26.01.2023 | 18:37

Киин куоракка 156 араас омук бэрэстэбиитэлэ олорор

Киин куоракка 156 араас омук бэрэстэбиитэлэ олорор
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 24 күнүгэр куорат баһылыга национальнай общиналар уонна Саха сирин норуоттарын ассамблеятын бэрэстэбиитэллэрин иннигэр отчуоттаата.
Дьокуускай куоракка, баһылык Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, 156 араас омук бэрэстэбиитэлэ олорор, 49 национальнай-култуурунай холбоһук уонна 30-тан тахса религиознай тэрилтэ баар. 2022 сылга биллэриллибит Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт үлэ туһунан иһитиннэрии кэнниттэн баһылык 2023 сылга кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэлэргэ култуура, патриотизм хайысхаларыгар бырайыактары олоххо киллэрэргэ грант уонна субсидия быһыытынан өйөбүллэр баалларын бэлиэтээтэ, наркотигы, арыгыны утары бииргэ үлэлэһии көдьүүстээҕин иһитиннэрдэ. 
Уопсастыбаннай тэрилтэлэр, национальнай общиналар бэрэстэбиитэллэрэ куорат баһылыгыттан Ленин проспегын өрөмүөнүн, Промышленнай уокурукка Речниктар уулуссаларын тутуутун, социальнай гаастааһыны ыйыталастылар, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ уулуссалары сырдатыы, тупсарыы боппуруостарын туруордулар. Арыгы атыытын хаачччахтааһыҥҥа сөптөөх үлэ баран эрэрин, уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ тупсубутун бэлиэтээтилэр. Маны сэргэ «Сабантуй» национальнай бырааһынньык боппуруоһун таарыйдылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...