13.12.2023 | 10:00

Киин куоракка киинэ бэстибээлэ тэриллэр буолла

РФ Култуураҕа миниистирэ Ольга Любимова, СӨ Култуураҕа миниистирэ Афанасий Ноевы кытта көрсүһүүгэ, Дьокуускайга киинэ бэстибээлин тэрийэри өйөөтө диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Киин куоракка киинэ бэстибээлэ тэриллэр буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ольга Любимова бэлиэтээбитинэн, режиссердарга, үлэлэрин көрдөрөргө, алтыһарга сөптөөх балаһаакка тэриллиэн наада.  

Итини таһынан, биэдэмистибэ баһылыктара Саха сиригэр киинэ оҥоһуутун дьүүллэстилэр, Афанасий Ноев киэҥ далааһыннаах бырайыак – Эпос уонна искусство Арктическай киинин тэрийии туһунан кэпсээтэ.  

Көрсүһүүгэ, итини сэргэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыллаахха көҕүлээбит «Култуура» национальнай бырайыагын олоххо киллэрии тула барда. Федеральнай былаас өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ култуура тэрилтэлэрин тутуута, өрөмүөнэ, саҥа тэрилинэн хааччыллыыта ыытыллар. Саха сирин кэлэктииптэрэ  «Улахан гастроллар» уонна «Биһиги – Арассыыйа» бырагыраамаларга көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, быйыл 17 төгүлүн дойду араас куораттарыгар уонна 3 төгүл саҥа регионнарга кэнсиэртээтилэр.

Кэнники биэс сыл иһигэр Саха сиригэр, национальнай бырайыак чэрчитинэн, 45 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, 139 кулууп материальнай-техническэй баазата тупсарылынна, 19 култуура тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 14 модельнай библиотека оҥоһулунна, 18 оҕо искусствотын оскуолата үнүстүрүмүөнүнэн хааччылынна, 5 автокулууп ылылынна.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирэ, Арассыыйа үрдүнэн киинэ оҥоһуутугар инники кэккэҕэ,  Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн сылдьар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...