19.08.2021 | 14:30

Киин куоракка коронавируснай инфекцияны тарҕаппат миэрэлэри тутуһуу хонтуруолланар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспарга, атыы-эргиэн, саататар уонна аһылык эбийиэктэригэр санитарнай-эпидемическэй  ирдэбиллэри хонтуруоллааһын эриэйдэлэрэ салҕаналлар.

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр салалта территориальнай уорганнарын испэсэлиистэрэ 31 эбийиэги, ол иһигэр 6 оптуобуһу бэрэбиэркэлээтилэр. Түмүккэ Гагаринскай уокурукка биир санитарнай ирдэбили кэһии биллибит, итиннэ атыы-эргиэн  уонна тырааныспар 8 эбийиэгэ бэрэбиэркэлэммит. Киин уокурукка эмиэ биир ирдэбили кэһии тахсыбыт, 2 эбийиэк көрүллүбүт. Автодорожнай, Губинскай, Сайсаар уокуруктарыгар уонна Марха микрооройуонугар туох да кэһиилэри булбатахтар. Октябрьскай, Промышленнай, Строительнай уокуруктарыгар эриэйдэ ыытылла илик.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр СӨ КоАП 3.8 «Несоблюдение требований нормативных правовых актов РС (Я), направленных на предотвращение и устранение последствий распространения новой коронавирусной инфекции (COVID-19)» ыстатыйатынан биир боротокуол толоруллубут.
Отчуоттаах кэм устата барыта 293 боротокуол оҥоһуллубут. Итинтэн 192 дьыала мировой суукка көрүллүбүт. 177 тэрилтэҕэ сэрэтии бэриллибит, олортон 14-дэ ыстарааптаммыт, биир тэрилтэ буруйу кэһиитэ бигэргэтиллибэккэ дьыалата тохтотуллубут.
Атыы-эргиэн үлэһиттэрин уонна оптуобус суоппардарын кытта коронавируснай инфекция тарҕамматын курдук хааччахтыыр миэрэлэри тутуһуу булгуччулааҕын туһунан бэсиэдэ ыытыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...