03.02.2022 | 18:30

Киин баан үрүҥ көмүс манньыат таһаарда

Киин баан үрүҥ көмүс манньыат таһаарда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 1 күнүттэн үс солкуобайдаах өйдөбүнньүк үрүҥ көмүс манньыат таҕыста, харчы “Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар” ананар диэн Арассыыйа баанын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Манньыат ахсаана үс тыһыынча устуука. Күндү тимир ыраас ыйааһына – 31,1 г, уулларыллыбыт боруобата – 925, манньыат 39,0 мм диаметр эргимтэлээх.
Манньыат кэтэх өттүгэр олоҥхо мифологическай дьоруойдара ойууламмыттар – Ньургун Боотур уонна Туйаарыма Куо.
“Фигуралар лазернай тиэхиньикэнэн рельеф быһыытынан ойууламмыттар, кэннилэригэр Өлүөнэ остуолбалара көстөллөр. Үөһээ өттүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин гербэтэ уонна көтө сылдьар кыталыктар күлүктэрэ баар. Суруктаахтар: үөһэ иилии – “Республика Саха (Якутия)”, аллара – национальнай орнамент фонугар – “100 лет”, - диэн иһитиннэриигэ суруллар.
Дизайн макетын АГИКИ үлэһиттэрэ оҥорбуттар, ону “Гознак” худуоһунньуктара Арассыыйа баанын өйдөбүнньүк манньыаттарын ирдэбилинэн ситэрэн биэрбиттэр.
Санатар буоллахха, өйдөбүнньүк манньыаты таһаарыы үлэтэ 2018 сылтан саҕаламмыта. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...