Киин куоракка «Квартал труда» креативнай кластер баар буолуо
Куорат баһылыга Евгений Григорьев «Квартал труда» креативнай кластеры оҥорор сыаллаах көһө сылдьар мунньаҕы ыытта.
Мунньах хаамыытынан, оробуочай бөлөх Труд уулуссатын өрөмүөннүүр бырайыагы көрдө. Суол капитальнай өрөмүөнэ, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2022 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Быйылгыттан уулусса-суол ситимэ территорияны тупсарар уонна креативнай кластер оҥорор сыаллаах өрөмүөннэнэр.
Сакаасчыт «Главстрой» МКТ информациятынан, бу эбийиэккэ икки балаһалаах массыына суола, саҥа тротуардар, уу сүүрдэр лотуоктар, кэтээн көрүү камералара, суол бэлиэлэрэ баар буолуохтара, архитектурнай пуормалар, оптуобус тохтобуллара оҥоһуллуохтара. Бырайыак быһыытынан, улахан массыына фургоннарыттан атыы-эргиэн тэриллиэхтээх.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, сүрүн соругунан бу уулуссаны эрэ буолбакка, аттынааҕы территорияны эмиэ тупсаран оҥоруу буолар.
«Бастакытынан, улахан уйуктаах фургоннар тохтуулларыгар хааччахтааһын киллэриэхпит. Сотору кэминэн суолга сэрэхтээх буолуу Хамыыһыйатыгар улахан уйуктаах тырааныспарга хааччахтааһын бэлиэлэрин туруорары быһаарсыахпыт. Итини сэргэ, куораттааҕы штрафстоянка улахан уйуктаах тиэхиньикэни тутар уонна таһаарар буоларын быһаарар сорук турар», - диир куорат баһылыга.