12.08.2021 | 11:30

Киин куоракка Кыайыы Пааркатын тупсараллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Кыайыы Пааркатын тупсаран оҥоруу 2-с уочарата саҕаланна. Үлэни 37,8 мөл. солк. суумалаах муниципальнай хантыраагынан бэдэрээччик «Граджилстрой» ХЭТ оҥорор. Бэдэрээччик үлэтин атырдьах ыйын 10 күнүттэн саҕалаабыт. Быйыл 46 697 кв. м. иэннээх территория тупсаран оҥоһуллуохтаах. 
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри эбийиэккэ туруору планировка сороҕо, суолу аспааллааһын, тротуар, бэлиссипиэттиир суоллар, ууну сүүрдэр лотоктар уо.д.а. оҥоһуллуохтара. 
Сакаасчыт «Главстрой» МКТ информациятынан, Кыайыы Пааркатын тупсаран оҥоруу чэрчитинэн быйыл «Кыайыылаах Саллаат дьиэ кэргэнинээн» скульптурнай композиция туруоруллуохтаах. 17 мөл. солк. хантыраагынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Худуоһунньуктарын Айар Сойууһа» скульптуранан хааччыйыаҕа. Тутар-таҥар үлэ болдьоҕо балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри. 
Санатан эттэххэ, Кыайыы Паарката Өктөөп 50 сыла уулусса автострадатыгар «Үс Сэргэ» стела аттыгар баар. Бырайыагы «Старт» Бырайыактыыр бюро ХЭТ оҥорбут. Бырайыак быһыытынан паарка территориятыгар болуоссат, мемориальнай маршрут, фонтан, сүүрэргэ уонна бэлиссипиэттииргэ анаммыт суоллар, оҕолорго уонна спордунан дьарыктанарга анаммыт зоналар, остуол оонньуулара, гамактар, фудкорт уонна амфитеатр баар буолуохтара. 
Кыайыы Паарката — сынньанарга, саатыырга анаммыт аныгы паарка, ити таһынан, сүрүн соруга – Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан история өйдөбүнньүгэ буолар. 
Паарканы тупсаран оҥоруу Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Дьокуускай куорат 390 сылларыгар – 2022 сылга түмүктэниэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....