14.05.2020 | 09:59

Киһини киһи оҥорбут – үлэ эрэ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Нэһилиэнньэ олороругар тупсаҕай, табыгастаах эйгэтин тэрийии хас биирдии киһиттэн тутулуктаах – кини олорор дьиэтиттэн, тиэргэниттэн, оройуонуттан... Дьиэбитин эрэ буолбакка, уопсастыбаннай сирдэри оҥорон, дьон сөбүлээн мустар, салгын сиир, сынньанар сирдэрин тэрийдэхпитинэ, итиниэхэ ыччаты, баҕалаах дьону сыһыардахпытына эрэ, улахан хамсааһын, сайдыы  тахсыан сөп.

Ян Емельянов ааспыт сыл киин куорат ДСК оройуонугар “Емеян” киинэ  тыйаатырын уонна ол таһыгар атыы-эргиэн киинин арыйан турар. Эдэр киһи бүгүн биһиэхэ бизнеһин, олоххо сыалын туһунан кэпсиир.

АМЕРИКА ЭЛБЭХ ҮБҮ ЭРЭЙЭР

-Мин 1992 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Ийэм Изабелла Михайловна идэтинэн ахсаан учуутала. Аҕам Владимир Петрович тутуу инженерэ. Киин куорат 2-с №-дээх оскуолатын бүтэрбитим. Оҕо сылдьаммын бэйэбин кыанар буоламмын, аҕам үһүс кылаастаан тустуу секциятыгар киллэрбитэ. Бастакы тренерим Иннокентий Семенович Кочкин. Ол күнтэн ыла тустуубун бырахпакка дьарыктанабын. Арассыыйаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас хабааннаах күрэхтэргэ кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Арассыыйа спордун маастарын нуорматын толорбутум. Тустуунан «идэтийэн” дьарыктанар баҕалаах этим. Аҕам тустуу спордун солбуллубат сүгүрүйээччитэ. Оскуолабын бүтэрбитим кэннэ аҕам миигин, улахан спортка киллэрэр сыаллаах, Америкаҕа илдьэ барар. Онно тиийэн Калифорния штатыгар биир ый олорон, омук тылын үөрэппиппит, дьон-сэргэ хайдах дьаһанан олорорун сэргээбиппит. Үс ый курдук Айова штатка тиийэн күүстээх успуордааһыны ааспытым.

-Тыый! Америкаҕа тиийиэххэр диэри сүрдээх элбэх үбүлээһин наада дии.

-Оннук! Америка сирэ-уота барыта харчыга ыйанан турар... хайа да диэки хаамп – барыта дуоллар. Мин спорт эйгэтигэр киирэрбэр биир даҕаны спонсорым да, үбүлүүр дьонум да суохтара. Барыта дьиэ кэргэн хапытаалыгар олоҕуран оҥоһуллубут ситиһии. Аҕам миигин спортсмен оҥороору, түүннэри-күнүстэри биир өрөбүлэ суох үлэлиирэ, киллэрбит харчыта барыта мин ситиһиибэр кутуллара. Ол эрэн улахан спорт аата, улахан! Хомойуох иһин, үп боппуруоһа кыаллыбакка, дойдубутугар төннүбүппүт. Үчүгэйэ диэн, дойдубар кэлэрбэр ханнык баҕарар үлэҕэ бэлэмнээх киһи эргиллибитим. Бу маны бизнеһим бастакы төрүөтэ диэн ааттыахха сөп.

2009 СЫЛ. ДЬОКУУСКАЙ.

-Бизнес эйгэтигэр 2009 сыллааххха аҕабын Владимир Петрович Емельяновы кытта бииргэ киирбиппит. Бастаан утаа тутуу салаатыгар үлэлээн бардыбыт, сыыйа-баайа, дьоҥҥо үлэ миэстэтэ таһаараары, «Емеян» ХЭУо тэриннибит. Дьону наймылаһан, бөдөҥ эбийиэктэргэ ылсан бардыбыт. Оччолорго, ардыгар билигин да истэбит, «Емеян» диэни дьон эрмээн омук тэрилтэтэ дии саныыра.

САЛҔЫЫ ТУГУ ГЫННЫГЫТ?

-Аҕам ДСК оройуонугар өр сыллар тухары турбут сир учаастактааҕа. Ол учаастагар тугу гыныан билбэт этэ. Сыта-тура толкуйдаан баран, олорор оройуоммутун сэргэхситэргэ санаммыппыт. Кистэл буолбатах, аҕыйах сыллаахха диэри ДСК-ҕа туох даҕаны суох этэ. Дьиэ да тутуллубат, суол да оҥоһуллубат… Куораттан ыраах, оптуобус да сырыыта соччото суох, кирдээх, киһи хараҕа тохтуур туох да суох диэн, дьон таласпат, олохсуйа да сатаабат этэ.

Онон биһиги, оройуоммутун олохтон хаалларымаары, бастаан атыы-эргиэн киинин тутарга былааннаммыппыт. Дьон оччоҕо эрэ сөбүлээн олохсуйуо диэн санаанан салайтаран. Дьиҥэр, атыы-эргиэн чааһыгар хаһан даҕаны ылсыбатах, сыһыана суох дьон этибит.

ДСКА-ҔА САҤА ЭБИЙИЭК

Дьиэбит тутуллан бүппүтүн кэннэ, аны предпринимателлэри ыҥырар биир түбүк буолбута. ДСК оройуонугар баарбытын истээн, наһаа ырааххыт диэн аккаастаан иһэллэрэ. Түмүгэр «Айгуль» хампаанньаны эрэ кытта түмүктээх кэпсэтии ситиһиллибитэ. Кинилэр биһигини итэҕэйэн кэлбиттэрин истэн, атыттар эмиэ аа-дьуо кэлитэлээн испиттэрэ.

КИИНЭ ТЫЙААТЫРА

-Маҕаһыыммыт үлэҕэ киирбитэ үһүс сылыгар аттынааҕы учаастагы ыларга этии киирбитэ. “Тугу оҥоруохпутун сөбүй?”- диэн ыйытыы үөскээтэ. Биллэн турар, атыы-эргиэн кииммит иккис уочаратын тутуохха сөп этэ, арендатордарбыт да элбээтилэр, оройуоҥҥа дьиэ тутуута да элбээтэ. Ол эрээри биһиги бу сырыыга социальнай хайысхалаах сыалы ситиһэргэ быһаарынныбыт.  Ону-маны толкуйдаан көрөн баран, мин бэйэм баҕа санаабын олоххо киллэрэргэ сананным. Бэйэм киинэни уонна тыйаатыры олус сөбүлүүбүн. Онон киинэ тыйаатырын арынарга быһаарынным. Аҕам өйөөтө. Киинэ ырыынагын терминологиятыгар, технологиятыгар оччо-бачча быһаарсыбат буолан, тустаах исписэлиистэри булан, хамаанда тэрийэн, үлэлээн киирэн барбыппыт. Ити курдук былырыын кулун тутар 7 күнүттэн көрөөччүлэрбитигэр ааммытын арыйбыппыт.

АҔАМ УРАТЫ КИҺИ

-Аҕам ураты киһи. Биэс сыллааҕыта, Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө, «Аҕам сэрииттэн сатыы эргиллибит суолунан» диэн бырайыагын олоххо киллэрэн, Дьокуускайтан Сунтаар улууһун Маар-Күөл сэлиэнньэтигэр эт атаҕынан тиийбиттээх. Эдэр эрдэҕиттэн сүүрүүнэн дьарыктаммыт буолан, бу уһун дистанцияҕа икки сылтан ордук бэлэмнэнэн, этин-хаанын, өйүн-санаатын эрчийэн, туруммута. Аҕабынан эһэм Петр Гаврильевич 1947 сыллаахха сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран, дойдутугар Дьокуускай куораттан сатыы тиийбит этэ. Бу сүҥкэн дириҥ суолталаах бырайыагын аҕам төрөппүт аҕатыгар уонна ийэтигэр анаабыта.

Аҕам мин олохпор саамай сүрүн оруолу ылар. Кини мин бастыҥ доҕорум, миэхэ үйэм тухары холобур буолар киһим. Киһи быһыытынан сайдарбар,  олоххо бэйэм суолбун буларбар, дьону кытта кэпсэтэрбэр да буоллун, барытыгар киниттэн үөрэммитим. Олох муудараһын, сүөгэйин-сүмэтин, ымпыгын-чымпыгын барытын киниттэн билэбин.

«ЭР КИҺИ” ПААМАТЫННЬЫк

-Бу пааматынньык туруоҕуттан ДСК диэн оройуон ханан баарын элбэх киһи билэр буолла диэххэ сөп.

Түөрт туонна ыйааһыннаах, иһэ бетонунан оҥоһуллубут, таһа боруонсаттан кутуллубут скульптура ааптара Николай Чоччасов буолар. “Эр киһи биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр” диэн сахаҕа олус мындыр этии баар. Ол курдук, бу спортивнай быһыылаах-таһаалаах эр киһинэн сүрүннээн ыччат дьоммутун куһаҕан дьаллыкка сыстыбакка, чөл олоҕу тутуһарга ыҥырабыт. Маннык быһыылаах-таһаалаах, күүстээх санаалаах эр киһи куруук бэйэтин, дьиэ кэргэнин, норуотун көмүскүүр кыахтааҕын көрдөрөбүт. Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕын тутан турара төрөөбүт дойдутугар тапталын, бэриниилээҕин көрдөрөр. Маннык хаачыстыба хас биирдии саха эр киһитигэр баар буолуохтаах дии саныыбын.

ИЛИИГИТИН ЫҺЫКТЫМАҤ

-Саха киһитэ барыта дьоҕурдаах. Киһини үлэ эрэ киһи оҥорор. Атын туох даҕаны барыйаан суох! Кыра оҕону үлэҕэ үөрэтиэххэ, үлэттэн кыбыстымыахха наада. «Мин аҕам остуорас”, “мин ийэм ыанньыксыт” дииртэн төрүт толлуо суохтааххыт. Ханнык баҕарар үлэ – чиэс-бочуот! Киһини көннөрбүт атын туох даҕаны суох – үлэ эрэ!

Киһи бэйэтин дьыалатын саҕалыырыгар, бастатан туран, ыһыктынан кэбиһимиэн наада. Үүт-хайаҕас көрдүөхтээх. Төбөтүн үлэлэтиэхтээх. Таах олоруо суохтаах, сирэ-тала барбакка, аҥаар кырыытыттан үлэлээн иһиэхтээх. Төбөлөөхтүк, оттомноохтук, инники олоҕу түстүөхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...