Кеша Алексеев уулуссатын 8/1 №-дээх дьиэтэ көтүрүллэр буолла
Бу 1972 сыллаах тутуу хаарбах туруктааҕа бигэргэтиллэн, «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокуругун нэһилиэнньэтин 2020-2024 сылларга дьиэнэн хааччыйыы» муниципальнай бырагырааманан «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокуругун хаарбах туруктаах олорор дьиэттэн олохтоохтору көһөрүү» муниципальнай бырагыраамаҕа киирбит.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 12 кыбартыыра баар, балартан 8-һа хаһаайыннаах, оттон түөрдэ – муниципальнай бас билиигэ сылдьар.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай куорат территориятыгар гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бырагыраамаларынан уонна тутуу ыытыллыбыт сирдэрин сайыннарыы дуогабарынан олоххо киирэр.
«Быйыл биһиги 21 эргэ дьиэни көтүрүөхтээхпит. Эһиил түмүктэниэхтээх бырагыраама чэрчитинэн, көһөрүллүбүт гражданнар ахсааннара 5 тыһыынчаттан тахсыаҕа», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Итиэннэ баһылык СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан 2032 сылга диэри Дьокуускай куорат территориятыгар эргэ уонна хаарбах туруктаах дьиэлэр суох буолуохтаахтара диэн эбэн эттэ.
2022 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр Кеша Алексеев уулуссатын 8/1 №-дээх дьиэтин сорох олохтоохторун кытта харчынан толуйуу туһунан сөбүлэҥнэр түһэрсиллибиттэр.
Сорох олохтоохтор бу сыл бүтүөр диэри, муниципальнай хантыраак чэрчитинэн, саҥа тутуллубут дьиэлэргэ көһүөхтэрэ.