01.04.2022 | 14:51

Киин куорат бастыҥ кылаас салайааччылара кимнээҕий?

Киин куорат бастыҥ кылаас салайааччылара кимнээҕий?
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат оскуолалар ортолоругар буолан ааспыт ''Бастыҥ кылаас салайааччыта'' күрэх кыайыылааҕынан Н.Е., П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын эдэркээн учуутала Егор Алексеевич Оконешников ылары ситистэ! 

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолатыттан кыттан иккис миэстэни ылбыт Александра Александровна Олейникова (Егорова) эмиэ Хатастан сыдьааннаах, биһиги биир бастыҥ, киэн туттар, олоххо көхтөөх киһибит.


Егор Алексеевич сүрдээх сэмэй, ис-тас туруктуун чэбэр, сиртэн-буортан тэйбит сэргэх, кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ аһаҕас учуутал. Кылааһа ураты – гендернэй. Оҕолоро орто сүһүөх звеноҕа атын-атын кылаастартан хомуллубут буоланнар, аалсыы, алтыһыы, бэйэ-бэйэни билсии судургута суоҕа биллэр, муҥхаал да соҕус түгэннэр бааллара. Аҥаардас уол оҕо түмсүбүт кылааһа тургутуһан, мордьооттоһон, хохучуоллаһан да көрөрүн туох диэҥий... 

–    Сүрдээх интэриэһинэй, элбэҕи биэрэр күрэххэ кытынным. Биллэн турар, соҕотох эбитим буоллар, санаммат да тэрээһиним. Бастатан туран, оскуолам салалтатыгар, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбэр, доҕотторбор, кылааһым төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэммэр махталым муҥура суох – Обоюкин Р.В., Окороков М.С., Попов А.И., Протасов Н.В., Софронова М.Д., Туприна Р.Д., Портнягина Я.В., Маркова Н.И., Обоюкина Л.П., Дьячковская Р.К., Игнатьев А.В., Томская А.А., Копырина Я.В., Константинова Ю.М., Слепцова И.Г., Павлова Т.А. Оҕолорум улааттылар, номнуо 8-с кылаас буоллубут. Дьоһун дьон. Күрэхпит үс түһүмэхтээх этэ. Саамай сэргээһини, интэриэһи тарпыт түһүмэх оҕолорбутун кытта туох бырагырааманан, инники былааннаах, хайдах ньымалары туттан үлэлиирбитин кэпсээһин этэ. Бэйэм биир саамай тутуһар өйдөбүлүм – саха киһитэ айылҕаҕа чугас буолуохтаах. Онон дьыл хайа да кэмигэр айылҕаны кытта алтыһар тэрээһиннэри ыытабыт. Ол билиҥҥи наһаа барбыт компьютеризация, интернет үйэтигэр оҕолорго сонун, саҥа да курдук. Уонна оттон саха буоламмыт хааммыт тарда сыттаҕа. Булт-алт суруллубатах сокуоннара, тыынар тыыннаахха сыһыан, үгэстэри билии курдукка сыһыаран походтар, куйуурдааһыны кытта билиһиннэрии, муҥха, тыа кыылларыгар аһыыр сири бэлэмнээһин уо.д.а. саха оҕотугар син биир чугас. Быйыл саамай өйгө-санааҕа хаалбыт тэрээһиммит диэн – Аҕа дойду көмүскээччитин күнүгэр анааммыт «Армия олоҕуттан биир күн». Оҕолор бэйэлэрэ да астыммыттара, биһиги, тэрийээччилэр даҕаны оҕолорбут тугу сатыылларын, билэллэрин көрөн үөрбүппүт, - диэн санаатын үллэстэр Дьокуускай куорат бастыҥ кылаас салайааччыта Егор Оконешников. 


Күрэххэ сүүрбэ буолан кытынныбыт. Кэпсээним түмүгэр бэйэм оскуолатааҕы кылааһым салайааччытыгар Маргарита Дмитриевна Софроноваҕа махтал тылбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Оскуола саҕаттан күн бүгүҥҥүгэ диэри сибээспитин быспаппыт. Манна даҕатан эттэххэ, иккис миэстэ буолбут Александра Олейникова эмиэ киниэхэ махтала улахан эбит. Онон иккиэммит да аатыттан махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...