Киин куорат баһылыга Билии күнүнэн эҕэрдэлиир
Бүгүн аан бастакы төгүлүн оскуола боруогун атыллыыр 6 тыһыынча кырачааҥҥа долгутуулаах күн. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр, кинилэр төрөппүттэригэр олохторун саҥа түһүмэҕэ саҕаланар – билии эйгэтигэр айан. Эһиэхэ түргэнник үөрэххэ адаптацияны ааһаргытыгар, саҥа доҕоттордоноргутугар, үөрэххэ ситиһиилэнэргитигэр баҕарыбын.
Оскуоланы бүтэрээччилэргэ саамай дьоһун саҥа үөрэх дьыла саҕаланар, бу кэм устата идэлэрин талыахтаахтар, судаарыстыбаннай эксээмэннэргэ уонна инники олоххо үчүгэйдик бэлэмнэниэхтээхтэр. Оҕолор дьаныардарын, талааннарын уонна педагогтар, төрөппүттэр кыһамньыларын сомоҕолоон оскуоланы бүтэрээччилэр аҕыйах сылынан куораппытыгар, өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна дойдубут бүттүүнүгэр туһаны аҕалар үрдүк квалификациялаах исписэлиис уонна дьоһун гражданин буолуохтара диэн эрэнэбит.
Арассыыйа үрдүнэн 2023 сыл Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрилиннэ. Итинэн сибээстээн, БКЭ-ни 100 баалга туттарбыт үөрэнээччилэри бэлэмнээбит бастыҥ учууталларга 100 тыһыынча солкуобай суумалаах куорат баһылыгын бириэмийэтэ олохтонно. Ити биһиги оскуоланы бүтэрээччилэрбит дойду бастыҥ үөрэх кыһаларыгар киирэллэригэр төһүү күүһүнэн буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Дьокуускайга үөрэҕирии эбийиэктэрин материальнай-техническэй базаларын бөҕөргөтүү уонна саҥардыы үлэтэ кэҥиир. Быйыл 23 эбийиэккэ, ол иһигэр 13 оскуолаҕа уонна 9 оҕо уһуйааныгар өрөмүөн ыытылынна. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээбит «Үөрэҕирии систиэмэтин саҥатытыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, киин куорат 11 оскуолаларыгар 800 мөлүйүөн солкуобайтан тахса федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһиннээх хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Ити биһиги куораппытыгар рекорд, итиччэни хаһан да өрөмүөннүү иликпит. 2023 сылга былааммыт өссө баараҕай – 1,3 млрд солкуобай суумаҕа 13 оскуолаттан итэҕэһэ суоҕу өрөмүөннүөхтээхпит.
Дьокуускайга ВЭБ.РФ. госкорпорацияны кытта бииргэ үлэлээһин түмүгүнэн үөрэҕирии эбийиэктэрин тутуу бырагыраамата ситиһиилээхтик олоххо киирэр. Үс оскуолаҕа салҕааһын тутуллар –5-с, 12-с №-дээх уонна Хатас орто оскуолаларыгар. Быйылгы үөрэх дьылыгар өссө икки салҕааһын тутуутун саҕалыахпыт – 26-с уонна 29-с №-дээх оскуолаларга. Ити бырагырааманан 2024 сыл бүтүөр диэри Дьокуускайга 8 үөрэҕирии эбийиэгэ тутуллуоҕа уонна атыылаһыллыаҕа.
Ураты болҕомтону үүнэр көлүөнэни патриотизм уонна гражданственность тыыныгар иитиигэ ууруохтаахпыт. Биһиги – улахан дьон, учууталлар, төрөппүттэр оҕолорбутугар кыра саастарыттан судаарыстыбаннай символларга – былаахха, гимнҥэ, өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа гербэлэригэр, улуу дойдубут историятыгар ытыктабылы иҥэриэхтээхпит; үөрэнээччилэри туһалаах социальнай бырайыактарга, физическэй култуураҕа уонна спортка, оҕо, ыччат хамсааһыннарыгар көхтөөхтүк кытыннарыахтаахпыт.
Саҥа үөрэх дьыла ситиһиилээх, таһаарыылаах буоллун, эһиэхэ саҥа арыйыылары, үөрүүнү аҕаллын.
Бырааһынньыгынан! Билии күнүнэн!
«Дьокуускай куорат» куорат уокуругун баһылыга Евгений Григорьев