Киин куоракка РОСДОРНИИ экспертэрэ кэлэн суол өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтилэр
Владимир Кудашев салайааччылаах РОСДОРНИИ Уһук Илиҥҥи филиалын экспертэрэ Дьокуускай куоракка кэлэн «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар суол өрөмүөнүн хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтилэр.
Суол өрөмүөнүн кэтээн көрүү кэккэ түһүмэхтэринэн барар: бэлэмнэнии, үлэ саҕаланыыта, үлэ түмүгүн тутуу.
Бэс ыйын 25 күнүгэр экспертэр «Главстрой» МХТ специалистарын кытта куорат таһынааҕы Хатас сэлиэнньэтигэр сылдьан Каландаришвили уулуссатыгар ыытылла турар суол өрөмүөнүн көрдүлэр. «Главстрой» суол тутуутугар салаатын кылаабынай специалиһа Павел Сидоров үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.
РОСДОРНИИ экспертэрин суол хаачыстыбатыгар сыанабылларын уонна өрөмүөн үлэтин туһунан сиһилии кэпсиир фоторепортааһы «Киин куорат» хаһыат от ыйын 1 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.