Киин куоракка хамаанданан-штабынан үөрэтии ыытыллар
Куорат уокуруга муус уустар 12-14 күннэригэр ыытыллар сааскы халаан уутун уонна айылҕа баһаардарын кытта сибээстээх Бүтүн Арассыыйатааҕы хамаанданан-штабынан үөрэтиигэ кыттар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Муус устар 13 күнүгэр үөрэх чэрчитинэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салалтатынан ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратар уонна баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕа буолла. Мунньахха хамыыһыйа чилиэннэрин дакылааттара истилиннэ.
Мунньах түмүгүнэн регионнааҕы харда, хамсааһын таһымын туруорар быһаарыы ылылынна, ону сэргэ ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр тэрээһиннэргэ туһуламмыт сүрүн соруктар туруорулуннулар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы сааскы халаан уутун уонна айылҕа баһаардарыгар бэлэмниир сыаллаах хамаанданан-штабынан үөрэх тиһиктээхтик саас аайы ыытыллар.
«Үөрэх итэҕэстэри-быһаҕастары булан туоратарга, наадалаах түгэннэри дьүүллэһэргэ уонна сөптөөх түмүктэри оҥорорго көмөлөһөр. Итинник быһыы-майгы буолаары гыннаҕына үөрэх туһалыырыгар эрэллээхпин», – диэтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.
ЫБММ Кылаабынай управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы хамаанданан-штабынан үөрэтии бырагыраамата 3 түһүмэххэ үллэһиллибит. Бастакы күн ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туоратар Биир кэлим судаарыстыбаннай систиэмэ бары күүстэрэ уонна сириэстибэлэрэ муҥутуур бэлэм турукка киирбиттэр. Билиҥҥи туругунан регион территориятыгар 12 тыһыынча кэриҥэ киһи уонна 3,5 тыһыынча тиэхиньикэ бэлэм туруктаахтар.
Иккис түһүмэххэ, үөрэх усулуобуйатынан, ыксаллаах быһыы-майгы зонатыгар олорор гражданнар бөлөхтөрө «Федеральный реестр государственные и муниципальных услуг (функций)» судаарыстыбаннай информационнай систиэмэни тиэстээтилэр.
Хамаанданан-штабынан үөрэх тиһэх түһүмэҕэ Үс-Хатыҥҥа ыытыллар. Онно салайыы пууна уонна палааткалардаах лааҕыр баар буолуохтара. Үөрэх практическай чааһыгар араас министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр аэромобильнай бөлөхтөрө, Арассыыйа ЫБММ авиацията, пилота суох көтөр аппарааттар уонна айылҕа баһаарыттан нэһилиэнньэлээх пууннары харыстыыр тиэхиньикэ кытталлар.