Киһи дуу? Куукула дуу?
Буоскаттан оҥоһуллубут фигуралар түмэллэрэ 2000-тан тахса экспонаттаах кэрэ уонна баай кэллиэксийэтинэн киэн туттар. Түмэл бэйэтин мастарыскыайыгар айан-тутан таһаарар фигуралара туох даҕаны күүркэтиитэ суох аан дойдуга биир бастыҥнарынан ааҕыллаллар. Тоҕо диэтэххэ хас биирдии фигураны оҥорорго историктар, антропометристэр, психологтар, скульптордар, худуоһунньуктар, постижердар уонна да атын исписэлиистэр халыҥ аармыйалара бииргэ үлэлээн, чахчы баар киһиэхэ майгыннатан, тыымматы тыыннаах курдук чочуйан таһаараллар. Түмэл уһулуччу кэллиэксийэтин биир кистэлэҥинэн фигуралар 40-ча химическэй компонентан турар ураты буоскаттан оҥоһуллаллара буолар. Ол эбэтэр оҥоһуктар -40-тан +40 кыраадыска диэри тиийэр температураны тулуйуохтарын сөп.
Быыстапкаҕа киирээти кытта кыратык соһуйан ылаҕын: “Ама, бу барыта куукулалар үһү дуо?”. Саала иһигэр төгүрүччү 60-ча “киһи” субу хааман, этэн-тыынан, ыллаан-туойан барыахча турар: бэлиитиктэр Михаил Горбачев, Борис Ельцин, Владимир Путин, Дмитрий Медведев, Барак Обама, Фидель Кастро; артыыстар Джордж Клуни, Мадонна, Майкл Джексон, Бред Питт, Брюс Уиллис; киинэ уонна ойуулук дьоруойдара Нейтири, Шрек, Гарри Поттер, Астерикс уонна Обеликс; ырыаһыттар Владимир Высоцкай, Фредди Меркьюри, Мадонна, Майкл Джексон уонна да атыттар.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, фигуралара хаартыскаҕа олоҕуран оҥоһуллубуттар. Онон, төһө даҕаны «куукула» буоллаллар, киһи син биир дьик гынар. Быһыылара-таһаалара киһиэхэ майгыннаан, сибилигин хамсаныахча курдуктар. Оттон мумия фигуратыгар чугаһаатахха, олох даҕаны “хаһыытаан” киирэн барар.
Биллэн турар, сорох фигуралары аныгы кэм киһитэ билимиэн сөп, тоҕо диэтэххэ хас биирдии үйэ, история кэрчик кэмэ бэйэтэ туһунан кумирдардаах, бэлиэ дьоннордоох. Ол эрээри историяны санаан ааһарга бэртээхэй түгэни бэлэхтиир быыстапка диэххэ наада. Өссө биир кэрэхсэбиллээҕинэн фигуралары кытта хаартыскаҕа түһүөххэ сөбүн ааттыахха сөп. Оттон буола турар сонун быыстапка саамай сүрүн быраабыла — илиигитинэн тыытымаҥ.
Быыстапканы олунньу 4 күнүгэр диэри Киров уул., 12 (“Комдрагметалл” дьиэтэ) 2 этээскэ НХМ Быыстапкалыыр саалатыгар күн аайы 10:00-18:00 чч. көрүөххэ сөп.