04.08.2021 | 20:06

Киин куорат бааһынай хаһаайыстыбалара үүт туттарар былааны толорор сыаллаахтар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат уокуругун территориятыгар 3653 төбө ынах-сүөһү, ол иһигэр 1445 ынах баар. 2021 сылга 2 660,7 т үүтү тутар былаан турар, онтон 1 212,4 т туттарыллыбыт. Ол туһунан Уокуруктааҕы тыа хаһаайыстыбатын Управлениетыгар иһитиннэрдилэр. 
Бу күннэргэ тыа хаһаайыстыбатын Управлениетын специалистара «Якутский гормолзавод» ХЭТ дириэктэрэ Илья Самсоновтыын үүтү туттарааччылары кытта Киллэмҥэ, Мархаҕа, Хатаска сылдьан көрсөн оробуочай мунньахтары ыыттылар. 
Управление начальнига Николай Степанов информациятынан, 2021 сылтан  үүт салаатын судаарыстыбаннай өйөөһүн үрдээбит уонна ити салаа биир дохуоттааҕынан буолбут. Ынах-суөһүгэ субсидия саҥа көрүҥнэрэ киирбиттэр, ол курдук биир төбөҕө 35000 солк. 
«Өр сыллар тухары үүт тыа хаһаайыстыбатын сүрүн туттарар, дохуот киллэрэр көрүҥүнэн буолар. Тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга үүккэ көрүллэр субсидия улаатта», – диэн  кэпсиир Управление начальнига.
СӨ Сокуонугар олоҕуран, сүөһү иитиитигэр саҥа судаарыстыбаннай өйөбүл киирбит, ол чэрчитинэн соҕотуопкаланар үүтү тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан – тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарыттан, бааһынай (фермерскэй) хаһаайыстыбалартан ылыллар. Кэтэх хаһаайыстыбалар бородууксуйаларын дуогабардаспыт сыананан туттарыахтарын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....