03.09.2021 | 14:08

Киин куоракка «Мөлүйүөн сибэкки» күрэх түмүктэннэ

Киин куоракка «Мөлүйүөн сибэкки» күрэх түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 2 күнүттэн атырдьах ыйын 23 күнүгэр диэри Дьокуускайга «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МКТ «Мөлүйүөн сибэкки» күрэҕи тэрийэн ыыппыта. Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата күрэх түмүктэрин иһитиннэрдэ. 
Быйылгы күрэххэ кыттыан баҕалаахтартан 11 сайаапка киирбит. Күрэх түмүгүнэн «Тэрилтэлэр» номинацияҕа I миэстэни уонна 30 тыһыынча солкуобайдаах харчынан граны «Якутский хлебокомбинат» АУо ылла. 
II-с миэстэҕэ – Дьокуускайдааҕы ГРЭС («Якутскэнерго» ПАУо), 20 тыһыынча солкуобайга тигистэ.
«Оскуолаҕа киириэх иннинээҕи үөрэҕирии тэрилтэлэрэ» номинацияҕа I миэстэҕэ – оҕо сайдыытын Киинэ, 86 №-дээх «Колокольчик» оҕо уһуйаана (грант – 50 тыһыынча солкуобай). 
II миэстэҕэ – оҕо сайдыытын Киинэ, 3 №-дээх «Катюша» оҕо уһуйаана (грант – 30 тыһыынча солкуобай). 
III миэстэҕэ – 14 №-дээх «Журавлик» оҕо уһуйаана, (грант – 20 тыһыынча солкуобай). 
«Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ» номинацияҕа «Городская классическая гимназия» МО БУ кыайыылааҕынан таҕыста уонна 50 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланна. 
II миэстэҕэ – «Якутский медицинский колледж» ГБПОУ, (грант – 30 тыһыынча солкуобай). 
III миэстэҕэ — «М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет», (грант – 20 тыһыынча солкуобай). 
«Тиэргэн территорията» номинацияҕа I миэстэни Жорницкай уулуссатын 7/10 элбэх кыбартыыралаах дьиэтин олохтоохторо ылбыттар (грант – 20 тыһыынча солкуобай). 
II миэстэҕэ – Бестужев-Марлинскай уулуссатын, 9/2 элбэх кыбартыыралаах дьиэтин олохтоохторо (грант – 15 тыһыынча солкуобай). 
III миэстэҕэ – Ларионов уулуссатын, 8 элбэх кыбартыыралаах дьиэтин олохтоохторо (грант – 10 тыһыынча солкуобай). 
14 №-дээх «Журавлик» оҕо уһуйаана «Лучший цветник» номинацияҕа анал бирииһинэн бэлиэтэммит уонна «One cliсk Yakutia» порталга куоластааһын кыайыылааҕынан тахсыбыт. 
«Мөлүйүөн сибэкки» күрэххэ юридическэй уонна физическэй сирэйдэр, предпринимателлэр, коммерческайа суох тэрилтэлэр, территориальнай бэйэни салайыныы уопсастыбалара кыттыбыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...