Киин куорат прокуратурата «итии линияны» үлэлэттэ
Дьокуускай куорат прокуратурата нэһилиэнньэни, территориялары ойуур баһаардарыттан харыстыыр уонна хамнас төлөбүрүн туһунан боппуруостарга эппиэттиир сыаллаах «итии линияны» үлэлэттэ.
Ойуур баһаардарынан уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн сибээстээн, прокуратура «итии линията» 2021 сыл от ыйын 19 күнүттэн атырдьах ыйын 19 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.
Ити этиллибит кэмҥэ, 1 ый тухары, «итии линия» хамнас төлөбүрүгэр сокуон тутуһуутун туһунан боппуруостары эмиэ ылыаҕа.
«Итии линия» нүөмэрдэрэ: 8 (4112) 22-46-47 (үлэ күнүгэр 15.00 чаастан 18.00 чааска диэри) уонна 8 924-599-94-97.
Гражданнар «итии линиянан» сокуон кэһиллиитин туһунан иһитиннэриэхтэрин, нэһилиэнньэни уонна территориялары ойуур баһаардарыттан харыстыыр уонна хамнас кэмигэр төлөнөрүгэр сыһыаннаах ыйытыктарга хоруйдары ылыахтара.