26.01.2023 | 21:50

Киин куорат баһылыга улуустар түмсүүлэрин кытта көрүстэ

Киин куорат баһылыга улуустар түмсүүлэрин кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 25 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев куорат социальнай-экономическай сайдыытын сыллааҕы отчуотун уонна быйылгы былааннар туһунан улуустар түмсүүлэрин иннигэр кэпсээтэ.

Улуустар түмсүүлэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Неустроев ааспыт сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 үбүлүөйдээх сылларынан Сайсары күөл өрөспүүбүлүкэ култуурунай нэһилиэстибэтэ буоларын кэрэһилиир стела туруоруллубутун, араас таһымнаах субуотунньуктар, Кэбээйи, Дьааҥы оройуоннар халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэригэр, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө аахсыйалар ыытыллыбыттарын кэпсээтэ. 

Отчуот кыттыылаахтара куорат баһылыгыттан «Сатал» СОНТ, куорат кытыытыгар сылаас тохтобуллары элбэтии, оптуобус сырыытын тэрийии, оскуола тутуутун боппуруостарын туруордулар. Улуустар бэрэстэбиитэллэрин итини сэргэ куорат былыргы архитектуратын, чуолаан Залог оройуонун үйэтитии о.д.а. кыһалҕалара долгутара билиннэ. 
Улуустар түмсүүлэрин сэбиэтэ 2021 сыл кулун тутар ыйыгар тэриллибитэ. Сэбиэт 34 муниципальнай оройуон бэрэстэбиитэлин түмэр. Ордук көхтөөхтүк Горнай (Н.П. Федорова), Алдан (А.А. Кожевников), Өлүөхүмэ (А.В. Куприянов), Анаабыр (Е.А. Туприна), Нам (Г.Г. Местников), Уус Майа (А.Н. Исакова), Ньурба (Е.Г. Яковлева) түмсүүлэрэ үлэлииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...