Киин куоракка кэлэр кэм оскуолата
Дьокуускай куоракка «Школа 21» инновационнай үөрэх тэрилтэтэ быйыл күһүҥҥүттэн үлэҕэ киирээри турар. Аныгы инновационнай хабааннаах оскуола “Сбер” тэрилтэ иитинэн арыллар. Биһиги хаһыаппыт «Школа 21» кампус дириэктэрин кытта уонна анал идэни баһылаабыт Москватааҕы оскуола выпускниктарын кытта кэпсэттэ.
IT технология хайысхатыгар саҥа үктэл
Светлана Софронова, Дьокуускай куораттааҕы “Школа 21” кампус дириэктэрэ:
— «Школа 21» – бу биир санаалаах, ол эбэтэр IT технология аныгы сайдыытыгар биирдик толкуйдуур дьон балаһааккалара. Биһиги ахсааммыт хайыы үйэ 4 100 буолла! IT оскуолаҕа араас идэлээх дьон киирэллэр. Манна фокусник, полиция үлэһитэ, хирург быраас, бортпроводник, муора биолога, асчыт онтон да араас идэлээх дьон бааллар. Аҥаардара программированиеҕа уопута суохтар. Үөрэх кууруһа 18 саастарын туолбут дьоҥҥо ананар. Ол курдук, кинилэр практическай билиини ылыан баҕалаахтар, бэйэлэрин эйгэлэригэр саҥа үөрүйэхтэри туһанарга эбэтэр идэлэрин букатын уларытарга дьулуһаллар.
“Школа 21” оскуолаҕа үөрэтии уратыта диэн манна лиэксийэ, ментор уонна расписание суох буолар. Үөрэтии методиката кэлэктиибинэй үөрэҕи сайыннарар уонна хамаанданан үлэни эрэйэр. Хас биирдии кыттааччы ылбыт билиитин атын дьону кытта үллэстэр. Маннык үөрэтии бириинсибэ түргэн билиини биэрэр, быраактыкаҕа билиини хаҥатар, кэпсэтии-ипсэтии үөрүйэхтэрин кэҥэтэр, хамаандаҕа үлэлииргэ үөрэтэр. Бу методика ону сэргэ хас биирдии кыттааччыга тус бэйэтэ үөрэнэригэр кыах биэрэр уонна кини бэйэтин бириэмэтин сатаан салайар буолар. Быһа холоон этэр буоллахха, IT-эйгэтин саҥа саҕалааччы таһымыгар тиийэргэ кырата балтараа сыл ирдэнэр, орто таһымҥа тахсарга үс сыл наада. Судургутук эттэххэ, ханнык баҕарар киһи, баҕалаах эрэ буоллаҕына, үс сылынан разработчик буолар кыахтаах.
Сүүмэрдиир түһүмэххэ кыттааччылар IT индустрияттан толору тургутууну ылаллар: программирование тылынан код суруйарга үөрэнэллэр, биир нэдиэлэ иһинэн бэйэлэрэ сатыыр кыахтаах оонньууларын айаллар, кылгас болдьоххо уустук соруктары уонна, биллэн турар, хамаанданан үлэ тиһигин быһаарса, дьону кытта тэҥҥэ, бииргэ үлэни таһаарыылаахтык оҥоро үөрэнэллэр.
Өскөтүн, IT-эйгэтигэр интэриэс баар буоллаҕына, хайаан да боруобалаан көрүөхтээххит дии саныыбын. Биһиги оскуолабытыгар үөрэнии босхо.
Үөрэх туһунан өйдөбүлү толору көрдөрөр чаҕылхай уопут
Ирина Егорова, дата-аналитик идэлээх, Москватааҕы “Школа 21” кампус выпускнига:
— “Школа 21” оскуола саҥа таһымҥа тахсарга көмөлөстө. Аҕыйах сыл анараа өттүгэр ахсынньы ыйга үөрэммитим, онтон билигин аналитик быһыытынан үлэлиибин.
Мин, дьиҥэр, экономист идэлээхпин, бааҥҥа үлэлии сылдьыбытым, ол гынан баран үһүс оҕом кэнниттэн дьиэ кэргэммэр болҕомто уураары, тэйиччиттэн олорон буҕаалтырынан үлэлээбитим. Кыра кыыһым оҕо уһуйааныгар барбытыгар «Школа 21» ыҥырыытын интэриниэт ситимигэр түбэһэн көрбүтүм. Үөрэх босхо буолара уонна оскуоланы «Сбер” курдук улахан хампаанньа өйүүрэ умсугуппута.
Үөрэхтээһин тэтимин киһи бэйэтэ салайара уонна ханнык салааны талара наһаа табыгастаах. Мин стажировкабын Сбер хампаанньатыгар ааспытым. Дьиэ кэргэммэр, оҕолорбор болҕомто уурарым, үлэлиир да этим. Хайдах эрэ барыта орун-оннугар буолбута. Стажировкам бүппүтүн кэннэ хампаанньа миигин үлэҕэ ылбыта.
Оскуола бэйэтэ сүрдээх улахан туспа уопсастыба буолар. Ол иһин киһи бэйэтэ ханнык баҕарар эйгэҕэ да, салааҕа да сайдар кыахтаах. Мин оннооҕор үйэбэр аан бастакыбын сүүрүүгэ полумарафоҥҥа кыттыбытым, биир интэриэстээх доҕотторбун булбутум.
Дьокуускайга «Школа 21» кампус аһыллан эрэрин истэн наһаа үөрдүм, Саха сирин олохтоохторо саҥа уопуту ылан, кэлэр кэм идэлэрин баһылыахтарын сөп.
Хамаандаҕа үлэлии үөрэнэҕин
Богдан Тиянич, антифрод-аналитик идэлээх, Москватааҕы “Школа 21” кампус выпускнига:
— “Школа 21” оскуолаҕа 2021 с. киирбитим. Бу оччолорго да, билигин да IT идэтин баһылыырга буор-босхо соҕотох оскуола. Билигин үөрэхпин салгыыбын уонна үлэлии сылдьабын, сорудахпын-сорукпун кэмигэр толоро сатыыбын. Үөрэх кампустара билигин араас куораттарга, ол иһигэр Дьокуускайга аһыллаллара олус үчүгэй.
Билигин Саха сирин олохтооҕо, ханна да ырааппакка эрэ, IT идэтин ылар кыахтаммыт, оттон мин бэйэм кэммэр “Школа 21” оскуолаҕа үөрэнээри, Москваҕа көһөн кэлбитим.
Кампус күүстээх өрүттэриттэн биирдэстэрэ – «тэҥнээх» үөрэтии методиката буолар. Оскуолаҕа преподавателлэр суохтар, хамаандаҕа үлэлиигин. Аны туран, үөрэнээччилэр көҕүлээһиннэри олус өйүүллэр: саҥа үөрэх бырагыраамалара, араас хабааннаах тематическай биэчэрдэр, биир санаалаах саҥа доҕоттору булуу, бары кыттааччылар олоҕу көрүүлэрэ тэҥ буолан, истиҥ эйгэ үөскүүр.
Уһук Илиҥҥэ Сбер соҕотох оскуолата
«Школа 21» Дьокуускайга Уһук Илин федеральнай уокуругар бастакы кампуһа буолар. Үс этээстээх оскуола эбийиэгэ Ойуунускай аатынан уулуссаҕа, “Өрөгөй” спорт уораҕайын таһыгар баар. Оскуола дьиэтэ үөрэх, оонньуу уонна сынньалаҥ зоналарын кытта аныгы оборудованиенан хааччыллыаҕа. Кампус бары кыахтарынан кыттааччылар күнү супту туһанар кыахтаахтар.
Эһиилги үөрэх дьылыгар сайаапканы биэрии
Быйылгы үөрэх дьылыгар сайаапканы ылыы толору түмүктэнэн турар. Аны кэлэр сылга билиҥҥиттэн сайаапканы 21-school.ru официальнай саайтка биэриэххитин сөп. Үөрэх кыттыылааҕа 18 сааһын толору туолбут буолара ирдэнэр. Урукку билиитэ, уопута, сатабыла аахсыллыбат.