Кэрэни кэрэхсиэххэ
Халлаан сылыйан, сааспыт кэлэн, күммүт чаҕылыччы тыган, киһи кэлиэх-барыах, күүлэйдиэх санаата киирэр. Ордук өрөбүллэргэ ханна барыахха сөбүй диэн ыйытыы турар. Онуоха дьиэ кэргэнинэн, оҕолорбутун, сиэннэрбитин илдьэ Дьокуускай куораппыт хабыллар-хаба ортотугар, киин сиригэр турар Национальнай художественнай музейга сылдьаргытыгар сүбэлиибит.
Бу музейга киһи атаҕа бэйэтэ бара турар. Ол курдук саҥаттан саҥа экспозиция, уларыйа турар быыстапкалар, үбүлүөйдээх киэн туттар дьоммут хартыыналара о.д.а. киһи үөрэ, кэрэхсии көрөр, эчи чуумпута, күнү быһа да сылдьыахха сөп.
Үбүлүөйдээх 2022 сылга Национальнай художественнай музей туруорбут “Якутская графика: новый взгляд” диэн саҥа салаата көрдөрүллэн бүтэрэ чугаһаата. Онон куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара кулун тутар 19 күнүн баттаһа бу олус интэриэһинэй графическай быыстапканы кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабын.
Экспозиция Саха сирин графикатын көрдөрөр, историко-художественнай хаамыы уратытын, ХХ–ХХI үйэлэргэ Сибиир уонна Уһук Илин култуурата дьоһунун уонна суолтатын кэпсиир. Хас биирдии худуоһунньук хартыынатыгар бөлөһүөктүү көрүүтэ сылдьыбыт дьону сөхтөрүө. Быыстапка үс салааҕа арахсар: “Алаас”, “Алгыс”, “Арктика”.
Онон тиэтэйиҥ, аҕыйах күн хаалла.
Биир эмиэ интэриэһинэй быыстапка САССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт. “Достояние республики” мультимедийнай быыстапка көрөөччүлэри бэйэтин уратытынан, аныгылыы араас интерактивнай элеменнэринэн сөхтөрүө. Ол курдук сылдьыбыт дьон “тыыннаах” видеоролик көмөтүнэн оччотооҕу кэмҥэ айанныахтара. Барыта хронологиянан, сылларынан көрдөрүллэр.
Мультимедийнай быыстапка-айан көрөөччүнү эдэриттэн эмэнигэр диэри интэриэһиргэтиэ.
Быыстапка бу сыл ахсынньы 24 күнүгэр диэри көрдөрүүгэ турар.
Сылдьыан баҕалаахтары Киров уулусса 9-гар күүтэллэр.
Үлэлиир бириэмэтэ: сэрэдэҕэ 12.00-20.00 диэри (бүтэһик сеанс 19.00 саҕаланар), чэппиэр-өрөбүл күннэргэ 10.00-18.00 (бүтэһик сеанс 17.00 саҕаланар), бэнидиэнньик-оптуорунньук – сынньалаҥ күннэр.
Билсэр төлөпүөннэргит: 8 (4112) 33-52-79, 8 (4112) 33-52-80 (касса).
Хаартыскалар СӨ Национальнай художественнай музейтан ылылыннылар