Киин куоракка Сүрэх-тымыр киинэ арылынна
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн киин куоракка Сүрэх-тымыр киинин арыллыыта буолла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ РФ доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Мурашко уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кытыннылар. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Киин тутуута Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтин көҕүлээһининэн, «Биир кэлим субсидия» федеральнай бырагыраамаҕа киирэн икки сыл иһигэр тутулунна. Үбүлээһин уопсай суумата – 5,1 млрд солкуобай, улахан өттө Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтин линиятынан ыытылынна. Саҥа Сүрэх-тымыр киинэ Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Арассыыйа үрдүнэн саамай аныгы киининэн буолар.
«Бүгүн биһиги отой ураты эбийиэги арыйабыт — медицина бриллианын, бу бүгүҥҥү күҥҥэ региоҥҥа олус наадалаах — Сүрэх-тымыр киинэ. 15 тыһыынча кв миэтэрэ үрдүк технологиялаах, уһулуччу хааччыллыбыт эбийиэк. Манна 560-тан тахса персонал уонна 260 быраас үлэлиирэ былааннанар», — диэтэ Михаил Мурашко.
Кини манна кардиология уонна терапия сулууспаларын салайан, сэрэтэр үлэни, диагностиканы уонна эмтээһини дьүөрэлээн ыытарга туһуламмыт сүрүн киин буолуоҕа диэн бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана өссө 2019 сыллаахха бу боппуруоска Уһук Илиҥҥи уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневы кытта кэпсэппитин уонна Уһук Илиҥҥи бырагырааманан федеральнай бүддьүөттэн үп бэриллэрин ситиспит Юрий Петрович өйөбүлүнэн бу эбийиэк тутуутун быһаардыбыт диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Ыраах сиргэ тайаан сытар нэһилиэнньэлээх пууннардаах, килиимэти, логистиканы кытта сибээстээх уустуктардаах Саха сиригэр Сүрэх-тымыр киинэ ураты суолталаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ кини өрөспүүбүлүкэбитин эрэ буолбакка, ыаллыы регионнарбытын – Магаданы уонна Чукотканы эмиэ хабыан сөп. Бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ, тутууну үбүлүүргэ көмөлөспүт дьоҥҥо махтанабын. Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар, РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтигэр өрөспүүбүлүкэ бырайыагын өйөөбүттэригэр махтанабын. Биһиэхэ РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ, РФ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко улаханнык көмөлөстүлэр.
Аны билигин чугастааҕы сорукпут – киин куоракка Онкология киинин үлэҕэ киллэрии. Кистэл буолбатах, аан дойду үрдүнэн, ол иһигэр биһиэхэ, искэн ыарыылаахтар ахсааннара элбээн иһэр. Онкология киинэ эмиэ маннык үрдүк таһымнаах буолуоҕа диэн эрэнэбит. Өссө биир инники сорукпут – инфекционнай балыыһаны тутуу. Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ инфекционнай анал балыыһабыт суох. Маннык балыыһа булгуччу баар буолуохтааҕын ковид балаһыанньата көрдөрдө», — диэтэ Айсен Николаев.
Ыам ыйын 1 күнүгэр регион баһылыга Айсен Николаев уонна РФ доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Мурашко тутулла турар Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология киинигэр сырыттылар. Тутуу график быһыытынан бара турар, бүгүҥҥү күннээҕи туругунан эбийиэк 67,3 % бэлэм.
180 куойкалаах стационардаах Онкология киинин уопсай иэнэ 25 тыһыынча кв. миэтэрэттэн тахса. Эбийиэк тутуута «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, итиэннэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын 2020-2024 сылларга сайдыыта» өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагырааманан үбүлүнэр. Онкология киинэ 2023 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киирэрэ былааннанар.