20.11.2019 | 12:50

КИИН КУОРАККА МАҤНАЙГЫ КУПОЛЛААХ ДЬИЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Кангалаас» урутаан сайдыы сиригэр купол бүрүһүөннээх дьиэ баар буолла. Бу туһунан социальнай ситимнэр кэпсээбиттэрэ ыраатта.

Сонун бырайыак сыл саҕаланыыта М.К. Аммосов аатынан ХИФУ уонна «Синет» хампаанньа хардарыта сөбүлэһиилэрин чэрчитинэн олохтоммут.  Куполлаах дьиэ ирбэт тоҥҥо хайдах дьайарын үөрэтэргэ сир кырсын чинчийэр анал термодатчиктар турбуттар. Маныаха майгынныыр объект Норвегия хоту өттүгэр 2013 с. тутуллубута биллэр.

ХАЛЛААН АННЫГАР ДЬОН КЫСТЫА ДУО?

Купол анныгар олох олоруу, тыыннаах хаалыы, арааһа, фантастика эйгэтиттэн эрэ буолуох курдук. Ол эрэн “Sinet Group” хампаанньа салайааччыта Арсен Томскай бу санаа аныгы олох ирдэбилэ буолла диэн санаалаах:

– Саха сирин олохтоохторо саамай сүрүн кыһалҕабыт, арааһа, уһун уонна тымныы кыһыммыт буолуо. Ирбэт тоҥу элбэхтик үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ наада. Бу бырайыак инникилээх диэн бүк эрэллээхпит. Инникитин биһиги толкуйбутунан киһи олорор кыахтаах буоллаҕына, “Куупал” бырайыак бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаныан сөп.

САБЫЫ АННЫГАР КУОРАТ БАРЫТА

Арай купол анныгар куорат биир кыбаартала эбэтэр бүттүүн киирдин? Тоһуттар тымныыттан куотан абыраныа этибит дуо? Эксперимеҥҥэ биир эдэр ыалы талан ылаллар. Уонна сыл устата бу ыал доруобуйатын бүтүннүү кэтээн көрүөхтэрэ. Оттон бырайыак кыттыыллаахтара ыал күн аайы YouTube нөҥүө быһа сибээскэ тахса олоруохтара, туруктарын дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхтэрэ.

САХА СИРИН ИРБЭТ ТОҤО

Сахабыт сирин ирбэт тоҥун феноменыгар аан дойду учуонайдара бары төбөлөрүн сынньаллар. Онон бу бырайыагы биһиги сэргэ аан дойду барыта кэтээн көрүөҕэ. Онон планета кураанах сирин 25%, Арассыыйа 65% ылар ирбэт тоҥ купол анныгар бэйэтин хайдах дьаһанарын бука бары кэтээн көрүөхпүт – дьон доруобуйатын, салгын, дьиэ температуратын барытын. Маныаха диэн Томскай куораттан профессиональнай метеостанция сакаастаныллыбыт.

ҮЛЭҔЭ КИИРЭРГЭ БЭЛЭМ

Куполлаах дьиэ Дьокуускай куораттан 40 км тэйиччи «Кангалассы» урутаан сайдыы пааркатыгар тутулла турар. Хаартыскаҕа көрөрбүт курдук, үлэ улахана түмүктэммит.

“Купол» бырайыак сүрүннүүр салайааччыта Екатерина Павлова:

– Бу дьиэҕэ киирэн олохсуйарга 60-ча ыалтан сайаапка киирэн сытар. Ол эрээри сайаапка улахан аҥаара аккаастанна. Тоҕо диэтэххэ медиктэр оҕолоох дьиэ кэргэни олохсутары боптулар. Тэрийэр хамыыһыйа аҕыйах ыалы талан ылла, сотору кэминэн кимнээхтэрин билиэхпит.

– Оттон бырайыак кыттыылаахтара дьиэттэн тахсар бырааптаахтар дуо?

– Кыттааччылар тахсар бырааптаахтар. Үлэлэригэр баралларыгар массыыналарын туттуохтарын сөп. Дьиэ оҥоһуута атын дьиэлэртэн улахан уратыта суох. Купол иһигэр оһохтоох, онтулара аныгылыы оҥоһуулаах, “котел длительного горения” дэнэр.

БУОР БОСХО

Объекка киирбит эдэр ыал туттар малын, иһитин-хомуоһун, утуйар таҥаһын уонна техникатын аҕалыан сөп. Аһа-үөлэ барыта хампаанньа суотугар. Эксперимент кыттыылаахтарыгар сүрүн ирдэбил – купол иһигэр туох буола турарын барытын социальнай ситимнэр нөҥүө сырдата олоруохтаахтар.

КУПОЛ КЭЭМЭЙЭ

Куполы чугастан көрдөххө, олус кыра кээмэйдэээх курдук. Ол эрээри кини 6 туоннаҕа тиийэ ыйааһыннаах, диаметра 20 миэтирэ. Купол бэйэтэ таҥыы оҥоһук, үрдүнэн ПВХ-пленканан бүрүөһүннээх. Бүгүҥҥү туругунан дьиэ ис бараанын, малын-салын оҥоһуута хаалан турар. Кыһын хаар купол саамай оройугар эрэ хаалара сабаҕаланар, уоннааҕыта сыыйа халтарыйан түһүөхтээх. Ол эбэтэр ыал аһаҕасхаллаан анныгар олорор курдук буолар.

ХОЛОНОН КӨРҮҮ КЭННЭ ТУОХ КҮҮТЭР?

Эксперимент үчүгэй түмүктэри биэрдэҕинэ, өссө улахан кээмэйдээх куполлар оҥоһуллаллара былааннанар. Билиҥҥи туругунан туох, ханнык  хартыына буоларын ким даҕаны чопчу быһааран биэрэр кыаҕа суох. Арай “Sinet Group” хампаанньа купол анныгар кэнэҕэһин оҕуруот аһын, оту-маһы олордуон баҕарар. Холобура, тэпилииссэҕэ уонна купол анныгар үүммүт бородууктаны тэҥниэххэ сөп. Эбэтэр куполынан бүтүн күөлү бүрүйэн, гидрологияҕа, ирбэт тоҥу үөрэтиигэ сыһыаннаах чинчийиилэри ыытар тоҕо сатаммат буолуой? Бүгүҥҥү тыын кыһалҕабыт – суолу аспааллааһын, оҥоруу даҕаны купол анныгар сылааска оҥоһуллара дэлэ абыраллаах буолуо этэй?!

ОННУК ЭТЭ...

Кэнэҕэһин кыһын куораппытын бүтүннүү купол анныгар уган, сайыҥҥылыы сылааска, күөххэ олоруо этибит дуо? Оттон эн, күндү ааҕааччым, ахсынньы аам-даам тымныытыгар дьиэҥ таһыгар бассейҥҥа сөтүөлүөххүн, соҕуруу дойду сибэккилээх мастарын мүөттээх сытын дуоһуйа эҕирийиэххин баҕарбаккын дуо?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...