Киин куоракка саҥа спорт саалата үлэлээтэ
Эбийиэк өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн «2020-2024 сылларга физическэй култуураны уонна спорду сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан үбүлэммит.
«СӨ ИДьМ Идэҕэ бэлэмниир киинигэр спордунан дьарыктанарга анал тутуу наада этэ. Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспата эбийиэги былырыын эрэ саҕалаан баран, номнуо үлэҕэ киллэрдэ. Полиция үлэһиттэрэ манна дьарыктанан, идэлэригэр туһалаах үөрүйэхтэри баһылыылларын ааһан, бу спорт саалата өрөспүүбүлүкэҕэ куттал суох буолуутугар тирэх буоларыгар эрэнэбин», – диэтэ Айсен Николаев.
СӨ ИДьМ миниистирэ полиция генерал-лейтенана Владимир Прокопенко министиэристибэ үлэтигэр судаарыстыбаннай болҕомто ууруллубутун иһин махтанна. «Сотрудниктарбыт манна самбо бойобуой албастарын үөрэтиэхтэрэ, ытар дьоҕурдарын сытыылыахтара», – диэтэ Владимир Прокопенко.
Саала маҥнайгы этээһигэр 25 миэтэрэлээх биэс ытар миэстэлээх тир, быраас кабинета, ытарга үөрэтэр кылаас, уларыттар хос, санузел бааллар. Бары кабинеттар компьютерынан, миэбэлинэн толору хааччыллыылаахтар.
Оттон Идэҕэ бэлэмниир кииҥҥэ барыта 21 араас бырагыраама үлэлиир, ол иһигэр 6 бырагыраама – полицияҕа саҥа үлэлии киирбиттэргэ, 15 – идэни үрдэтэр куурустар. Сыллата манна 500-тэн 700-чэкэҕэ тиийэ ИДьМ уонна Росгвардия үлэһитэ дьарыктанар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Андрей Сорокин, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ.