11.02.2021 | 09:40

Киин куоракка үс ыйдаах ыраастааһын саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев дьаһалынан олунньу 8 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри киин куоракка үс ыйдаах ыраастааһын биллэрилиннэ. Сыл аайы ыытыллар тэрээһин былырыын олунньу 15 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри салҕаммыта.

Бу кэмҥэ тэрилтэлэр, кэлэктииптэр үлэлэрин куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы  Роман Сорокин салайааччылаах анал штаб хонтуруоллуоҕа. 

Быйыл чааһынай дьиэ элбэх сирдэрин кыраҕытык кэтиэхтэрэ. Ол курдук, ааһар суолга хаардарын көҥүлэ суох таһааран тоҕор бас билээччилэр административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтара.

Ыраастааһын ыытыллар ыйдарыгар рейдэлэр ыытыллыахтара. Ирдэбиллэри тутуспат, кэһэр түгэннэри Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйата көрүөҕэ.

Маны таһынан, былаан быһыытынан дьиэ кыылларыгар регистрация оҥоһуллубутун, быһыы бэриллибитин-суоҕун бэрэбиэркэлиир үлэ ыытыллыаҕа.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...