22.07.2021 | 11:00

Киин куорат уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дьаһалталара бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин баттастылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 21 күнүгэр Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дьаһалталара бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин түһэристилэр. Докумуоҥҥа куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин илии баттаатылар.  
Сөбүлэҥ сүрүн сыала – уопсай интэриэстэри олоххо киллэрии, холобур, Сэбиэскэй Сойуус Героя Федор Попов аатын үйэтитэргэ бииргэ үлэлээһин,  олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйөөһүн, култуураҕа, үөрэҕирии эйгэтигэр уонна спортка уопут атастаһыы. 
«Биһиги улуус дьаһалталарын уонна землячестволары кытта үлэлээһиҥҥэ улахан болҕомтобутун уурабыт. Бииргэ үлэлээһиммит уопута сүрдээх туһалаах», - диир Евгений Григорьев.
«Биһиги улууспут территорията урут киин куораты кытта сибээстээх этэ. Дьокуускай уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһа элбэх салааҕа биир хайысханан үлэлииллэр.  Сөбүлэҥҥэ илии баттаспыппыт социальнай-экономическэй сибээс бөҕөргүүрүгэр уонна нэһилиэнньэбит олоҕун таһыма үрдүүрүгэр төһүү күүһүнэн буолуоҕа», - диэн бэлиэтээтэ Николай Старостин.
Баһылыктар Дьокуускай куоракка Сэбиэскэй Сойуус Героя Федор Попов аатынан сквер тутуллар боппуруоһун быһаарыстылар. 
Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах депутата Юрий Баишев куорат 20 №-дээх Федор Кузьмич Попов аатын сүгэр оскуолатыгар спортивнай сааланы тутарга этии киллэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...