23.11.2024 | 10:00

«Керемясовcкай ааҕыылар»

«Керемясовcкай ааҕыылар»
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

РФ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх тренерэ, Дьокуускай куорат Тулагы нэһилиэгин уонна Чурапчы улууһун Чыаппаратын ытык олохтооҕо, көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, ССРС уонна СӨ спордун маастара Валерий Петрович Керемясов 65 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх дьаһаллар чэрчилэринэн 1-кы “Керемясовскай ааҕыылар” конференция үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар тустуунан дьарыктанар оҕолор, тренердэр ыҥырыллан кэлбиттэрэ ураты көстүү буолла. Валерий Петрович кэргэнэ Татьяна Витальевна, бииргэ төрөөбүт балтылара Лена, Сааскылаана Петровналар сылдьан, болҕойон иһиттилэр. В.П. Керемясов аатынан 3 №-дээх спорт оскуолатын дириэктэрэ Василий Уйгуров конференцияны киирии тылынан аста.

Конференция кыттыылаахтарын Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Евдокия Евсикова, “онлайн” ситиминэн аан дойду боруонса призера, аан дойду Кубогын кыайыылааҕа, Европа түөрт төгүллээх призера Владислав Андреев, Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Валентин Мурзенков, Ньурбаттан тренер Иван Бурнашов эҕэрдэлээтилэр. Тустууктары иитиигэ айымньылаах үлэлээх тренердэргэ, спорт оскуолаларын салайааччыларыгар Махтал суруктар, Бочуот грамоталара туттарылыннылар.

Спорт управлениетын начаалынньыга Эдуард Васильевич Ефимов куорат тоҕус спорт оскуолатыгар тыһыынчаттан тахса оҕо тустуунан дьарыктанарын, сүрүн болҕомто спордунан дьарыктанар оҕолор күүстээх санаалаах, туруоруммут сыалларын толорорго дьулуһар дьон, ситиһиилээх үлэһит буола иитиллэн тахсалларыгар уурулларын; бу сайын буолан ааспыт “Азия оҕолоро” Оонньууларга куорат оҕолоро 53 мэтээли, ол иһигэр Дьокуускай куорат иитиллээччитэ кыһыл көмүс мэтээли аҕалбытын, сылы үчүгэйдик түмүктээн эрэллэрин бэлиэтээтэ. Сэтинньи 30 күнүгэр “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар В.П. Керемясов кэриэһигэр анаммыт көҥүл тустууга Куорат чемпионата ыытылларын  санатта, көхтөөхтүк кэлэн көрөргө ыҥырда.

В.П. Керемясов бөҕөс быһыытынан уонна тренердээбит айар үлэтин туһунан   киэҥ ырытыылардаах, дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары спортоскуолалар дириэктэрдэрэ, тренердэр, тустуунан дьарыктанар оҕо спорт оскуолаларын иитиллээччилэрэ оҥордулар. Үөлээннээхтэрэ, доҕотторо Николай Кульбертинов, Николай Константинов, Гаврил Стручков, чугас аймахтара Валерий Лыткин, Петр Ефимов, Александра Захарова ахтыы тыллары эттилэр, махталларын биллэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэ спордун музейын дириэктэрэ Михаил  Друзьянов  В.П. Керемясов аатын сүгэр 3 №-дээх спорт оскуолатыгар Валерий Петрович бюст-пааматынньыгын туруорарга сиэрдээх этиини киллэрдэ.

Аан бастаан тэриллэн ыытыллыбыт “Керемясовскай ааҕыыларга” уон тустуук оҕо дакылааттаабыта сонуннук көһүннэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, аан дойду Кубогын призера, Атлантатааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа, педагогическай наука хандьыдаата Владимир Гаврильевич Торговкин конференция үлэтин  салайан ыытта. Дакылааттаабыт оҕолорун кытта тренердэрэ тэҥҥэ долгуйан олорон иһиттилэр. Марха оскуолатын VIII-с кылааһыгар үөрэнэр Вася Захаров “В.П. Керемясов оскуолатааҕы сыллара” (тр. Петр Петрович Черкашин), V-с кылааска үөрэнэр Витя Акимов “Тустуу оҕолорго суолтата” (сал. Наталья Альбертовна Акимова), Саха-политехническэй лицей VI-с кылааһыттан Вадим Петров “Тренер В.П. Керемясов дьарыктыыр ньымалара” (тр. Вячеслав Александрович Кривошапкин), 33 №-дээх орто оскуола VI-с кылааһыттан Эрсан Афонскай “В.П. Керемясов тренердиир үлэтэ” (тр. Виктория Семеновна Барашкова), Покровскай куораттан VII-с кыл. үөрэнээччитэ Петя Ефимов “Тустууктар династиялара” уо.д.а. – барыта 10 тустуук оҕо, оскуолалар дириэктэрдэрэ, тренердэр Мархаттан М.Н., Стручкова, Тулагыттан С.Е. Афанасьев, И.С. Иванова үлэлэрин уонна тустуу араас тиэмэлэрин сиһилии арыйдылар. 

Д.П. Коркин иитиллээччитэ, ССРС спордун маастара, физико-математическай наука хандьыдаата, Дьокуускай куорат тустууга федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ, конференцияны көҕүлээн тэрийсибит Дмитрий Афанасьевич Егоров: “Конференцияҕа сэттэ-аҕыс оскуола кытынна. Конференция Валерий Петрович “Оҕо сааһа”, “Оскуолатааҕы сыллара”, “Студеннаабыт кэмэ”, “Спорка ситиһиилэрэ”, “Тренерскэй үлэтэ” хайысхаларынан үллэриллэн ыытылынна. Кыттыыны ылбыт оскуолаларга, тренердэргэ махталбытын биллэрэбит. Сыллата ыытар туһунан этиилэр киирдилэр. Эһиил научнай-практическай конференция оҥоруохпут. Валерий Керемясов Чурапчытааҕы оскуола-интэринээккэ саамай уһуннук, бастакы кылаастан үөрэммитэ. Д.П. Коркиҥҥа 3-4 кылаастан тустуунан дьарыктаммыта. Наһаа бэрээдэктээх, бары боппуруостарга дириҥ өйдөбүллээх, ырааҕы көрөр буолан, Дмитрий Петровичка наһаа сөп түбэһэрэ. Тренерин сүбэтин этинэн-хаанынан толору ылынара. Бары предметтэргэ үчүгэйдик үөрэнэрэ, инники кэккэҕэ сылдьара. “5” сыананы ылаарыбыт куоталаһар буоларбыт. Үрдүкү кылаастарга математикабыт учуутала Екатерина Семеновна Лукина биһиэхэ, биэс-алта дьоҕурдаах оҕоҕо, факультатив ыытара. Оскуоланы 1977 сыллаахха бүтэрэрбитигэр Валера Керемясов уонна Алексей Стручков маастары толорбуттара. Оҕолорго ити улахан ситиһии этэ. Сэттиэ буолан университекка үөрэххэ тута киирбиппит: Валера – биолого-географическай факультекка, мин – физматка. Салгыы тустуунан Николай Егорович Степановка дьарыктаммыппыт. Сайынын спорт лааҕырыгар, илии үлэтигэр, иҥэмтэлээх эт-үүт аһылыкка университет уолаттара эбиллэн, сайдан аҕай кэлэрбит. Биолог быһыытынан идэтэ эрдэттэн былааннаммыт тренердиир үлэтигэр элбэҕи биэрбитэ, көмөлөспүтэ. Тустуук быһыытынан чаҕылхай истииллээҕэ, ураты буочардааҕа. Атахха түргэнник киириини, хоннохтон ылан “өттүгү“ уҥа-хаҥас оҥорору үчүгэйдик баһылаабыта. Тустууга айылҕаттан айдарыылаах В.П. Керемясов аатынан тустуу оскуола сайдарыгар кыһамньыбытын уура туруохпут”.

В.П. Керемясов хаан-уруу аймаҕа, убайа, Алаҕар нэһилиэгин ытык олохтооҕо, РФ үөрэҕин туйгуна, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна, 40 сыл физкултуура учууталынан үлэлээбит Петр Дмитриевич Ефимов: “Бииргэ төрөөбүт эдьиийим уола. Эр дьон эйгэтигэр улааппыта. Оҕо эрдэҕиттэн дуоспуруннаах, холку, киһи тылын өйдөөн истэр, толоругас. Тустуук буолуон олус баҕарара, Д.П. Коркины кумир оҥосторо, кини курдук буолуон баҕарара. Тустуу туһунан дуоһуйа кэпсиирэ. Тренер буоларга дьулуһара. Билиэн-көрүөн, саҥаны киллэриэн баҕалааҕа. Оскуола-интэринээккэ уһуннук үлэлээбит буоламмын, тустууктар тустарынан кэпсиирбин, сүбэлиирбин сэҥээрэн истэрэ. Орто Халыматтан кэлбит Женя Слепцов диэн оҕо туран эрэ 85 см үрдүгү ыстанара, 140 см планканы таарыйбакка ыстанара. Миэстэтиттэн 3 м 10 см ойоро. Ол оҕо кэлин саамай ыарахан ыйааһыннаахтарга сумоҕа аан дойдуну кыайбыта, улууһугар баһылыгынан үлэлээбитэ, билигин Ил Түмэн дьокутаата. Итинник “тестовай” упражнениелар айылҕаттан дьоҕурдаах оҕолору буларга табыгастаахтарын туһунан сүрдээҕин ылына истэрэ. Тустуу “тестарын” толкуйдуура. Психолог наадатын эмиэ быһааран кэпсиирим. Тустууктары дьарыктыырга усулуобуйа суох диэбитигэр биирдэ ДьПУ-1 кэннигэр турар быраҕыллыбыт кочегарка баар диэбиппин сэҥээрэн, куорат баһылыга Илья Михальчугу кытта кэпсэтэн, спорт саалата оҥоһуллубута”.

Спорт оскуолатын дириэктэрэ, тустуу маастара Василий Васильевич Уйгуров 1-кы конференция сүрүн сыала-соруга Улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, ССРС маастара, үтүөлээх тренер В.П. Керемясов дьоһун аатын үйэтитиигэ, тустуунан дьарыктанар оҕолору наукаҕа чугаһатан, дьон иннигэр тыл этэн, санааларын арыйа үөрэнэллэригэр, сайдалларыгар туһуламмытын, тренердэр уонна оҕолор эрдэ бэриллибит сорудаҕы эппиэтинэстээхтик ылынан, олус кыһаллан дакылааттаабыттарын, научнай-практическай конференция сыллата ыытыллыахтааҕын, дакылааттар, этиилэр сүнньүлэринэн үөрэтэр-иитэр үлэҕэ туһуламмыт босуобуйа тахсыахтааҕын, салгыы үлэлээһин хайысхаларыгар, оҕо спорт оскуолаларыгар баар итэҕэстэри туоратар дьаһаллар ылыллыахтаахтарын туһунан санаатын үллэһиннэ.

“Керемясовскай ааҕыыларга” көхтөөхтүк кыттан, дакылаат оҥорбут эдэр тустууктарга сертификаттар, кинигэлэр туттарылыннылар. 1-кы конференция үлэтин түмүгүнэн резолюция ылылынна.

Аатырбыт бөҕөс, үтүөлээх тренер дьоһун аата үөлээннээхтэринэн, үүнэр көлүөнэ тустууктарынан салҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....