Киин куоракка атыы эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтилэр
Санитарнай ирдэбил тутуһуллуутун хонтуруоллуур сыаллаах Дьокуускай куорат Суһал штабын бөлөҕө «Столичнай» атыы комплексатыгар уонна «Тамара» атыы-быыстапка киинигэр эриэйдэлэри ыытта. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһин түмүгүнэн санитарнай ирдэбиллэри кэһии тахсыбатаҕа биллибит, атыы эбийиэктэрин үлэһиттэрэ сүнньүнэн коронавирус дьаҥын тарҕатары тохтоторго туһаайыллыбыт сэрэтэр миэрэлэргэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара көстүбүт. «Тамара» атыы киинигэр үлэһиттэри кытта QR-коду ирдииллэрин курдук сэрэтэр бэсиэдэ ыытылыбыт.
Предпринимательствоҕа, потребительскэй ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар Департамент начаалынньыга Ирина Седова информациятынан, уһун өрөбүллэргэ 1591 эбийиэги – атыы, атыы-саататар кииннэрин, рестораннары, кафелары, култуура тэрилтэлэрин, маҕаһыыннары, офистары, салоннары уонна парикмахерскайдары хонтуруоллаабыттар. Санитарнай ирдэбиллэри кэһии 41 түбэлтэтэ тахсыбыт, ол иһигэр мааска кэтэр эрэсиимҥэ.
Алтынньы 25 күнүттэн саҕалаан, Департамент предпринимателлэри консультациялыыр уонна өйдөтөр үлэтин күүһүрдүбүт.
«Күн аайы үс бөлөҕүнэн эриэйдэлээбиппит. Департамент исписэлиистэрэ алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри 138 эбийиэги бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Санитарнай ирдэбиллэри кэһии 12 түбэлтэтэ тахсан 7 аакта оҥоһулунна, 5 сэрэтэр бэсиэдэ ыытылынна», – диэтэ Ирина Седова.
Итини таһынан, Административнай хамыыһыйа уонна полициия холбоһуктаах бөлөхтөрө түүҥҥү уонна саататар тэрилтэлэринэн сырыттылар. Уокуруктар салалталарын исписэлиистэрэ бэйэлэрин территорияларыгар күн аайы эриэйдэлэри ыыталлар.