22.05.2020 | 12:43

Кэскилбит – тылбытыгар

Кэскилбит – тылбытыгар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ангелина Кузьмина – филологическай наука кандидата, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан литература түмэлин научнай үлэһитэ, “Арыллыы” медиакуруһуок салайааччыта, элбэх оҕолоох ийэ:  “Мин урут “Кыым” хаһыакка үлэлээбитим, суруналыыстыы сылдьан  диссертациябын көмүскээбитим, билигин наукаҕа бардым. Суруналыыс быһыытынан киин куоракка саха кылаастара элбииллэригэр, сахалыы оскуола арылларыгар элбэхтик сырдатар этим.

Тылбытыгар улахан норуот тыла аһара дьайда, дьон нууччаттан туруору тылбаастаан саҥарар, онтуларын сахалыы саҥарабыт дии саныыр буоллулар. Онон быйылгыттан дьону төрөөбүт тылбытынан ыраастык саҥарарга уонна ыстатыйаны суруйарга тылы-өһү таба туттарга үөрэттим. Кууруспар үксүн учууталлар, оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, эбэлэр, эһэлэр сырыттылар. Дьон маннык үөрэххэ наадыйар эбит.

Ону тэҥэ оҕолорго суруналыыстыка куруһуогун салайабын. Сахалыы суруналыыстыка түөрүйэтин бэйэм суруйан үөрэтэн эрэбин. Суруналыыстыка идэтин талар оҕолору бэлэмниибин. Саха национальнай гимназиятын, саха политехническэй лиссиэйин, ХИФУ "Сэргэлэээх" оскуола-лабаратыарыйатын үөрэнээччилэрэ дьарыктаналлар. Тулалыыр эйгэ охсор буолан, уу сахалыы кэпсэтэргэ, суруйарга үөрэтэр ыарахан эбит.

Ютуб-ханаал арыйан, саха суругун-бичигин хантан төрүттээҕин кэпсээн эрэбин. Бу ханаалы кэҥэтэн, өссө тыл суолтатын, үгэһи, сиэри-туому, саха былыргы олоҕун-дьаһаҕын, туттубут малын-салын, аһын-үөлүн  дьоҥҥо-сэргэҕэ быһааран үөрэтэр санаалаахпын.

Быйыл икки кинигэм таҕыста: “Үгүлээт фольклора” уонна “Саллаат сэһэнэ”. “Үгүлээт фольклора” кинигэҕэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕастарыттан, хата, үгүстэрэ баалларына өссө оскуола урдуку кылаастарыгар үөрэнэ сылдьан, норуот тылынан уус-уран айымньыларын хомуйбутум киирдэ уонна эргэрбит, түөлбэ, харыс тыллары чинчийдим, кылгас тылдьыт оҥордум. Оттон “Саллаат сэһэнэ” кинигэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Георгий Дмитриевич Борисов сэрии туһунан суруйан хаалларбыт рукопиһын булан, кэргэмминиин уонна Георгий Дмитриевич кыыһыныын, А.Н.Чердоновалыын, сааһылаан таһаарбыппыт. Г.Д. Борисов сэриигэ буолбут быһыыны-майгыны туох да киэргэтиитэ суох хайдах баарынан суруйбута уонна тыла-өһө ууһа-урана умсугутар. Кэлин өссө да суруйбута буоллар, үчүгэй суруйааччы буолуоҕа хаалбыт эбит диэн сыаналыахха сөп.

Оҕолорбун сахалыы иитэргэ кыһаллабын. Кыыһым Света үчүгэйдик тойуктуур, саха тылын олимпиадаларыгар кыттар. Оҕолорум кыра эрдэхтэриттэн чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлар. Төрдүбүтүн, үөскээбит нэһилиэкпитигэр сэрии охсуутун, дьон кыайыыны уһансыыга кыттыытын үөрэтэн, дьиэ кэргэн кинигэтин таһаарбыппыт. Кыра уолум Вова, маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ, кинигэбитигэр уруһуйдаата, элбэҕи биллэ. Аҕабыт Василий Николаевич төрөөбүт Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгин алааһыттан туой иһит үлтүркэйин булан ылбыта. Ону интэриэһиргээн үөрэтэн барбыппыт. Бастаан улахан оҕобут Витя былыргы дьон туой иһити оҥорор ньымаларын чинчийбитэ. Ол үөрэтэн XVII-с үйэтээҕи буоларын быһаарбыта. Онно устуоруйа билимин учуонайдарын кытта бииргэ үлэлээбиппит. Салгыы кыыһым Света оһуордарын суолтатын үөрэппитэ. Устуоруйаҕа, этнографияҕа, тылга сыһыаннаах үлэ буолан, оҕо кэпсииригэр да олус уустук. Ол эрээри сэргээн, саҥаттан саҥа тиэмэни булан, чинчийэр ньымалары баһылыырга үөрэнэллэр.

Кыыһым быйыл аны "Саха сирин үүнээйилэрэ садаачаларга" диэн тиэмэнэн кэмпириэнсийэлэргэ кытынна. Киһи этигэр-сиинигэр туһаларын таһынан, сахалыы-нууччалыы ааттарынан тылдьыт оҥордо. Ону таһынан садаачалары айбыта. Онон кини бу үлэтигэр тылы, математиканы, биологияны тэҥҥэ тутан үөрэттэ.

Улахан уолум Витя тиит хатырыгын састаабын, туһатын чинчийэн, тутуу матырыыйаалын оҥорон көрдө. Ону тэҥэ наадалаах элэмиэннэрдээх чэй да тахсыан сөбүн быһаарда. Ити үлэтинэн научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Оҕолор бэйэлэрэ интэриэһиргиир тиэмэлэринэн, дьиэ кэргэн саҕалаабытын ыһыктыбакка үөрэтэллэрэ умсугутар эбит. Чинчийэр үлэнэн дьарыктанар буолан, үчүгэйдик  үөрэнэллэр, ситиһиилээхтэр.

Биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун айылҕаҕа сылдьан, төрүт үгэстэргэ сыһыара сатыыбыт. Куорат оҕолоро булка, сиргэ-уокка сыһыаннаах тыллары, малы-салы билбэттэрэ элбэх. Быйыл хатыҥҥа баар ыт муннун үөрэтэн суруйан эрэбит. Тоҕо маннык ааттаммытын, көрдөрөн, өйдөнөр гына быһааран кэпсээтэххэ, оҕо ордук ылынар. Кэргэним Василий Николаевич Кузьмин спорстмен буолан, чөл олоҕу өрө тутабыт. Оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга этэ-сиинэ чэгиэн буолуохтаах дии саныыбыт. Элбэхтик сатыы хаамабыт, салгын сиибит. Бассыайынҥа дьиэ кэргэнинэн дьарыктанабыт. Ону тэҥэ саха аһылыгын астыырга кыһанабыт – саламаат, быырпах, күөрчэх... Кэм аастаҕын аайы төрүт ас умнуллан иһэр. Төрөппүттэри сахалыы астыырга үөрэтэллэрэ буоллар, үөрүүнэн үөрэниэм этэ. Холобур, бэс, тиит үөрэтин, хайаҕы, барчаны, хохтуну билиҥҥи дьон сатаабаппыт биллэр.

Төрөппүттэргэ оҕолоргутун кытта мэлдьи төрөөбүт сахабыт тылынан кэпсэтэ, төрүт үгэстэргэ, дьарыкка сыһыаран иитэ-үөрэтэ, такайа сылдьаргытыгар баҕарыам этэ. Саха кэскилэ – тылыгар!”

Ангелина Афанасьевна ити курдук санаатын сахалыы сайаҕастык үллэстэр. Кини төрөөбүт дойдутун историятын, тылын-өһүн, баай фольклорун дьаныһан туран үөрэтэр, умнуллан эрэр үгэһин, сиэрин-туомун норуокка тиэрдэргэ кыһанар. Дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах дииллэринии, өссө оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо анаан суруйбут бэчээккэ тахса илик кэпсээн хомуурунньуктардаах. Ол суруйуулара күн сирин көрөн, ааҕааччыга тиийэллэригэр баҕа санаабытын тиэрдэбит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...