Киин куоракка саҥа оптуобустар кэллилэр
Кулун тутар 3 күнүгэр Дьокуускайга «ЯПАК» муниципальнай тэрилтэ ылбыт КАВЗ мааркалаах саҥа 2 оптуобус кэллэ. Бу иннинэ, кулун тутар 1 күнүгэр 4 оптуобус кэлбитэ, өссө 2 Тыындаттан айаннаан иһэллэр. Саҥа оптуобустары куорат баһылыга Евгений Григорьев көрдө-иһиттэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«ЯПАК» МУТ информациятынан, саҥа оптуобустар кондиционердаахтар, иккилии хос стеклопакеттаахтар, муосталара эмиэ иккилии хос, эбии ититэр тэриллээхтэр уонна доруобуйаларын туругунан хааччахтаах гражданнарга аналлаах табыгастаах эйгэ ирдэбиллэригэр толору эппиэттииллэр. «Ходовой» чаастарын «ЯПАК» «туйгунунан» сыаналаата. Итини таһынан, саҥа тиэхиньикэ гааһынан айанныыр, экологияҕа буортуну оҥорбот уонна барыстаах.
«Бу сыл тухары Дьокуускайга куорат кытыыларыгар сылдьар оптуобустар бүтүннүү саҥардыллыахтара. Итиннэ эбии 15 оптуобус куорат иһигэр сүүрүөхтэрэ. Маны таһынан, «ЯПАК» МУТ 10 оптуобуһа оройуоннар икки ардыларыгар сылдьар буолуохтара. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан бары оптуобустар собуокка хомуллан кэлэргэ бэлэм тураллар», – диэтэ Евгений Григорьев. Кини өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уонна тырааныспарга Министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлэспит былааннар уонна туруоруллубут соруктар ситиһиилээхтик олоххо киирэн иһэллэрин бэлиэтээтэ.
100 саҥа оптуобус Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар атыылаһынна.
Манна даҕатан эттэххэ, саҥа оптуобустар бары Дьокуускайга муус устар 10 күнүгэр диэри кэлиэхтээхтэр. Ол иһигэр 65 КАВЗ мааркалаах улахан кылаастаахтары «ЯПАК» МУТ атыыласпыт. Итинтэн 55-һэ куорат иһигэр уонна кытыыларынан, оттон 10 оптуобус муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларыгар чугаһынааҕы оройуоннарга – Горнайга, Намҥа, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка уонна соҕуруу өттүгэр – Алдаҥҥа, Нерюнгрига сылдьыахтара.
«Союз Авто» кэмиэрсийэтэ суох уопсастыба чааһынай таһааччылара атыыласпыт 35 ПАЗ оптуобустара «Вектор NEXT» мааркалаахтар, орто кылааска киирсэллэр.