18.10.2020 | 14:25

Киһи өйө, билиитэ баар – бараммат баай

Киһи өйө, билиитэ баар – бараммат баай
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үтүө санаа, эрэл кыыма, кыамматтарга көмөлөһүү уонна аныгы кэм ирдэбилинэн сайдыы – маны барытын биир киһи сүгэ сылдьарын сөҕө-махтайа саныыгын. Бүгүн кэпсиир сэһэргэһээччибин өссө устудьуоннуур кэммиттэн истэн билэбин. Кини ордук төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа, ийэ айылҕабыт айгырааһыныгар, ыччаты түмүүгэ, дьон уонна норуот инники сайдыытыгар сүрүн болҕомтотун уурар. Билсиҥ –  эдэр, кэскиллээх айтишник Айыысхан Алексеев.

IT-НЫ СУОЛДЬУТ ОҤОСТОН

-Айыысхан, дорообо. Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ.

-Туймаада хочотун сүрүн хаһыатын ааҕааччылара, дорооболоруҥ! Мин Өлөөн улууһуттан сылдьабын. Идэбинэн биологпын. 2010 сыллаахха М. К. Аммосов аатынан ХИФУ БГФ-тын бүтэрбитим. Уол оҕо буолан, тимири, маһы тутан-хабан, оҥорон таһаарыыны олус сэргиирим. Ордук роботтары, электрониканы, IT-ны, киһини толкуйдатар эбийиэктэри сэҥээрэрим. Техническэй науканан үлүһүйэн туран дьарыктаммытым, үөрэппитим. Үөрэхпин бүтэрэн бараммын, базальт собуотугар үлэлээбитим.

-Билигин Дьокуускайга ханна, тугунан үлэлиигин?

-Доҕотторбун кытта  «Алтан» диэн чааһынай IТ-оскуолаҕа үлэлиибин. Оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо программированиены үөрэтэбин. Билиҥҥи балысхан сайдыылаах кэмҥэ дьон аныгы кэм сүүрээнин, инникитин, ол эбэтэр IT-ны интэриэһиргиир буоллулар. Төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн аныгы технологиялары баһылыырга сыһыара сатыыллар.

ИЛИИ БЫРАТЫАҺА

-Эн илии быратыаһын оҥорбут эбиккин. Туох санааттан саҕаламмытай?

-2013-2014 сылларга Физико-техническэй институт «Биофизика» лабораториятыгар үлэлии сылдьан Иван Филиппов диэн «Механотроника» лабораториятын сэбиэдиссэйин кытары илии протеһын оҥорор коммерческай бырайыактаах этибит. Араас куонкурустарга, граннарга кыттарбыт да, улахан ситиһии суоҕа. Ол иһин атын бырайыактарга болҕомтобутун уурбуппут.

Онтон 2017 сыл бүтүүтэ Инстаграмҥа оҕоҕо илии быратыаһын оҥорбуттарын көрбүтүм. «Урукку матырыйаалларбытын (наработки), дьон туһанарын курдук, ситэрэн баран киэҥ эйгэҕэ таһаарыахха баара» диэн санаа үөскээбитэ. Саҥа дьыл кэннэ «Орех» диэн ХИФУ устудьуоннарын инкубатордарын оҕолорун кытары оҥорон саҕалаабыппыт. Интэриниэт ситимигэр бэлэм, ордук дизайннаах быратыастар аһаҕас бырайыактара бааллара буолуо диэн көрдөөбүппүт. «Exiii Hackberry» диэн дьоппуон бырайыагын булан бырайыакпыт олохтоноругар олук оҥостубуппут. Влада Ноева диэн билэр кыыһым нөҥүө доброволец оруолугар Ньургуйаана Попованы кэпсэппиппит. Кини эргэ косметическай быратыаһын биэрбитэ. Хас да ыйы быһа үлэбит быыһыгар оҥорбуппут. Ол курдук, 2018 сыл сайыныгар бэлэм быратыаһы Ньургуйаанаҕа туттарбыппыт.

-Тыый! Бу маладьыастары көрүҥ. Биир эмэ айтишник эн бырайыаккынан туһаныан, үлэҥ хаамыытынан сирдэтиниэн сөп дуо?

-Вконтакте социальнай ситимҥэ «Open BiArm» диэн бөлөх аспыппыт, ким оҥоруон баҕалаах онно киирэн матырыйаалларбытын, файллары  ылан туһаныан сөп.

-Быратыас хайдах үлэлиир? Төһө ыараханы көтөҕөр?

-Билигин кыракый джойстик нөҥүө үлэлиир, пластмасса буолан уонна мотордара мөлтөҕүттэн кыра ыйааһыны, ыараабыта 2 киилэҕэ диэри, көтөҕөр. Кыраны, киһи илиитигэр батары тутар кыахтаах.

-Уопсайа хас быратыаһы оҥордуҥ, туох матырыйаалтан?

-Хара бастакыттан быратыас оҥорон таһаарыынан дьарыктанар былаан суоҕа. «Маннык оҥоруохха сөп, матырыйааллары киэҥ эйгэҕэ таһаарабыт, туһаныҥ, сайыннарыҥ» диэн сүрүн идеялаах көҥүл (коммерческайа суох) бырайыак. Ол иһин Ньургуйаанаҕа биир быратыаһы оҥорон биэрбиппит.

-Быратыаска эбии тугу толкуйдаатыҥ?

-Илии тиийэринэн Ньургуйаана быратыаһыгар джойстигын миографическай (мышечнай) датчикка уларытар былаан баар. 

ИСКУССТВЕННАЙ ӨЙ САЙДАР

-Айыысхан, “Drevo” диэн ааттаах бырайыаккын сырдата түһэриҥ буоллар.

-Бу тэрилтэбит «Алтан» иһигэр «Искусственный интеллект» хайысхатыгар оҥоро сылдьар бырайыакпыт. Түмүгэр роботтары хаамарга, тутарга-хабарга, кирилиэһинэн түһэргэ-тахсарга уонна да атыҥҥа үөрэтэр платформа буолуохтаах. Киһи ньиэрбэтин, систиэмэтин кытта үлэлиир бырайыак.

ҮЧҮГЭЙ АЙТИШНИК ҮЛЭТЭ СУОХ ХААЛБАТ

-Аны Сахабыт сирин IT-гар киириэххэ. Биһиэхэ бу эйгэ төһө сайынна?

-Арассыыйа атын регионнарыгар холоотоххо, Саха сирэ үрдүк көрдөрүүлээх дии саныыбын. «MyTona», «Indriver» ыччакка үтүө холобур буолаллар.

-Исписэлиистэр, үлэнэн хааччыллыыгыт хайдаҕый?

-Бу маны чопчу билбэппин, ол эрэн үчүгэй айтишник  үлэтэ суох хаалбат дии саныыбын.

-Судаарыстыба стартаптарга (саҥа саҕалааччыларга)  төһө көмөлөһөрүй?

-Судаарыстыба көмөтө үгүс дии саныыбын. Араас акселератордар, куонкурустар, граннар элбэхтэр.

-Сотору-сотору IT-нан инники кирбиигэ тахсабыт дииллэр, сөбүлэһэҕин дуо?

-Икки илиибинэн сөпсөһөбүн. Тоҕо диэтэххэ, оннооҕор көннөрү ылан «ханнык хайысха тэрилтэлэрэ баайдарый, үлэһиттэрэ үрдүк хамнастаахтарый?» диэн ыйытыыга хоруйа биллэр – Google, Amazon, Apple, IBM, Microsoft, о.д.а.  Сиртэн хостонор баай сүрүн баайбыт буолбатах. Киһи өйө, билиитэ баар – бараммат баай.

БАРЫТА ТЫЛТАН САҔАЛАНАР

-Ээ, дьэ өйдөөтүм. Эйигин Уйбаан Шамаев кэккэтигэр көрөр эбиппин. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ үөрэнниҥ этэ дуо?

-Суох, лицей буолбатахпын, Өлөөн орто оскуолатын бүтэрбитим. Уйбаан Уйбаанабыһы кытары уопсастыбаннай үлэҕэ өр үлэлэспитим.

-Саха тылын туһунан тугу этиэҥ этэй?

-Саха тылын үүнэр көлүөнэ, ыччат үөрэтиэхтээх, билиэхтээх. Эдэр ыаллар оҕолорун төрөөбүт тылын үөрэтэриттэн матараллара улахан сыыһа дии саныыбын. Бастатан туран, ханнык баҕарар тыл киһи санаатын-толкуйун, олоххо сыһыанын, тулалыыр эйгэни көрүүтүн оҥорор. Араас омук ол иһин атын-атыннык толкуйдуур. Иккиһинэн, билингва (икки тыллаах) дьон абстрактнай, математическай толкуйдара ордук, атын тылы баһылыыллара чэпчэки буолар диэн билиҥҥи наука этэр. Үсүһүнэн, саха тыла олус кэрэ, ол иһин сүтэн-симэлийэн хаалара сатаммат.

-Өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыытын хайдах көрөҕүн?

-IT-ник уонна науканы таптыыр киһи буоларым быһыытынан, IТ-хайысха, физико-математическай, естественно-научнай, о.д.а. наукалар сайдаллара олус наада дии саныыбын.

-Инники былааннарыҥ?

Билигин үлэлии сылдьар «Drevo» диэн бырайыакпытын оҥорон, силигин ситэрэн олоххо киллэриэхпит диэн эрэллээхпин. Бука бары доруобай, чэгиэн, бигэ туруктаах сылдьыҥ.

Айыысхан, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Кэскиллээх саха уолугар өссө да таһаарыылаах үлэни, ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...