгүрүк сыл нэһилиэнньэни сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйаллар. 
Быйыл хортуоппуйу, оҕуруот аһын уонна туораахтаах култуураны үүннэриинэн дьарыктанар бааһынай фермерскэй хаһаайыстыбаларга өйөбүл быһыытынан 20 мөл. 158 тыһ. солкуобайдаах субвенция көрүллүбүт.  
Сыл аҥаара бааһынай фермерскэй хаһаайыстыбалар 130 га сиргэ сэлиэһинэйи, 40 га – нэчимиэни, 190 га – эбиэһи, 60 га – күһүн ыһыллар оруоһу, 384,4 га аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһын,  1 213 га хортуоппуйу олордубуттар. 
Үрдүк көрдөрүүлээх хортуоппуйу, оҕуруот аһын уонна туораахтаах култуураны үүннэрээччилэринэн Алексей Ний, Валерий Ким, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Наталья Зотова уонна саҥа саҕалыыр фермер Гелена Менякова буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...