13.07.2021 | 12:34

Киин куоракка байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы хампаанньата түмүктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат уокуругар муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыт гражданнары байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы тэрээһиннэрэ түмүктэннилэр. 
Дьокуускай куорат байыаннай комиссара Афанасий Захаров иһитиннэриитинэн, байыаннай комиссариат уонна медицинскэй үлэһиттэр байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы хампаанньатын үһүс төгүлүн коронавирус дьаҥынан хааччахтаах кэмҥэ ыыппыттар. 
«Хамыыһыйа биир кэлим үлэтин түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ байыаннай комиссариата туруорбут былаана толорулунна. Хампаанньа кэмигэр коронавирус дьаҥын түбэлтэтэ тахсыбата. Хамыыһыйаны 3635 ыччат ааста, кинилэртэн 700 киһи сулууспалыы барда», - диир байыаннай комиссар.
Саха сириттэн ыҥырыллан барбыт уолаттар Илиҥҥи байыаннай уокурук территориятыгар баар байыаннай чаастарга тарҕатыллыбыттар. Ол иһигэр мотострелковай, воздушно-десантнай, тимир суол, ону сэргэ байыаннай-муора флотун уонна байыаннай-космос күүстэрин чаастарыгар. Бары чаастарга суоппар идэлээхтэр ирдэнэллэрэ бэлиэтэнэр. Уһук Илиҥҥи уокурукка Саха сирэ үрдүк үөрэхтээх ыҥырыллааччылары ыытарынан инники кэккэҕэ сылдьара этилиннэ. 
Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы хампаанньатын кэмигэр коронавирус дьаҥыттан көмүскэнэр ирдэбиллэр бары тутуһуллубуттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...