Киһи буолан килбэйиэҕиҥ, саха буолан сандаарыаҕыҥ!
Саха сирин бары олохтоохторугар ыҥырыы!
Ытык-мааны биир дойдулаахтарбыт!
Хайдах, хайа өттүнэн биһиэхэ дьайыахтара биллибэт уустук, сүдү уларыйыылар аан дойду үрдүнэн бара турар кэмнэригэр олоробут. Бары даҕаны, урукку курдук олорон хааларбыт хайдах да сатамматын, буола турар уларыйыыларга өй-санаа өттүнэн ситэри бэлэмэ суох көрсөн эрэрбитин дьэҥкэтик өйдүөх тустаахпыт. Баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбит олохпут сорох өрүтүгэр, ол курдук, арыгыга уонна табахха сыһыаммытын уларытыахпытын наада. Ону кэм-кэрдии, олох-дьаһах бэйэтэ күүскэ ирдиир. Кэлиҥҥи сылларга былаас өттүттэн ылыныллыбыт арыгы атыытын хааччахтыыр сокуоннар үчүгэй өттүнэн дьайбыттара мэлдьэһиллибэт. Ол гынан баран арыгылааһын билигин да саха омугар отой кыайтара илик улахан кыһалҕанан буолар. Омук өйүгэр-санаатыгар, эт-хаан өттүнэн туругар арыгыттан итэҕэһэ суох алдьатыылаах, дьайыылаах мөкү дьарыгынан табахтааһын буолар. Саба быраҕан көрдөххө, аҥаара буолбатах буоллаҕына, нэһилиэнньэ үс гыммыт биирэ табахтыыр курдук. Оннук киэҥник тарҕаммыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥник иҥпит мөкү дьарыгынан табахтааһын буолар.
Санаан көрүҥ эрэ, табаах биир паачкатын сыаната 120 солкуобай. Табахсыт кырата күҥҥэ биир паачканы тардар. Арай онно ойоҕо дуу, эрэ дуу эмиэ тардыһар буоллун! Онно эһээлэрэ дуу, эбээлэрэ дуу эбилиннин! Биир киһи ыйга 3.600 солкуобайы, сылга 43.200 солкуобайы буруо гынан эҕирийэр. Ыалга үс киһи табаахтыыр буоллаҕына, 43.200 солк. х 3 = 129.600 солкуобай үп сыл устата күдэҥҥэ көтөр. Ону санааҥ!
Арыгылааһыны, табахтааһыны утары үлэни күүскэ ыытыахха наада. Биһиги санаабытыгар, арыгылааһынтан олоччу босхолонуохпут иннигэр, табаҕы урут кыайыахпытын сөп. Ол туһуттан биһиги, Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторо, маннык диэн ыҥырыы таһаарабыт: «2020 сыл олунньу уонна кулун тутар ыйдарыгар табаҕы утары үлэни күүскэ ыытарга. Бу кэм устатыгар табаҕы букатыннаахтык быраҕарга, хас биирдии табахсыт бэйэтигэр сорук туруорунуохтаах уонна ону толорор туһугар туох баар өйүн- санаатын, күүһүн-уоҕун, тулуурун түмүөхтээх, кэпсээҥҥэ сылдьар улуу өчөспүтүн киллэриэхтээх. Арыгы, табах мафияларын кулуттара буолан бүтүөҕүҥ! Табахтан, арыгыттан босхоломмут көҥүл сахалар буолуоҕуҥ. Нэһилиэкпитигэр баар үлэ тэрилтэлэригэр тохсунньу- олунньу ыйдарга мунньахтаан, үлэһиттэр 100% куоластаан, бу ыҥырыы ылыныллыбыта уонна бүтэһигэр, олунньу 4 күнүгэр, Аан дойдутааҕы рак ыарыыны кытта охсуһуу күнүгэр дьаһалта специалистара, дьокутааттар, тэрилтэлэр, түөлбэлэр салайааччылара, уопсастыбанньыктар кыттыылаах мунньахха бу ыҥырыы бигэргэннэ. Муус устар ыйга төһө киһи табаҕын бырахпытын ааҕынан көрүөхпүт. Арай биир да саха табах диэни тарпата, арыгы диэни испэтэ буоллар, туохха барытыгар дьоҕурдаах, өйдөөх, күүстээх омук быһыытынан, сахалар тута сайдыы, өй-санаа, ситиһии өттүнэн Арассыыйа бары омуктарын инники күөнүгэр тахсыа этибит. Онно саарбахтааһын суох.Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторо