17.06.2021 | 18:30

Киин куоракка коррупцияны утары научнай-практическай конференция ыытыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга бэс ыйын 16-17 күннэригэр коррупцияны утары судаарыстыбаннай политика тыын боппуруостарыгар научнай-практическай конференция буола турар. 
Конференция онлайн көрүҥүнүнэн барар. Дискуссионнай балаһааккаҕа судаарыстыбаннай былааска уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар коррупцияны уонна сокуону кэһиини сэрэтэр сыаллаах салаалар бэрэстэбиитэллэрэ Уһук Илин регионнарыттан кытталлар.
Конференцияҕа кыттаары Дьокуускайга РФ Президенин Управлениетын уонна РФ Президенин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочунай бэрэстэбиитэлин Аппараатын үлэһиттэрэ кэллилэр. 
Тэрээһин сүрүн боппуруостара – коррупцияны утары сокуон үлэҕэ киириитэ,  ити хайысханан үлэҕэ үчүгэй түмүктээх хардыылары оҥоруу уонна уопут атастаһыыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...