29.06.2021 | 11:30

Киин куорат суһал штаба дезинфекцияны күүһүрдэргэ сорудахтаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ куорат баһылыга Евгений Григорьев куораттааҕы суһал штабы кытта коронавируснай инфекцияны тарҕаппат сыаллаах тэрээһиннэри ыытыы тула мунньахтаатылар. Улахан болҕомто дезинфекцияҕа уурулунна. 
Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов эппитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр подъездтарыгар, уопсастыбаннай миэстэлэргэ дезинфекция толору кээмэйинэн ыытыллар. 
Бэс ыйын 27 күн киэһэ 18.00 чаастааҕы туругунан, Салайар хампаанньалар былааннаммыт 394 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 305-гэр  инчэҕэй убуорка оҥорбуттар. 2424 дьиэттэн 549-гар дезинфекциялыыр састаабынан ыраастааһын ыытыллыбыт. 
Уопсастыбаннай миэстэлэр, ол иһигэр 198 оптуобус чарапчыларыгар, 536 оҕо уонна спорт балаһааккаларыгар, 39 сквергэ, култуура уонна сынньалаҥ Пааркатын территориятыгар дезинфекциялыыр үлэ барбыт. 


Айаал Егинов информациятын истэн баран куорат баһылыга бэдэрээччиктэр үлэлэрин хаачыстыбатын хонтуруоллуур наадалааҕын бэлиэтээтэ. Кини Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа Роспотребнадзоры кытта ити хайысханан үлэни күүһүрдэллэригэр эттэ уонна нэһилиэнньэни подъездтар дезинфекцияларыгар көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда. Евгений Григорьев улахан болҕомтону оҕо балаһааккаларын дезинфекциялааһыҥҥа уурарга сорудахтаата. 
Мунньахха административнай эбийиэктэри уонна обсерватордарга дезинфекция болдьоҕо уһатылларын, итини сэргэ 304 атыы-эргиэн эбийиэктэрин санитарнай өттүнэн бэрэбиэркэлиир тоҕоостооҕо этилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...