04.02.2023 | 18:00

«Кэрэни көрбүт»: ураты быыстапка, сэдэх чахчылар

«Кэрэни көрбүт»: ураты быыстапка, сэдэх чахчылар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Тохсунньу 27 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай художественнай музейыгар “Кэрэни көрбүт” (“Не хороните меня без Ивана”, реж. Любовь Борисова) киинэҕэ аналлаах быыстапка аһылынна. Манна оччотооҕу кэми кэрэһилиир мал-сал, иһит-хомуос, дьоруойдар таҥастара-саптара, киэргэллэрэ-симэхтэрэ, туттар тэриллэрэ уонна, биллэн турар, музей коллекциятыттан экспонаттар, худуоһунньук Иван Попов үйэлээх үлэлэрэ, хаартыскалара, суруктара турдулар. Көрөөччүгэ, чахчы да, күндү бэлэх.

Быыстапкаҕа киинэ сценарийын, худуоһунньук эскизтэрин о.д.а. интэриэһинэй матырыйааллары сэргии көрүөххэ сөп. Холобур, дьоруойдар айаннаабыт тэлиэгэлэрэ, режиссер Любовь Борисова “Ретросклад” маҕаһыынтан атыыласпыт былыргы сандалыта, XIX-с үйэҕэ Германияҕа оҥоһуллубут “GLOBUS” хаартыскаҕа түһэрэр аппараат музей мааны саалатыгар дьоһун миэстэни ылан тураллар.

Влада Тимофеева, Национальнай художественнай музей генеральнай дириэктэрэ:

– Быыстапка бары өттүнэн ураты, оттон киинэни көрбүт дьоҥҥо ордук интэриэһинэй буолуоҕа. Бастатан туран, манна Саха сирин бастакы идэтийбит худуоһунньуктарыттан биирдэстэрэ Иван Васильевич Попов үлэлэрин, архыып матырыйаалларын түмтүбүт. Музей иккис этээһигэр Саха сирин искусствотын көрдөрөр саалаҕа кини “Ойуун”, “Дьокуускай XVII-с үйэҕэ”, “Ньирэй” хартыыналарын көрүөххэ сөп. Иккиһинэн, быыстапканы саха норуотун искусствотынан ситэрэн, толорон биэрдибит. Ол мээнэҕэ буолбатах. Иван Васильевич норуот култуурунай баайын үөрэппит, хомуйбут улахан өҥөлөөх. Кини түһэрбит хаартыскалара Санкт-Петербург, Германия музейдарын байыталлар.
Влада Владиславовна быыстапкаҕа аналлаах пресс-конференцияҕа иһитиннэрбитинэн, Национальнай художественнай музей көмүс пуондатыгар Иван Васильевич Попов 157 үлэтэ, ону таһынан архыып матырыйааллара харалла сыталлар. Онтон хас да хартыыната, хаартыската киинэҕэ көстөр.

«Көһө сылдьар музей»

Айар бөлөх оччотооҕу кэм олоҕун-дьаһаҕын көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тиэрдибит. Ол курдук дьоруойдар таҥастарыгар-саптарыгар ураты болҕомто ууруллубут. Бу үлэни сүрүннээбит худуоһунньук Дария Дмитриева хайдах үлэлээбиттэрин кэпсээтэ, Иван Попов киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах сэдэх хаартыскаларын көрөр олус интэриэһинэй этэ диэтэ. Киниэхэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын худуоһунньуга Мария Иванова уонна “Сахафильм” хампаанньа үлэһитэ Татьяна Куличкина көмөлөспүттэр. Икки кырыйааччы уонна 10 иистэнньэҥ үлэлээбит. Литваттан киинэҕэ уһулларыгар эрэ кэлиэхтээх сүрүн оруолу толорор артыыс Дариус Гумаускас таҥаһын миэркэтин ылалларыгар туспа түбүккэ түспүттэр. Көстүүмнэрин манекеҥҥа кэтэрдэн көрө-көрө тикпиттэр. “Ол олус долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх этэ”, – диир Дария Дмитриева.    

Реквизитор Николай Татаринов кэпсээбитинэн, киинэҕэ 700-тэн тахса реквизит туттуллубут, итиннэ сорох ардыгар музейдартан уларсыбыттара ааҕыллыбат. Хас биирдии малы-салы, туттар тэрили, иһити-хомуоһу оҕо курдук бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыттар. Киинэ элбэх сиргэ уһуллубутун өйдөөн көрбүт буолуохтааххыт. Онон Николай айар бөлөх үлэтин көһө сылдьар музейга тэҥнээбитэ олус бэргэнник иһилиннэ.

– Сарсыарда реквизиппитин барытын тиэйэн барарбыт, киэһэ баазаҕа төттөрү аҕалан уурарбыт. Күн аайы оннук сылдьыбыппыт. Кырдьык, ыарахан этэ. Ол эрээри режиссер аламаҕай сыһыана барыбытыгар төһүү күүс буолбута.

Саха киинэтигэр энтузиастар үлэлииллэрин илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим. Ол иһин биһиги киинэбит аан дойдуга аатырар эбит. Ханнык да эйгэҕэ маннык үлүһүйэн, умсугуйан туран үлэлииллэрин көрбөтөҕүм, – диэтэ. 

Пресс-конференцияҕа экраҥҥа көстүбэтэх чахчылары иһиттибит. Холобур, Дариус Гумаускас визатын болдьоҕо кылгас, ол иһин бириэмэлэрэ ыгым эбит. Онуоха эбии баһаар, буруо эбии-сабыы буолбут. Ол эрээри айылҕа киинэҕэ улаханнык көмөлөспүт, тоҕоостоох кэмҥэ күн чаҕылыччы тыгар, туман көтөр, сиик түһэр эбит.

Анатолий Кириллин, тутар бөлөх салайааччыта:

– Дьиҥэр, урут Иван Попов хаартыскаларын, хартыыналарын үгүстүк көрөр этим. Ол эрээри бу бырайыак кэннэ кинини атын харахпынан арыйдым.

“Кэрэни көрбүт” – сүдү бырайыак. Ол иһин хас да бөлөххө арахсан үлэлээбиппит. Биһиги биригээдэбит 6-7 киһилээх этэ. Устар бөлөх тутуу бүппүтүн кэннэ кэлэрэ. Худуоһунньуктар сөҕүмэр үлэни оҥордулар. Таһаҕастара бүтүн массыына буолара. Итиччэ улахан сундууктары 4 киһи нэһиилэ көтөҕөрө.

Мин Любовь Борисовалыын иккитэ үлэлээтим. Режиссер шедеврдэри устар, онно хайдах эрэ баар буолан иһэбин (күлэр). Ол иннинэ “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэҕэ оонньообутум. Бу сырыыга эмиэ быстах оруолга кытынным. Бастаан таҥнан баран мээнэ олоруоҥ эрэ диэбиттэрэ. Ону баара саҥам киинэҕэ киирбит. Биир күн Люба озвучкаҕа кэлээр диэн соһуппута.

Удьуор худуоһунньуктар

Пресс-конференцияҕа Иван Васильевич Попов сиэнэ Иван Иванович Попов ыалдьыттаата. Кини устар бөлөх үлэтиттэн сөхпүтүн-махтайбытын үллэһиннэ, истиҥ махталын биллэрдэ. “Испэктээк курдук көрүөхпүт дии санаабыппыт, киинэ устар наһаа ыарахан, биир каадыр улахан үлэттэн, сыраттан тахсар эбит”, – диэтэ.

Иван Васильевич Попов саҕалаабытын кини сыдьааннара салҕыыллар.  Иван Иванович эһэтин уонна аҕатын туйахтарын хатаран, худуоһунньук идэлээх. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр. Гаврил Иванович – “Сахабэчээт” художественнай эрэдээктэрэ. Кыра бырааттара Василий космофизика институтугар үлэлиир.

НХМ генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофеева эһиил Иван Васильевич Попов үбүлүөйүгэр айар куттаах удьуор худуоһунньуктар үлэлэрин быыстапканан көрдөрүөхпүт диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.

 

«Хоруопка киирэрбэр этим тардыбыта...»

Ыстапаан Бересеков уобараһын чаҕылхайдык арыйбыт Александр Чичахов Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүгэр олорор. Кини Ой орто оскуолатыгар технология учууталынан үлэлиир. Кэргэннээх, үс оҕолоох.

Александр сүрүн оруолга тоҕо кастина суох талыллыбытын, ханнык эпизоду өр уһулбуттарын, кимниин доҕордоспутун “Киин куорат” ааҕааччыларыгар кэпсээтэ:

– Любовь Борисованы кытта “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэ премьератын кэннэ хаартыскаҕа түһүү буолбутугар көрсүбүппүт. Биһигини кэллиэгэм Прокопий Романович билиһиннэрбитэ уонна: “Бу киһи сирэйин-хараҕын көрөн кэбис, киинэҕэ уһуллуон сөп”, – диэбитэ. Ол саҕана Любовь Борисова Иван Попов туһунан матырыйаал хасыһа, ааҕа сылдьыбыт, миигин көрөөт да Бересековка майгыннаппыт. “Биир артыыһым бу сылдьар эбит”, – дии санаабыт. Ол иһин кастинг биллэрбэтэхтэрэ, Ыстапаан оруолугар тута миигин ыҥырбыттара.

Биир иллээх дьиэ кэргэн курдук үлэлээбиппит. Бары бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэр этибит. Дариус биһиккини бэрэсидьиэннэр курдук маанылыыллара: чэй кутан аҕалаллара, таҥыннараллара, гримнииллэрэ, туспа сынньанар сирдээх этибит. Дариустуун бастакы күммүтүттэн биир тылы булбуппут. Онон үлэлииргэ чэпчэки этэ. Итиэннэ Вячеслав Юговтыын доҕордоспутум, билиҥҥэ диэри билсэбит. 

Дариус – тыйаатыр режиссера. Киинэҕэ уһуллубут уопуттаах. Ол иһин киниэхэ дубль диэн аҕыйаҕа. Оттон мин билбэтим-көрбөтүм элбэҕэ, барыта сонун көстүү, саҥа арыйыы курдук этэ. Холобур, хонууга сүүрэрбин хос-хос уһулбуппут. Арааһа, 25 дубль буолбута быһыылаах. Сатаан сүүрбэт үһүбүн (күлэр). Төбөҥ хамсаабат диэбиттэрэ. Бу диэн эттэххэ, өйдөөн хаалбыт түгэним үгүс. Хоруопка киирэрбэр этим тардыбыта. Онно сытан:“Олох диэн, ама, маннык бүтэрэ буолуо дуо?” – диэн санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Киинэҕэ уһуллубуппуттан олус астынным, устар бөлөххө махтанабын.

Быыстапкаҕа Александр Чичахов үлэлэрэ эмиэ бааллар. Биирдэ бутафор эрийэн: “Мас иһит оҥоруоххун сөп дуо?” – диэн ыйыппыт. Онуоха артыыс тута сөбүлэспит, уруһуйун ыытаарыҥ диэбит. Итиэннэ луохтуур Сокольников иһиллиир стетоскобун оҥорбут. 

Александр Александрович “Ильмень үрдүнэн туруйалар” киинэҕэ хайыһардьыт, оттон “Ыллыктар” сериалга оскуола дириэктэрин оруолун толорбут. Норуодунай тыйаатырга оонньообута 10-тан тахса сыл буолбут. “Киинэҕэ өссө уһуллуоҥ этэ дуо?” диэн ыйытыыга: “Ыҥырдахтарына, сөбүлэһэбин буоллаҕа”, – диэн хоруйдаата.


“Кэрэни көрбүт” быыстапка кулун тутар 1 күнүгэр диэри үлэлиир. Ол чэрчитинэн музейга киинэни устубут айар бөлөҕү кытта көрсүһүүлэр ыытыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...