10.07.2021 | 13:00

Киэркэйбит Бэрдьигэстээххэ

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Ытык дьон сирдэригэр 
Норуотунай суруйааччылар ини-бии Сэмэн, Софрон Даниловтар, Савва Тарасов, Петр Аввакумов, академик-худуоһунньук Афанасий Осипов, учуонай-политиктар Василий Филиппов, Макар Яковлев, иистэнньэҥ Августина Филиппова, чемпионнар  ини-бии Герман, Александр Контоевтар, Осип Михайлов, аҕас-балыс Тимофеевалар уо.д.а.  курдук биллиилээх дьон үөскээбит Горнайдарыгар иллэрээ күнтэн Манчаары оонньуулара саҕаланна. Онно өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан  2000 –тан тахса ыалдьыт тиийэн сылдьар. 
Бырааһынньыгы Бэрдьигэстээх саҥа тутууларынан, аллеяларынан, быыстапкаларынан киэркэйэн аҕай көрүстэ.
Спорка эрэ буолбакка социальнай, олорор дьиэлэр тутуллуннулар. Онно кыттааччылар олорбуттарын кэннэ норуокка туһаҕа тахсыа. 

Бэлиэлэр 
Оонньуулары киэргэтэргэ үс талисман оҥоһулунна: Тургун (Тайах), Бэргэн (Бизон) уонна Кырсаада (Чээчик сибэкки). Ааптар  художник Горнайтан төрүттээх Александр Маркович Алексеев. Тэрийээччилэр дойдуларын айылҕатыгар ситимнээн маанылаах  кыылларыттан уонна сибэккитэ киһи туохха умсугуйарыгар сөптөөҕүн бэрткэ талбыттар. 

Тургун
Тайах – Горнай бэлиэтэ.   Дьокуускайтан киирии силбэһиитигэр аарыма пааматынньыга турар. Гербэлэригэр эмиэ ойууламмыт.  Бастакы талисман Тургун – тайах.  Саха эрэ Байанайтан көрдөһөн бултка күндүлэтиэн баҕарар тамайа сүүрэр мааны кыылбыт чэпчэки атлетикаҕа  бачымах түргэҥҥэ, модун күүскэ, эстибэт эрчимҥэ уонна инникигэ дьулуурга көҕүлүүр.
Бэргэн
Иккис талисман Бэргэн – бизон. Ити эмиэ мээнэ талыллыбата. Горнай улууһугар кэрэ көстүүлээх “Сиинэ” национальнай пааркатыгар билигин 250-чэ бизон мэччийэ сылдьар. Бу кыргыллан эстэ сыспыт кыыллары бастаан Канадаттан М.Е.Николаев бэлэхтэтэн аҕалан Буотамаҕа ииттэрбитин көрбүтүм. Ол дойдуларынааҕар Саха сиригэр ордук төрүүллэрин, төлөһүйэллэрин билэн кэлин өссө бэлэхтээннэр итиччэ элбээбиттэр. Бөҕө-таҕа кыыл күүһү-уоҕу, тулууру, дьүккүөрү бөҕөстөргө, мадьыныларга, тимири-тааһы көтөҕөөчүлэргэ көх-нэм буолан дөөдөҥнүүр.   

Кырсаада
Үһүс талисман – Кырсаада. Бу чээчик сибэкки  ытыы көрүҥнэригэр кэрэни, нарыны, имигэһи, дьолу, тапталы кэрэхсэтэргэ кыһаллар. 

Оонньуулар уоттара Мэҥэ-Хаҥаласка Манчаары алааһыгар уматыллыбыта. Сүүрүктэр бэҕэһээ Бэрдьигэстээххэ тиэрдибиттэрэ. Оонньуулары үөрүүлээхтик аһыы кэмигэр “Чыпчаал” стадиоҥҥа кутааны күөдьүттэ.  

Сөргүтүллүү
Дьэ, ити өбүгэлэрбит сээркээн сэһэнньиттэрэ  олоҥхоҕо хоһуйбут, номоххо, үһүйээҥҥэ кэпсээбит оонньуулара Сэбиэскэй кэмҥэ атарахсытыллан, уоттара-күөстэрэ умуллан сылга биирдэ ыһыахха аҕыйах эрэ киһи кыттар күрэхтэһиитигэр көстөр буолта. 
Хата Манчаары национальнай геройунан биллэриллэн, кини оонньууларын сөргүтүөҕүҥ диэн мындырдык туруорсуллан хат тыынын ылбыта. 
Онно көҕүлээччи буолбут  уонна хаста да ыыттыллыытын  тэрийбит киһи, улахан деятель  
Афанасий Егорович Алексеев биһиги хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр сиһилии сэһэргээбитэ. Бастакы спартакиадаҕа  1968 с. 12 оройуонтан 253 спортсмен кыттыбыта. Кинилэртэн САССР уонна ССРС спордун 23 маастара баара. 
Кэнники спартакиадалар ыытыллар сирдэригэр улахан тутуулар ыытыллаллар. Ол иһин араас презентацияларга сахалар көрдөрүүлэрэ, ол иһигэр, быйыл 30.04-01.05.2021 с. Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа эмиэ,   регионнар бэрэстэбиитэллэригэр, дойду спорка салалтатыгар   улахан кэрэхсэбили, үрдүк сыанабылы ылыа дуо? 

Хайдах саҕаланна да, оннук...
Аан бастаан култуурнай тэрээһиннэр, Арассыыйатааҕы научнай –практическай кэнпириэнсийэлэр, оттон сүрүн күрэхтэһиилэр от ыйын 7 күнүттэн саҕаланнылар. 
Пневматическай бинтиэпкэнэн, саха оҕунан ытааччылар буулдьалара, оноҕосторо кыҥыыр туһаайыыларыгар көттө. 
Киэһэ 21:00 чаастан  «Манчаары оонньуулара» спартакиада «Чыпчаал» стадиоҥҥа үөрүүлээхтик аһылынна. 
XXI-с Спартакиадаҕа 39 хамаандаттан 1850 спортсмен күрэс былдьаһар. Бастыҥнарга  11 көрүҥҥэ 174 комплект мэтээл үөрүүлээх быһыыга туттарыллыа. Хамаанданан түмүк 4 бөлөҕүнэн таһаарыллыа:
1 бөлөх – Дьокуускай к.,  Хаҥалас, Бүлүү, Ньурба, Мэҥэ-Хаҥалас улуустара, ХИФУ, Нерюнгри, Мирнэй, Алдан, Ленскэй оройуоннара; (10 хамаанда);
2 бөлөх – Чурапчы, Амма, Нам, Уус Алдан, Сунтаар, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Устудьуоннар Союзтара, Арктикатааҕы университет  (10 хааманда);
3 бөлөх – Кэбээйи, Томпо, Горнай, Өймөкөөн, Уус Маайа, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма улуустара, Жатай МТ (8 хамаанда);
4 бөлөх – Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Уус Дьааҥы, Аллараа Халыма, Эбээн Бытантай, Өлөөн, Муома, Эдьигээн (11 хамаанда).
Делегациялар 1-2 бөлөхтөргө 70-нуу, 3 бөлөххө – 50-нуу, үһүс бөлөххө – 40 нуу киһилээхтэр. Бары хамаандаларын аата суруктаах сиэдэрэй тус-туспа анал таҥастаахтар.

“Дьокуускай бастыырга эрэ сананар” 
Киин куорат хамаандата бу сырыыга ирдэбил быһыытынан атыттартан ордуга суох 60 спортсменынан киирсэр. 

Дьокуускай улахан оонньууларга бөлөҕөр эрэ буолбакка, уопсай түмүккэ инники тахсааччы. Бу да сырыыга оннукка эрэ соруктаналларын үгүс сэрэйэр. Куораттааҕы спортка уонна физкультураҕа управленияны өр сылга салайбыт, спорт маастара Константин Бурцев:    
«Хамаандабыт көмүскээччилэрин кэккэ сүүмэрдээһининэн талбыппыт. Сүнньүнэн спортсменнарбыт бэлэмнэрэ үчүгэй. Хамаанда ат сүүрүүтүттэн атын бары көрүҥнэргэ кыттар”. 

Сүрүн бириис - охчукка!
 Охчуттары сүрүн бириис –«Лада Веста» массыына дьигис гыммакка ытарга угуйар. 
Горнай улууһа былыргыттан бэргэн бэртэринэн аатырар. Ол курдук олох өрдөөҕүтэ Бэрдьигэстээхтэн Николай Лукин буулдьанан ытыыга 1965 с. ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Дойду рекордун таблицатыгар аата киирэ сылдьыбыта. Оххо оскуола төрүттээбит Василий Михайловы, кинини утумнаабыт ини-бии Анатолий, Иван Тимофевтары хаан уруу Тимофеевтары олимпиадаҕа тиийэ таһаарбыттарын санаабат буолар табыллыбат. Ол да иһин сүрүн бирииһи бары манна туруорарга спонсор көрдөөбүттэрэ саамай сөп.  
Ону сөбүлүү ылынан СӨ оҕунан ытыыга Федерациятын бэрэсидьиэнэ,  «Талакаан» бөлөх-хампаанньаларын генеральный директора Василий Николаев саха оҕунан ытыыга XXI Спартакиада муҥутуур кыайыылааҕар «Лада Веста» массыынаны супер-бирииһинэн, бу көрүҥ сайдарын туһугар бэйэтин тус хармааныттан анаата.
Дьэ, хайа дьоллоох сабыс-саҥа тимир көлөнү үүннээн илдьэ барар?  

Өбүгэлэргэ махтал! 
Өбүгэлэрбит барахсаттар дьоннорун удьуордартан удьуору ыраахтан оҕунан тииҥи харахха түһэрэргэ, быппыстар былчыҥнаах, дуулаҕа маһы тосту тардан сүгэн аҕаларга тимир иҥиирдээх, сылгыны сүүрэн ситэр кытыгырас атахтаах, аты сүүрдэн иһэн үрдүнэн-аннынан үстэ эргийэр буолуоххут диэн угуйан араас да оонньуулары айбыттар. Эдэри-эмэни, оҕону-оҕонньору, кыраны-кыыһы кытта кэрэхсэппиттэр. Ол да иһин тоҥтон тохтообокко, ириэнэхтэн иҥнибэккэ, бытархан тымныыны билиммэккэ,  өҥүрүк куйаастан кыһаммакка үлэлээн, бултаан-алтаан, оттоон-мастаан, тоҕус ыйдаах кыстыкка кылгас кэмҥэ бэлэмнэнэ охсон эрдэхтэрэ. Ол быыһыгар кэлэн-баран, киирсэри кытта киирсэн, аахсары кытта тылынан-өһүнэн аахсан, өйүнэн баһыйан, киэҥ сири  Саха дойдутунан билиннэрбиттэр, онно олорооччулары бэйэлэрин ийэ тылларынан саҥардыбыттар.  Кыргыс кэмигэр кыайтарбакка аччаан-ахсаан биэрбэккэ бачча кэллэхпит. Ол кэмҥэ бар дьонугар баһылык, бухатыыр халыҥ-хахха, суоҥ дугда буолбутун  ойуулаан, олоҥхо курдук кулгаахтаах эрэ сөҕөр улууну айан хаалларбыттара. Инники сирэйгэ Айаал Лазарев олимпиадаҕа киирбитин ааҕан, эрдэ үөрэ истибиккитигэр эбии билии ыллаххыт. Дьэ, итинник боотурдары хара тыаттан хардаҥ эһэни  сабырҕайыттан, туур буур муоһуттан соһон аҕалаллара диэн уос номоҕо оҥостон эрдэхтэрэ. Олоҥхобут  билигин омуктуу тылбаастанан, киһи аймах чыпчаал  айымньытынан биллэриллибитэ.  Аныгы кэм боотурдара, бэргэннэрэ, кытыгырастара эмиэ историяҕа киирэн хоһуллуулара саханы  аар саарга аатырда туруохтун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...